Убаастабыллаах Майя Романовна!
Самаан сайыммыт чэлгийэн, өрө анньа үүнэн, силигилээн турар алыптаах кэмигэр, Күн саамай уһаан, арчылаах кэмҥэ күн сирин көрбүккүнэн, үтүөкэннээх үбүлүөйгүнэн ис сүрэхпититтэн итиитик – истиҥник эҕэрдэлиибит, сахалыы сайаҕас алгыспытын тиэрдэбит!
Эн республикаҕа биллэр библиотека тиһигин салайар директор быһыытынан үлэҕэр үрдүк эппиэтинэскин, ирдэбилгин, билиигин – корүүгүн, ис сүрэххин, дууһаҕын ууран үлэлииргин, олоххо актыыбынай көрүүгүн үрдүктүк сыаналыыбыт, холобур оностобут, киэн туттабыт.
Улуус, республика култууратын сайдыытыгар, кэлэр кэскил туһугар сатабылгын ууран тус кылааккын киллэрэҕин, дьон-сэргэ биһирэбилин, ытыктабылын ылаҕын.
Ылыммыккын ыһыктыбакка, дьулуспут соруккун олоххо киллэрэн, салгыы ситиһиилээхтик үлэлээн, айа-тута сырыт, саҥа үрдэллэр, кыайыылар кэлэ турдуннар!
Күндү Майя Романовна!
Таптыыр дьиэ-кэргэнин, аймах-билэ дьонуҥ, үгүс доҕотторуҥ махталларынан арыаллатан, бар дьонун истиҥ сыһыаннарынан кынаттанан дьоллоох уһун олохтон, алгыстаах тылын, дьоһуннаах олоҕун ыччаккар салҕаннын!
Эҕэрдэни кытта бииргэ үлэлиир коллегаларын.