22.11.2024

III төгүлүн ыытыллар Замятинскай ааҕыы

                   Нам улууһун, Эҥсиэли хочотун историятын суруйан, дьонун-сэргэтин олоҕун, үлэтин көрдөрөн үйэлэргэ сүппэт дьоһуннаах кылааты кэлэр эдэр дьоммутугар кэриэс бэлэх гынан хаалларбыт дьоннорунан биирдэстэринэн  Терентий Иванович Замятин буолар.                                                                                                                                                                                                              РФ үтүөлээх экономиһа, СӨ тыа хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, кыраайы үөрэтээччи, Нам улууһун бочуоттаах киһитэ, «Отуу уота» литературнай түмсүүнү тэрийсибит  Терентий Иванович Замятин 2020 сылга ахсынньы 6 күнүгэр төрөөбүтэ 95 сылын туолар.

                   Терентий Иванович бэлэмнээбит чахчылаах сыыппараларынан пропагандистарга, лектордарга, политинформатордарга анал көмө матырыйааллар хаһыакка бэчээттэнэн тахсаллара. Кэлин ол хаһыакка туттууллубут матырыйаалларын “Эҥсиэли хочотугар” кинигэтигэр туттубута.

                   1996 сыллаахха “Эҥсиэли хочотугар” кинигэ ситэн-хотон кэҥэтиллэн тахсан, улууһун туһунан билиэн-көрүөн, үөрэтиэн баҕалаахтарга дьоһун бэлэх буолбута. 2005 сыллаахха “Олох иһин охсуһуу” кинигэтигэр араас сылларга улуустааҕы хаһыакка бэчээттэммит ыстатыйалара хомуллан хомуурунньук буолан тахсыбыта.

                   Терентий Иванович Замятин 95 сыллаах үбүлүөйдээх күнүн чэрчитинэн,  кини сырдык аатын үйэтитээри уонна улууспут историятыгар болҕомтону уураары сэтинньи ый 12 күнүттэн-ахсынньы ый 12 күнүгэр диэри «Ыччаттарбар кэс тылым» (ааҕыы балаһыанньата)   диэн куйаар ситимин нөҥүө Замятинскай ааҕыы буолар. Замятинскай ааҕыылары тэрийэн ыыталлар Н.М. Рыкунов аат. киин библиотека, Никольскай нэһилиэгин алын сүһүөх оскуолата, И.С.Шарапов аат. сири туһаныы музейа, Т.И. Замятин дьиэ кэргэнэ, Ленскэй нэһилиэгин «Ипподром» түөлбэтэ. Ааҕыы сыалынан-соругунан төрөөбүт түөлбэнэн, биллэр-көстөр биир дойдулаахтарбытынан  киэн туттуу, үйэтитии, нэһилиэнньэҕэ тарҕатыы буолар.

                   Замятинскай ааҕыы түөрт хайысханан ыытыллыаҕа:

                   Бастакы хайысха: «Хочом дьонугар аныыбын» — (Т.И. Замятин  хоһоонноруттан  сөбүлээбит айымньыгытын  өйтөн  эбэтэр кинигэттэн көрөн туран дорҕоонноохтук ааҕан биирдиилээн эбэтэр бөлөҕүнэн   видеоҕа устан ыытаҕыт);

                   Иккис хайысха: «Дойдум дьоно, төрөөбүт төрүт түөлбэм»  улуус нэһилиэктэрин историята, кыраайы үөрэтээччилэри, нэһилиэк киэн туттар дьонун олохторун, үлэлэрин туһунан кэпсээһин

                   Үһүс хайысха: «Дойду сурахтаах, алаас ааттаах” — төрөөбүт дойду топонимиката (сир-уот ааттарын үөрэтии)

                   Төрдүс хайысха: «Өбүгэм туһунан иһирэхтик” — төрүччү (саха киһитэ бэйэтин төрдүн-ууһун, кини иннинэ олоро сылдьыбыт өбүгэлэрин, биллэр-көстөр, бэлиэ буолбут сатабылларын, өйгө-санааҕа хаалар уратыларын чинчийии)

           Күндү дьоммут ким кыттыан, сиһилии билсиэн баҕалаахтар бу номерга тахсаҕыт 89243674149; 89241665305, 8914278894

    Замятин Терентий Иванович

(06.12.1925 – 11.08.2003)

РФ үтүөлээх экономиһа, СӨ тыа хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, кыраайы үөрэтээччи, Нам улууһун Бочуоттаах киһитэ, «Отуу уота» литературнай түмсүүнү тэрийсибит.

1925 сыллаахха Нам улууһун Мурчуку II Хомустаах нэһилиэгэр                         (билиҥҥитинэн Никольскай нэһилиэгин, Сэдэҥэ диэн Лена өрүс арыытыгар) ахсынньы ый 6 күнүгэр, дьадаҥы бааһынай кэргэнигэр төрөөбүтэ. VII кылааһы Аҕа дойдуну көмүскүүр сэрии саҕана хоту Булуҥ оройуонугар, Тиит-Арыы бөһүөлэгэр үөрэнэн бүтэрбитэ.

1943 с. балык собуотугар балык тууһааччынан үлэтин саҕалаабыт.

1944 с. 18 сааһын туолан Күһүүрдээҕи байыаннай комиссияны баран, доруобуйатынан сыыллан Булуҥҥа НКВД отделыгар милицияҕа үлэҕэ хаалларыллар.

1944 с. муус-устар ыйтан Быков Мыс нэһилиэгэр ааҕар балаҕан сэбиэдиссэйинэн ыытыллар, онтон күһүн Булуҥҥа төттөрү ыҥырыллан комсомол райкомун инструкторынан ананар.

1946 с. Якутскай оройуон киинигэр Улахан Мархаҕа УНХУ(Райстат) диэн тэрилтэҕэ бастаан статистигынан, онтон участковай инспекторынан үлэлиир.

1948-1951 сылларга Намҥа көһөн участковай инспекторынан,

1951-1952 сылларга Аллараа Халымаҕа инспекторынан,

1953-1959 сылларга Уус-Алдаҥҥа оройуоннай инспекторынан үлэлиир.

1959 с. сэтинньи ыйтан Якутскайдааҕы Статистическай управленияҕа бастаан тыа хаһаайыстыбатыгар, онтон промышленноска, своднай отделларга старшай экономиһынан, кэлин промышленность, тутуу, транспорт уонна сибээс отделын начальнига.

1961-1962 сылларга саҥа тэриллибит Приленскэй территориальнай инспектура начальнига.

1965 с. арахсыы кэнниттэн Нам райстатын оройуоннай инспектора.

1975-1986 сылларга  Намҥа РИВС начальнигынан үлэлиир.

                   Ол иһигэр Нам совхозка партком секретарынан, тыа хаһаайыстыбатын управлениятыгар главнай бухгаалтарынан, главнай экономиһынан, пенсияҕа тахсан баран МПМКҕа, музейга, Бөтүҥ совхозка, кэлин Райсовет плановай отделыгар 1993 с. муус устар ыйга диэри старшай экономиһынан үлэлээн баран доруобуйатынан пенсияҕа тахсыбыта.

                   Терентий Иванович ССРС социалистическай учетун туйгуна, РСФСР үтүөлээх экономиһа, Саха АССР норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, Нам улууһун Бочуоттаах киһитэ, Компартия, үлэ, тыыл ветерана, элбэх Правительственнай Почетнай грамоталардаах уонна мэтээллэрдээх.

                    Элбэх общественнай үлэтин таһынан Нам оройуонун(улууһун) историятын 1961 сылтан үөрэтэн «Эҥсиэли хочотугар» монография,  «Олох иһин охсуһуу» диэн үлэлэрэ тахсыталаабыттара.

                   Терентий Иванович  1945 сылтан саҕалаан  ырыа тылларын, хоһооннорун суруйан, барыта 30-тан тахса үлэлээх, ол иһигэр 5 норуотугар киэҥник биллибит ырыалардаах.

                    Улууһун туһугар, эдэр көлүөнэ билиилээх-көрүүлээх буоларын туһугар Терентий Иванович Замятин олорон ааспыт олоҕо, оройуон историятыгар элбэх үлэлэри хаалларбыта туоһулууллар.                     

Мы используем cookie-файлы для наилучшего представления нашего сайта. Продолжая использовать этот сайт, вы соглашаетесь с использованием cookie-файлов.
Принять