26.12.2024

Хамаҕаттаҕа кэрэ-бэлиэ күн.

Сэтинньи 23 күнүгэр Хамаҕатта нэһилиэгэр олохтоох библиотека туспа киэҥ-куоҥ дьиэҕэ киирбитин бэлиэтиир дьоро күн буолла. 40-ча сыл кулуупка «дьукаах” буолан, кыараҕас хоско кыбыллан олорбут библиотека олохтоох администрация, Намнааҕы кииннэммит библиотека тиһигин салалтатын өйөөһүннэринэн орто оскуола мастарыскыайын өрөмүөннээн, сырдык, киэҥ дьиэлэммитэ нэһилиэк олохтоохторугар, ааҕааччыларыгар күндү бэлэх буолла.

Марина Саввична Корякина Хамаҕаттаҕа библиотекарынан 2013 сылтан үлэлиир.  Туспа дьиэлэммит киһи хара маҥнайгыттан хонноҕо аһыллан араас солун тэрээһиннэринэн номнуо дьон болҕомтотун тарта. Ол курдук, Кыайыы күнүн көрсө «Моя семейная реликвия» выставка-инсталляция; ХИФУ  «Теоретическая физика» кафедра профессора, доцент Борис Васильевич Яковлевы кытта көрсүһүү; «Иэйииттэн иэйии саҕыллар»-кинигэ сүрэхтэниитэ; «Чөл турук, бигэ тирэх-дьиэ кэргэн тутула» доруобуйа уонна кэрэ буолуу кистэлэҥэ күнэ, «Библионочь” аахсыйа уо.д.а. тэрээһиннэр ыытылыннылар. Библиотека өрөмүөнүгэр, тэрээһиннэри ыытыыга техүлэһит Надежда Федорова улахан күүс-көмө буолар.

Бу үөрүүлээх күнү бэлиэтииргэ библиотека сэбиэдиссэйэ Марина Саввична дьону түмэр дьоҕурун астына көрдүбүт. Эрдэттэн былааннаан киэҥ программа оҥоһуллубут. Ол курдук сарсыардаттан  «Хамаҕатта-мин дойдум» кинигэ быыстапката аһылынна, манна  нэһилиэк историятын, үтүө дьонун туһунан кинигэлэр, айар куттаах дьоно-сэргэтэ бэчээттэтэн таһаарбыт кинигэлэрэ турдулар.  Оскуола  алын сүһүөх кылаастарыгар З. А. Тихонова аатынан  “Түөлбэ” оҕо кииниттэн Маргарита Герасимова “Пластилиновая анимация» диэн пластилинынан араас дьоруойдары оҥорон хас хамсаныыларын хаартыскаҕа түһэрэн анал приложенияҕа мультик таҥан таһаарарга маастар-кылаас ыытта. Маны тэҥэ Хамаҕатта ыччата Сандал Иванов «Үтүө үгэс-мындыр үлэ» диэн персональнай быыстапката турда. Салгыы Намнааҕы оҕо модельнай библиотекатыттан Мария Эверстова орто сүһүөх кылаас үөрэнээччилэригэр «Маленький принц» остуоруйа бэчээккэ тахсыбыта  80-сылыгар анаммыт «Зорко одно лишь сердце» диэн оонньуулаах интегрированнай уруок ыытта. Эбиэттэн киэһэ улахан кылаас оҕолоругар Н.М. Рыкунов аатынан киин библиотекаттан Татьяна Михайлова «Где логика?» диэн өй оонньуутун ыытта. Ол кэмҥэ атын саалаҕа  «Сахабыт сирин кэрэтэ турист хараҕынан»- диэн айаны сөбүлүүр  «Үс хочо» хамаанданы кытта көрсүһүү истиҥ кэпсэтии быһыытынан буолла. Учуутал уонна Наставник сылынан Н.М. Рыкунов аатынан киин библиотекаттан Наталья Павлова эдэр педагогтарга  ПедКвиз «Большая перемена» оонньуу ыытта.

Бу дьоро күҥҥэ кэлбит ыалдьыттарынан буоллулар: “Хамаҕатта” МТ баһылыга С.Е.Ушницкай, улуустааҕы культура салаатын начальнига С.П.Ядрихинскай, Намнааҕы кииннэммит библиотечнай тиһик дириэктэрэ М.Р. Софронова, библиотечнай үлэ ветерана, 27 сыл библиотекарынан үтүө суобастаахтык үлэлээбит О.П.Емельянова, Хамаҕатта нэһилиэгин тэрилтэлэрэ, общественноһа. Тыл этээччилэр библиотека туспа киэҥ дьиэлэммитинэн эҕэрдэлээтилэр, үгүс үтүө тылы эттилэр, инникитин саҥа ситиһиилэри баҕардылар. Бу күн библиотека иһинэн үлэлиир «Ийэм маллаах иһитэ» куруһуок кыттыылаахтара илиинэн тикпит «Өттүк симэхтэрин» сахалыы таҥнан кэлэн  көрдөрдүлэр. Татьяна Гаврильева бэйэтин ырыатынан тэрээһини киэргэттэ. Дьоро күн минньигэс астаах фуршетынан түмүктэннэ.

Мы используем cookie-файлы для наилучшего представления нашего сайта. Продолжая использовать этот сайт, вы соглашаетесь с использованием cookie-файлов.
Принять