09.12.2024

Сүбэ-мунньах

Эдэр суруйааччылар сүбэ-мунньахтарыгар сүүмэрдээһини ааһан Нам улууһун «Отуу уота» литературнай түмсүүттэн Оксана Васильева, Татьяна Михайлова-Кыталыына, Геннадий Игнатьев-Айыы Оҕото муус устар 3-5 күннэригэр Дьокуускайга XXlV Өрөспүүбүлүкэтээҕи эдэр суруйааччылар сүбэ-мунньахтарыгар кыттыыны ылыахтара

МИХАЙЛОВА ТАТЬЯНА ВАСИЛЬЕВНА-КЫТАЛЫЫНА

1982 с. муус устар 9 күнүгэр Нам нэһилиэ-гэр Нам сэлиэнньэтигэр төрөөбүтэ. 1999 с. Нам улуустааҕы гимназиятын ситиһиилээхтик бүтэрэн, СГУ филологическай факультетын бүтэрэн баран, аҕыйах сыл учууталлаабыта. 2005 с. улуустааҕы культура управлениетыгар киирэн үлэтин саҕалаабыта. 2008 с. Нам улуустааҕы кииннэммит библиотечнай ситимигэр күн бүгүнүгэр диэри сүрүннүүр библиотекарынан үлэлии сылдьар. Кэргэннээх, икки уол, икки кыыс оҕолоох. Бастакы суруйуутун устудьуоннуур сылларыгар «Тобул» устудьуоннар түмсүүлэриттэн саҕалаабыта. 2021 с. «Отуу уота» литературнай түмсүү
чилиэнэ

ВАСИЛЬЕВА ОКСАНА ЕГОРОВНА

1985 с. тохсунньу 14 күнүгэр Уус Алдан ураты айылҕалаах, куттаах-сүрдээх Курбуһах нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Оҕо сааһыттан олохсуйан олорбут иккис дойдута Нам улууһа. Үс оҕо амарах ийэтэ, тапталлаах кэргэн.

2021 с. Намнааҕы «Отуу уота», өрөспүү-бүлүкэтээҕи «Айар аартыкпыт аргыстара» диэн айар дьоҕурдаахтар түмсүүлэрин чи-лиэнэ. Хоһоон айарга баҕалааҕа оҕо эрдэҕиттэн биллибитэ. Билигин Намҥа иистэнэр

ательелаах, «Битик» диэн сахалыы истииллээх таҥас брендын хаһаайката, урбаанньыт. 23-с өрөспүүбүлүкэтээҕи эдэр суруйаач-чылар съезтэригэр ситиһиилээхтик кыттыбыта.

Игнатьев Генндий Геннадиевич–Айыы Оҕото

1994 с. бэс ыйын 7 күнүгэр Нам улууһун Үөдэй нэһилиэгэр төрөөбүтэ.
2011 с. З.П. Саввин аатынан Үөдэй орто оскуолатын бүтэрбитэ.
2015 с. Дьокуускайдааҕы культуура уонна исскуство колледжыгар үөрэнэн төрүт култуура салаатын бүтэрбитэ.
Үөдэй нэһилиэгин В.А. Зырянов аатынан «Сарыал» сынньалаҥ кииннин уус-уран салайааччынан үлэлиир.
Сахалыы сиэри-туому үөрэтэр, эдэр ыччакка тарҕатар. Саха тылыгар, сиэригэр-туомугар сыһыаннаах ситимҥэ страницаны салайар.
Хомуһунан үлүһүйэн дьарыгырар, оҕолору уһуйар.
2018 с. хоһоон суруйарга холонор.
2024 с. «Отуу уота» литературнай түмсүү чилиэнэ.

Мы используем cookie-файлы для наилучшего представления нашего сайта. Продолжая использовать этот сайт, вы соглашаетесь с использованием cookie-файлов.
Принять