22.11.2024

«Эҥсиэли хочото-айар кут түһүлгэтэ» улуустааҕы күөн күрэскэ кыттыыны ылыҥ

Дойдуга педагог уонна уһуйааччы, Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Үлэ, Нам улууһугар биир санааланыы уонна сомоҕолоһуу сылларыгар аналлаах улуустааҕы Үрүҥ Тунах ыһыаҕын «Эҥсиэли хочото-айар кут түһүлгэтэ” улуустааҕы хоһоонньуттар күөн күрэстэрин балаһыанньата

Буолар күнэ-дьыла: бэс ыйын 21 күнэ 2023 с., күнүс 14 ч.

Буолар сирэ: Нам улууһа, Нам сэлиэнньэтэ, «Эҥсиэли» сынньалаҥ парката, Алгыстаах кымыс түһүлгэтэ.

Тэрийээччилэр: Нам улууһун культураҕа уонна духуобунай сайдыыга управленията, Намнааҕы кииннэммит библиотека ситимэ, “Отуу уота” литературнай түмсүү

Күөн — күрэс сыала-соруга:

  • Айар, суруйар дьоҕуру сайыннарыы, уус уран ааҕыыны киэҥ эйгэҕэ тарҕатыы;
  • Олохтоох ааптардары көҕүлээһин, айымньыларын билиһиннэрии;
  • Уус-уран айымньы эйгэтигэр айар дьону түмүү, саҥа ааттары арыйыы;

Күөн күрэс сүрүн ирдэбиллэрэ:

Күрэскэ сааһынан икки бөлөххө арахсан кытталлар:

  • Ыччат дьон: 14-35 саастарыгар дылы
  • Улахан дьон: 36 саастарыттан үөһэ
  • Күрэс 2 түһүмэҕинэн ыытыллар:
  • 1 түһүмэх — ааптар учууталга, үлэҕэ, үлэһит киһиэхэ, сомоҕолоһууга, түмсүүлээх буолууга анаммыт, бэчээккэ тахсыбатах биир хоһоонун ааҕар. Хоһоон кээмэйэ 20 строка иһинэн буолуохтаах.

2 түһүмэх — “Тута хоһуйуу күрэҕэ”, бэриллибит тиэмэҕэ тута 4 строкаттан турар хоһоону айыы.

Дьүүллүүр сүбэ сыаналыыр ирдэбиллэрэ:

— хоһоону суруйуу сүрүн тутулун тутуһуу (размер, ритм, рифма);

— айымньы уратыта, ааптар туспа буочара, истиилэ;

— саха дириҥ баай ис хоһоонноох уус — уран тылын, сүмэһинин киэҥник туһаныы, ыйыллыбыт тиэмэни толору арыйыы;

— Дьүүллүүр сүбэ быһаарыыта бүтэһиктээх. Сайаапкалар күөн-күрэс бириэмэтигэр ылыллыбаттар.

Биһирэбил көрүҥнэрэ:

  • Хас биирдии бөлөххө I, II, III миэстэлэр олохтоноллор. Хас биирдии кыттааччыга Туоһу сурук туттарыллар.

 

Хоһоон тиэкиһэ уонна сайаапка бэс ыйын 16 күнүгэр дылы gogoleva_62@mail.ru «Хоһоон күрэҕэ” суруктаах электроннай почтаҕа ыытыллар. Сайаапка формата: 1 сыһыарыы

 

Сүрүннээччилэр:

Гоголева Раиса Алексеевна – Намнааҕы кииннэммит библиотека ситимин методиһа, 89841198364

Татаринов Алексей Михайлович – Удьурҕай – “Отуу уота” литературнай түмсүү салайааччыта, 89142659675

 

 

Мы используем cookie-файлы для наилучшего представления нашего сайта. Продолжая использовать этот сайт, вы соглашаетесь с использованием cookie-файлов.
Принять