08.12.2024

Өрөспүүбүлүкэтээҕи «Чолбон өй күрэһэ. Улахан оонньуу»

Россияҕа ДЬИЭ КЭРГЭН, Саха сиригэр ОҔО СААС сылларыгар аналлаах «ЧОЛБОН» сурунаал өрөспүүбүлүкэ 12 улууһун уонна Дьокуускай куораты хабан «ЧОЛБОН ӨЙ КҮРЭҺЭ» – өркөн өй оонньуутун биллэрдэ.

Нам улууһугар кулун тутар 19 күнүгэр Н.М.Рыкунов аатынан Нам киин библиотекатыгар улуустааҕы түһүмэх ыытыллар. Күрэһи «Чолбон» сурунаал редакцията кэлэн, тэрийэн ыытар, кыттааччыларга туоһу суруктар, бириистэр туттарыллыахтара. Кыайыылаах дьиэ-кэргэн финалга киирэн, улуус чиэһин көмүскүөҕэ.

Күндү улууспут олохтоохторо, сахалыы ааҕыыны сөбүлүүр дьоммут-сэргэбит! Түгэни мүччү туппакка, улахан күрэскэ кыттаргытыгар, дьиэ-кэргэни сомоҕолуур улахан тэрээһиҥҥэ кыттыһын диэн ыҥырабыт! ,!

Сиһилии балаһыанньаны олохтоох библиотекалартан эбэтэр 41-7-59, 89841198364, 89142788944 эрийэн билсиҥ.

«ЧОЛБОН ӨЙ КҮРЭҺЭ. УЛАХАН ООННЬУУ» балаһыанньата

  1. СҮРҮН ТОРУМА

1.1. Бу Россияҕа Дьиэ кэргэн уонна Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Оҕо саас сылларыгар аналлаах «Чолбон өй күрэһэ. Улахан оонньууну» (мантан аллараа күрэс) «Чолбон» сурунаал эрэдээксийэтэ партнердарын кытары тэрийэр;

1.2. Күрэс дьон-сэргэ уус-уран литератураҕа уонна суруйааччылар олохторугар билиитигэр-көрүүтүгэр сигэнэр;

1.3. Күрэс икки түһүмэҕинэн ыытыллыаҕа: 1-гы – ТУРГУТУУ (улуустарга ыытыллар), 2-с – ФИНАЛ (Дьокуускай куоракка ыытыллар).

  1. 2КҮРЭС СЫАЛА-СОРУГА

2.1. Дьиэ кэргэн болҕомтотун саха уус-уран литературатыгар тардыы;

2.2. Сахалыы уус-уран литератураны ааҕыыны көҕүлээһин;

2.3. Сахалыы ааҕар, литератураны таптыыр дьону булан түмүү, иитии уонна өйөөһүн.

  1. КҮРЭС КЫТТЫЫЛААХТАРА

 3.1. Хас биирдии хамаанда үс (3) киһиттэн туруохтаах: 5-с кылаастан үөһээ оскуола үөрэнээччитэ, төрөппүт уонна эһэ эбэтэр эбэ (эһэ биитэр эбэ бииргэ төрөөбүтэ кыттыан сөп);

3.2. Хамаанда кыттыытын иһин 800 солкуобай төлүүр эбэтэр «Чолбон» сурунаалга сыллааҕы сурутуутун квитанциятын көрдөрөр;

3.3. Күрэс түмүгэр элбэх очкону хомуйбут хамаанда кыайар;

3.4. Күрэс биэс түһүмэхтэн турар (суругунан литератураны төрүттээччилэр, бастакы норуот суруйааччылара, Аҕа дойду Улуу сэриитин кэминээҕи литература, 60-90-с сыллардааҕы литература, билиҥҥи кэм литературата).

  1. НАҔАРААДАЛААҺЫН

4.1. Күрэс түмүгүнэн очколарынан 1-гы, 2-с уонна 3-с миэстэлээх хамаандалар быһаарыллаллар. Ону сэргэ икки түһүмэх түмүгүнэн бастыҥ уонна көхтөөх кыттааччыларга биирдиилээн анал бириистэр олохтонуохтара;

4.2. Улууска кыайбыт хамаанда өрөспүүбүлүкэтээҕи түһүмэххэ кыттарга туоһу суругу ылар;

4.3. Финал (өрөспүүбүлүкэтээҕи түһүмэх) Дьокуускай куоракка ыытыллыаҕа уонна «САХА» НКИК көрдөрүллүөҕэ. Бу түһүмэххэ бастаабыт хамаанда Өлүөнэ очуостарыгар сынньанар путевканан наҕараадаланыаҕа.

            Күрэс хаамыыта сонуну киэҥник тарҕатар ньымалар нөҥүө киэҥник сырдатыллыаҕа.

Мы используем cookie-файлы для наилучшего представления нашего сайта. Продолжая использовать этот сайт, вы соглашаетесь с использованием cookie-файлов.
Принять