10.11.2024

Кириитик Николай Рыкунов саҥа кинигэтэ таҕыста

Сэтинньи 2 күнүгэр П.А. Ойуунускай аатынан литературнай түмэлгэ   киэн туттар биир дойдулаахпыт, Россия Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, талааннаах литературнай кириитик  Николай Рыкунов ырытыыларын, ыстатыйаларын хомуурунньуга  “Тыыннаах айымньы” диэн ааттанан дьоһун кинигэ буолан бэчээттэнэн тахсыбытын сүрэхтиир тэрээһин буолан ааста.

Кинигэ Саха Өрөспүүбүлүкэтин ыччат дьыалаларын уонна дьиэ кэргэн политикатын министерствотын үбүлээһининэн «Саха сирин эдэр суруйааччыта” серияҕа аан бастакынан тахсыбыт. Тираһа – 500 экз. Хомуйан бэчээккэ бэлэмнээтилэр Рустам Николаевич Каженкин, Гаврил Гаврилович Андросов.

Николай Рыкунов бу иккис кинигэтэ. Бастакы кинигэтэ “Үтүө үгэстэри тирэх оҥостон” диэн 2016 с бэчээттэммитэ. Хомойуох иһин кинигэлэрэ Николай  олохтон туораабытын кэннэ  күн сирин көрдүлэр. Кини баара буоллар  37 сааһын туолбут буолуо этэ…

Саҥа кинигэ сүрэхтэниитигэр  СР культура5а уонна духуобунай сайдыыга министрин солбуйааччыта Н.Макаров, СР ыччат дьыалаларын уонна дьиэ кэргэн политикатын министрэ А.Владимиров, народнай суруйааччылар  Н.Лугинов, С.Попов-Сэмэн Тумат, И.Мигалкин, суруйааччылар  Н.Винокуров-Урсун, Е.Слепцова –Куорсуннаах,  О.Сидоров,  тылбаасчыт А.Шапошникова, журналист Е.Избекова, эдэр суруйааччылар  А.Кузьмина, А.Попова, ХИФУ-га үөрэппит учууталлара  уо.д.а  Николай  Рыкунов туһунан истиҥник  ахтан-санаан туран, кини литературнай критикаҕа үлэтин үрдүктүк сыаналаатылар.  Тэрээһиҥҥэ  Нам улууһуттан  баһылык бастакы солбуйааччыта  И.И.Сивцева, культура управлениятын начальнига  Е.А.Заровняева, Н.М.Рыкунов аатынан Намнааҕы киин библиотекаттан Р.А.Гоголева, Р.Н.Дьяконова, ону тэҥэ Партизан нэһилиэгиттэн баһылык А.Н.Зырянов, Николай ийэтэ, бииргэ төрөөбүттэрэ, учууталлара, общественность кыттыыны ыллылар, кинигэ таһаарыытыгар  үлэлээбит дьоҥҥо  махтал тылларын анаатылар.

Николай чугас доҕотторо, биэчэри тэрийбит, иилээн-саҕалаан ыыппыт   Рустам  Каженкин, Гаврил  Андросов  Николай Рыкунов туһунан ахтыы кинигэ таһаарар былааннаахтарын уонна  “Тыыннаах айымньы” диэн саҥа кинигэ  сүрэхтэниитин Коля төрөөбүт улууһугар, Намҥа, ахсынньы саҥатыгар ыытарга баҕа санааларын биллэрдилэр.

Мы используем cookie-файлы для наилучшего представления нашего сайта. Продолжая использовать этот сайт, вы соглашаетесь с использованием cookie-файлов.
Принять