08.12.2024

Г. Н. Васильев – Мандар Намна ыалдьыттаата.

Россия уонна Саха сирин суруйааччыта, суруналыыс, Саха Республикатын култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Саха Республикатын бэчээтин туйгуна, Саха Республикатын суруналыыстарын «Кыһыл көмүс бөрүө» лауреата, Бүлүү улууһун Бочуоттаах гражданина  Георгий Никитич Васильев – Мандар Намна Н.М.Рыкунов аатынан Улуустаа5ы библиотека³а аа³ааччыларын кытта керустэ.

Көрсүһүүгэ Нам улууһун «Отуу уота» литературнай түмсүү суруйааччылара, «Эҥсиэли» хаһыат редакцията, кырдьаҕастар кыттыыны ыллылар.  Ааптар олоҕун кэрчик кэмнэрин, быстах түгэннэрин, айар үлэтин сырдатта. Кэлбит дьон ыйытыыларыгар эппиэттээтэ. Саҥа тахсыбыт кинигэлэрин, илии баттаан түҥэттэ.

Үйэтин тухары дьон, дойду туһа диэн үлэни өрө тутан, 40-тан тахса кинигэни суруйан бар дьонугар бэлэхтээбит Георгий Никитич өбүгэлэрбит үтүө үгэстэрин көлүөнэттэн көлүөнэҕэ тиэрдэр үтүө соруктаах үлэлиирин өссө төгүл итэҕэттэ.

Мы используем cookie-файлы для наилучшего представления нашего сайта. Продолжая использовать этот сайт, вы соглашаетесь с использованием cookie-файлов.
Принять