22.12.2024

Билсиҥ, саҥа кинигэлэр

 

Н.М.Рыкунов аатынан киин библиотека кыраайы үөрэтэр салаатыгар саҥа кэлбит кинигэлэри билиһиннэрэбит:

Материальная и духовная культура народов Якутии в музеях мира (XVII-начало XX вв.) = Material and spirtual culture of the peoples of Yakutia in world museums (17tn – early 20tn centuries) / Постоян. Форум ООН по вопросам корен. народов, Росс. ком. Международ. Союза музеев, М-во культуры и духов. Развития Респ. Саха (Якутия). – Якутск : Бичик, 2017. –   с. 

Дьоһуннаах альбом-каталог бастакы томугар эһиги билсиэххит Америка музейдарыгар баар саха, эбээн, юкагир норуоттарын баай материальнай культураларын кэпсиир, сырдатар коллекцияларын. Биһиги Сахабыт сирин араас муостан, мастан, тимиртэн чочуллубут оҥоһуктара, тирииттэн тигиллибит таҥастара, туостан оҥоһуллубут иһиттэрэ-хомуостара, хас эмэ үйэни уҥуордаан күн бүгүҥҥэ диэри, дойду араас муннуктарыгар хараллан сыталларын кэпсиир дьоһун кинигэни аҕыйах ахсааннаах норуоттары үөрэтэр, Аан дойдутааҕы ООН бастайааннай форума иилээн-саҕалаан бэчээттээн таһаарбыт. Кинигэҕэ киирбит бары коллекциялар туох материалтан оҥоһуллубуттара, хас сыллаахха ким биэрбитэ, хантан көстүбүтүн туһунан нуучча, английскай тылларынан сүрдээх үчүгэйдик быһааран суруллубута  ааҕааччы болҕомтотун тардар.

 

Григорий Андреевич Попов (1887-1942) : [фотографии, документы] / Акад. Наук Респ. Саха (Якутия) ; [сост. : Л. Н. Жукова, М. В. Долинина]. – Якутск : Алаас, 2017. – 104 с.

Саха сиригэр краеведческай хамсааһыны тэрийсибит дьонтон биирдэстэрэ, биллиилээх историк, учуонай хас эмэ үйэ анараа өртүгэр буолбут республикабыт историятын, биллэр-көстөр дьоммут олорон ааспыт олохторун үөрэппит, чинчийбит, элбэх үлэ ааптара Григорий Андреевич Попов буолар. Кини олоҕун, үлэтин хаартыскаларынан кэпсиир кинигэҕэ билсиэххит Григорий Андреевич төрөппүт ийэтин кыра эрдээҥҥи хаартыскатыттан саҕалаан, олорбут олоҕун устатын кэпсиир докумуоннары, хаартыскалары. Бу докумуоннары, хаартыскалары учуонай кэргэнэ Мария Яковлевна Попова харайан, үйэттэн үйэҕэ дьиэ кэргэнигэр биэрэн, биһиги көрөр, ааҕар дьоллоннубут. Кинигэҕэ киирбит хаартыскалары быһааран биэрбиттэр учуонай төрөппүт кыыһа, сиэннэрэ, аймахтара. Маны таһынан дэҥҥэ көстөр хаартыскалары Гуманитарнай чинчийэр институттан, Национальнай архивтан, Ем. Ярославскай аатынан история уонна культура музейыттан о.д.а. ылан туһаммыттар. Григорий Андреевич саамай үлэлээбит кэмнэрэ   Россия үрдүнэн политическай быһыы-майгы күүрээннээн турар кэмигэр, XX үйэ саҕаланыытыгар этэ. Кини политическай репрессияҕа түбэһэн Казахстаҥҥа хаайылла сытан 1930 сыллаахха олохтон туораабыта. Биһиги библиотекабытыгар кини үлэлэрэ түмүллэн киирбит аҕыс томнаах кинигэлэрэ бааллар. Кэнники сылларга  улууспут историятын, бэлиэ дьонун-сэргэтин кэпсиир кинигэлэр бэчээттэнэн тахсыылара элбээтэ. Ол курдук бу кинигэлэри таһаарыыга биһиги кыраайы үөрэтээччилэрбит Григорий Андреевич үлэлэрин элбэхтик туһаммыттара.

 

Михаил Носов : [альбом-каталог] / Ю. В. Луценко ; Национальный художественный музей Республики Саха (Якутия) ; [авт. ст. : Ю. В. Луценко (сост. Каталога), Е. С. Ноговицына, Г. В. Лаптева (Носова), М. М. Носов ; редкол. Г. Г. Неустроева, В. В. Тимофеева ; сост. раздела «Биобиблиографический указатель» А. Е. Константинова ; фотосъемка В. Н. Семенова]. – Якутск, 2017. – 200 с. : ил. – (Музей и художник)

Биһиэхэ художник, этнограф, кыраайы үөрэтээччи Михаил Михайлович Носов 1988 сыллаахха тахсыбыт “Художественные бытовые изделия якутов XVIII – начала XX веков” диэн кинигэтин кытта ааҕааччыларбыт элбэхтик билсэн тураллар. Онтон биһиги фондабытыгар Михаил Носов олоҕун, үлэтин кэпсиир өссө биир саҥа кинигэ эбилиннэ. Михаил Михайлович Саха сиригэр уруһуй искусствотын сайыннарбыт, оччотооҕу дьоммут туохха да тэҥнэммэт баай культураларын уруһуйдаан хаалларбыт биир киэн туттар киһибитинэн буолар. Кинигэҕэ Михаил Михайлович олоҕун туһунан киэҥник сырдатыллыбыт уонна урукку кэмҥэ ханна да тахсыбатах научнай ыстатыйалар, архыып матарыйааллара, хаартыскалар, художник уруһуйдара уонна ааҕааччыга көмөлөөх буоллун диэн    биобиблиографическай указатель киирбиттэр. Кинигэ ааҕааччы киэҥ араҥатыгар уонна Саха сиригэр XX-с үйэ бастакы аҥарыгар искусство, культура сайдыытын интириэһиргиир дьоҥҥо ананар.

Мы используем cookie-файлы для наилучшего представления нашего сайта. Продолжая использовать этот сайт, вы соглашаетесь с использованием cookie-файлов.
Принять