14.10.2024

Санааларбын үллэстэр дьоллоохпун

Муус устар 8 күнүгэр, Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөрэҕириитин туйгуна,  Өрөспүүбүлүкэ Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, “Эҥсиэли” хаһыат ощественнай кэрэспэндьиэнэ,  улуустааҕы “Отуу уота” литературнай түмсүү бэрэссэдээтэлин солбуйааччыта, Ленскэй нэһилиэк быыбардыыр учаастагын бэрэссээдэтэлэ Прасковья Дмитриевна Байанаева үбүлүөйдээх-дьоро, айар күнэ ааста.

Айар Далбар бу күн  оҕолуу ыраас, сырдык, сыттыын-сымардыын минньигэс «Санааларбын үллэстэр дьоллоохпун» диэн кинигэлэрин биһирэмэ бар-дьонун, бииргэ үлэлиир коллегаларын, айар куттаах доҕотторун, аймахтарын, ыраахтан-чугастан биир түһүлгэҕэ муста.

Үөрүүлээх тэрээһин Илья Винокуров аат. Намнааҕы педагогическай колледжка ыытылынна.

Айар-суруйар айдарыылаахтар кэрэни  кэрэхсиир, тугу барытын сэргээн хоһуйар, көрбүттэрин үкчү ойуулуур урүуйдьут тэҥэ буолаллар. Айылҕаттан  бэриһиннэрбит дьикти талааннара арыллан, дьон-сэргэ билинэр суруйааччылара буолан тахсаллар.  Прасковья Дмитриевна 2013 сылтан Саха Өрөспүүбүлүкэтин Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, уонча сыл улуустааҕы “Отуу уота” литературнай түмсүү солбуйааччы бэрэссэдээтэлинэн үлэлиир.

Бу күннэргэ Прасковья Дмитриевна айар үлэтин чөкөтөн, наардаан 3 кинигэтин күн сирин көрдөрөн, дьонугар-сэргэтигэр бэлэх уунна.

“Иэйиилэрбин тиһэбин” — хоһоон хомуурунньуга;

“Санаабын үллэстэр дьоллоохпун” – бэчээккэ тахсыбыт эрээри, инники тахсыбыт хомуурунньуктарга киирбэтэх ыстатыйалара түмүллүбүттэр;

“Биир төбө — үчүгэй, икки төбө — ордук” – дьүөгэлэрин кытта кыттыгас ыстатыйаларын хомуурунньуга.

Үс саҥа тахсыбыт кинигэлэрин иннинэ Прасковья Дмитриевна 2008 с “Санаам далын арыйан”, 2012 с тахсыбыт  “Күһүҥҥү ньургуһун”,  2015 с.  «Семен Руфов тылбаастара — саха норуотун киэн туттуута” уонна 2017 с. “Дьонноох буолан, дьоллоох буолуу”  диэн кинигэлэрдээх.

Дьоро күҥҥэ Прасковья Дмитриевнаҕа “Нам улууһа” МТ сайдыытыгар кылаатын иһин уонна “СР профессиональнай үөрэҕириитин сайдыытыгар кылаатын иһин” бэлиэлэри туттардылар.

Истиҥ дьоро күммүт Айар Далбар киһитигэр Прасковья Дмитриевнаҕа тыл минньигэһин-мүөттээҕин, иэйииҥ хааттарбакка сурукка тиһиллэн бигэргэнэн истин,  үөрүү үрүмэччитинэн өрүүтүн дууһаҥ дьоллоннун диэн баҕа санаабытын өссө төгүл этэбит!

 

Мы используем cookie-файлы для наилучшего представления нашего сайта. Продолжая использовать этот сайт, вы соглашаетесь с использованием cookie-файлов.
Принять