24.11.2024

“Бар дьоҥҥо уйгулаах олоҕу анаары”

Балаҕан ыйын 2 күнүгэр Үөдэй нэһилиэгин «Ийэҕэ албан аат» түмэлигэр киэн туттар биир ыччаппыт, анал байыаннай дьайыыларга хорсун быһыыны көрдөрөн сырдык тыына быстыбыт Иван Яковлев аатын үйэтитэр “Бар дьоҥҥо уйгулаах олоҕу анаары” өйдөбүнньүк альбом-кинигэ сүрэхтэниитэ буолан ааста.

Кинигэни таҥан-наардаан, редакциялаан бэчээккэ таһааран үлэлэспит оскуола түмэлин салайааччыта Алексей Дмитриевич Яковлев кинигэ ис тутулун кэпсээтэ.

Өйдөбүнньук альбом-кинигэ “Дани-Алмас” ХЭУо типографиятыгар бэчээттэнэн тахсыбыт. Кинигэ ис тутула 15 салааҕа наарданан оҥоһуллубут. Ваня кылгас олоҕун үтүө кэмнэрин көрдөрөр 357 хаартыска, төрөппүттэрин, чугас дьоннорун, үөрэппит учууталларын, бииргэ үлэлээн алтыһан ааспыт доҕотторун, байыаннай дьайыыга сылдьыбыт табаарыстарын ахтыылара киирбиттэр. Маны сэргэ куйаар куодунан көстөр 7 видео таҥыллан  киирбитэ кэрэхсэнэр.

Бу кинигэҕэ  Ваня оҕо сааһа, оскуолатааҕы, студеннаабыт кэмнэрэ, армияҕа сулууспалаабыт, Ньурба Антоновкатыгар үлэлээбит сыллара барыта киирбиттэр. Бииргэ сулууспалаабыт уолаттара сэриигэ хайдах сылдьыбыттарын, Ваня бэйэтин хайдах көрдөрбүтүн туһунан ахтыылара.

Ваня кылгас да буоллар чаҕылхай олоҕо, курус да, дьоллоох да кэмнэрэ бу кинигэҕэ толору арыллыбыттар.

Кинигэ ыччаты, дьону-сэргэни патриотическай тыыҥҥа иитэр дириҥ  ис хоһооннооҕун кэлбит дьон бары бэлиэтээн эттилэр.

«Киэн туттабыт! Кэриэстиибит Эн Үрдүк ааккын!” – диэн Иван Яковлевка анаммыт киэҥ ис хоһоонноох быыстапка-экспозиция  истиҥ сэнээриини ылла,  кэлбит дьон ахта-саныы уйадыйа көрдүлэр.

Буойун ыччаттарбыт төрөөбүт дойдуга бэриниилэрэ, хорсун быһыылара инники көлүөнэҕэ үтүө холобур буолар. Саҥа кинигэни оскуола хайа баҕарар саастаах оҕотугар билиһиннэрэргэ,  сырдатарга көмөлөөх, үйэтитиигэ улахан суолталаах.

Матырыйаалы бэлэмнээтэ Сидорова Ксения Степановна, Үөдэй библиотеката

 

Мы используем cookie-файлы для наилучшего представления нашего сайта. Продолжая использовать этот сайт, вы соглашаетесь с использованием cookie-файлов.
Принять