25.11.2024

Бастакы Хомустаахха – өркөн өй түһүлгэтэ

     Биһиги библиотекабыт иһинэн олох тэтимнээх сайдыытын ситиһэр, ааҕааччы билиитин-көрүүтүн кэҥэтэн-ситэрэн биэрэр соруктаах «Толбон» интеллектуальнай кулууп  1998 сылтан саҕалаан тэриллэн үлэлиир. Бу сыллар усталарыгар араас хабааннаах бииртэн биир интэриэһинэй күрэхтэр ыытыллан кэллилэр…

 

      Быйыл сыл саҕатыгар Олоҥхо уонна Театр сылынан нэһилиэк бары тэрилтэлэрин икки ардыларыгар, оскуола үөрэнээччилэригэр анаан  интеллектуальнай күрэхтэри ыыппыт эбит буоллахпытына, сыл бүтүүтүгэр общественнай түмсүүлэрбит икки ардыларыгар  ыыттыбыт. Ол курдук ахсынньы ый 5 күнэ – өркөн өй түһүлгэтин күнүнэн буолла. Сарсыарда 11 чаастан саҕалаан, доруобуйаларынан хааччахтаах дьон декадаларын чэрчитинэн, “Үргэл” инвалидтар обществоларын салайааччыта Т.А.Березкина уонна “Алгыс” НАК буоламмыт “Дьиктилээх хонуу” диэн телевизионнай күрэххэ майгынныыр оонньууну ветераннар балаҕаннарыгар тэрийэн ыыттыбыт. Бу оонньууга Ленскэй, Хамаҕатта уонна Бастакы Хомустаах нэһилиэктэрин хамаандалара күөн көрүстүлэр. Супер оонньууга Бастакы Хомустаах хамаандатыттан Маргарита Максимова кыайыылааҕынан тахсыбыта, оттон саамай элбэх баалы хомуйбут хамаанда аатын Хамаҕатта нэһилиэгин далбар хотуттара ылан үөрэн-көтөн барбыттара.

      Эбиэттэн киэһэ, библиотекабыт уораҕайыгар, нэһилиэкпит общественнай түмсүүлэрин икки ардыгар “ТОК” интеллектуальнай күрэх буолла. Бу киэһэ ветераннар сэбиэттэрэ, “Ньургуһун” түмсүү, инвалидтар обществолара, булчуттар уонна балыксыттар түмсүүлэрэ күөн көрсүһүүлэрин түмүгэр муҥутуур кыайыылаах аатын “Ньургуһун” түмсүү ылла. Оттон хотторуу хомолтотун билбит хамаандалар аныгыс сырыыга хайаатар да кыайыахтаахпыт диэн бигэ санаалаах тарҕастылар. Маннык өркөн өй күрэхтэрэ бириэмэни туһалаахтык атаарары таһынан, түргэниик тобулан толкуйдуурга, булугас өйдөөх буоларга үөрэтэллэр, саҥаттан саҥаны билэргэ сирдииллэр.

   Жиркова Н.Д. Бастакы Хомустаах модельнай библиотекатын сэбиэдиссэйэ

Мы используем cookie-файлы для наилучшего представления нашего сайта. Продолжая использовать этот сайт, вы соглашаетесь с использованием cookie-файлов.
Принять