Алаас ааттаах, дойду сурахтаах диэн мээнэҕэ этиллибэт бэргэн тыл. Дойду сураҕырарыгар, аатырарыгар ханнык баҕарар эйгэҕэ дьоннор историяны оҥороллор. Спорт салаатыгар бастыҥнартан бастыҥнар история кэрэһиттэрэ буолан үйэ саас тухары көмүс буукубаларынан суруллаллар. Спорт-норуот таптала, өйө-санаата, күүһэ-уоҕа, модун кыаҕа-дьулуура, албан аата-суола, үөрүү үс өрөгөйө, кэлэр кэскилэ.
Биһиги Нам улууһун спорт историятыгар Россияҕа, Саха сиригэр бэйэлэрин чаҕылхайдык көрдөрбүт спортсменнарбытынан киэн туттабыт. Ол иһигэр биһиги киэн тутта ааттыыбыт төрөөбүт улууспут спордун историятын үөрэтэн, чиничийэн дьоҥҥо-сэргэҕэ, киэҥ эйгэҕэ таһаарбыт, спорт сайдыытыгар бэйэтин кылаатын киллэрбит “Гражданскай килбиэн” бэлиэ хаһаайынын, Россия спордун ветеранын. Саха сирин оскуолаларын үтүөлээх учууталын, СР Президенин гранын хаһаайынын,СР физическай культуратын туйгунун, “Саха-Азия оҕолоро” фонда лауреатын, Нам улууһун уонна Ленскэй нэһилиэк Ытык киһитин, боксаҕа спорт маастарын, үрдүкү категориялаах учууталын, Коммунистическай партия чилиэнин, салаайыччытын, үлэ ветеранын Валерий Романович Кутуковы.
Ахсынньы 17 күнүгэр ааҕар саалабытыгар Нам улууһун дьонугар-сэргэтигэр күндү бэлэх буолбут “Чемпионы из Намцев” диэн Валерий Романович бэлэмнээн-чочуйан оҕо курдук бүөбэйдээн хас эмэ сылы быһа матырыйаалын чөкөтөн, мунньан таһаарбыт дьоһун кинигэтин сүрэхтиир дьоро күн олус истиҥник-иһирэхтик буолан ааста. Кинигэ сүрэхтэниитигэр Валерий Романович кэргэнэ СР культуратын үтүөлээх үлэһитэ, Нам улууһун Ленскэй, Таастаах нэһилиэктэрин Ытык киһитэ Елена Александровна Кутукова, оҕолоро, чугас дьоно, аймахтара, бииргэ алтыспыт, үлэлэспит үөлээннэхтэрэ, спорт дьикти күүстээх абылаҥар үөрэппит үөрэнээччилэрэ, оҕолоро күндү ыалдьыт буоллулар.
Кинигэ быйыл 200 ахсаанынан, 144 сирэйинэн, нууччалыы, сахалыы тылларынан “Көмүөл” кинигэ кыһатыгар бэчээттэнэн тахсыбыт. Киирии тылын ааптар Валерий Романович бэйэтэ суруйбут. Кинигэ уопсайа уон түһүмэхтэн турар, ааптар архыыбыттан хаартыскалар киирэн кинигэни ситэрэн, хоторон, толорон биэрбиттэр.
Бу кинигэни илиилэригэр туппут ыалдьыттарбыт кинигэ ис сүрэхтэн олус баай ис хоһоонноохтук толору суруллубутун, бэриллибитин көрөн олус долгуйдулар, астыннылар.
Валерий Романович олорбут дьоһун олоҕун, сыратын биэрэн туран үлэлээбит үлэтин, кинигэтин тахсыытын туһунан кэргэнэ Елена Александровна олус истиҥ-иһирэх тылларынан сэһэргээтэ.
Дьоро күммүтүгэр бэйэлэрин эҕэрдэ тылларын тиэртилэр “Нам улууһа” МТ баһылыгын солбуйааччыта Мария Семеновна Игнатьева уонна “Ленскэй нэһилиэк” МТ баһылыгын солбуйааччыта Тимофей Егорович Охлопков. Кэлбит ыалдьыттар, аймахтара, бииргэ үлэлээбит үөлээннээхтэрэ, үөрэппит оҕолоро дьоһун кинигэ туһунан тус санааларын этэн, Валерий Романович сырдык аатын үтүө тылларынан ахтан, санаан аастылар.
2009 сыллаахха Валерий Романович аатыгар ыытыллыбыт улууска бокса күрэҕэр киниэхэ анаан “Бокс-тулуур, бокс-дьулуур” диэн ааттаан хоһоонун СР Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, оҕо саастара бииргэ ааспыт доҕоро Юрий Потапов-Саргын суруйан, Андрей Замятин мелодия айан Валерий Романовичка бэлэхтээбиттэрэ уонна ол күрэххэ аан бастаан толорон иһитиннэрбиттэрэ. Бу ырыаны Андрей Замятин толорон тэрээһиммитин өссө киэргэттэ, ыалдьыттарбытын долгутта. Ити курдук саҥа кинигэни сүрэхтиир бэлиэ күммүт олус истиҥник, ис сүрэхтэн буолан ыалдьыттарбыт махтал тылларын этэн тарҕастылар.
Бу кинигэ анала – бар дьону үтүөҕэ, олоҕу дьулуурдаахтык, тулуурдаахтык, айымньылаахтык, көхтөөхтүк олорууга сирдээһин, улуус спордун устуоруйатыгар бөдөҥ кылааты киллэрбит Валерий Романович Кутуков аатын үйэтитии буолар. Кинигэ ааҕааччы киэҥ эйгэтин хабан сэҥээриини ылыа диэн эрэнэбит.