24.12.2024

Истиҥ көрсүһүү

Олунньу 15 күнүгэр  Н.М. Рыкунов аатынан киин библиотека ааҕар саалатыгар биир дойдулаахпыт, педагогическай наука кандидата, доцент, РФ үрдүкү профессиональнай үөрэхтээһинин бочуоттаах үлэһитэ, РФ норуотун үөрэҕириитин туйгуна, Максим Кирович Аммосов аатынан Хотугулуу-Илиҥҥи Федеральнай университет бочуоттаах бэтэрээнэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин  суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ, Москваҕа суруйааччылар сойуустарын Аан дойдутааҕы сообществотын чилиэнэ, РФ тылбаасчыттарын сойууһун чилиэнэ, “Нам улууһа МТ сайдыытыгар кылаатын иһин” бэлиэ хаһаайына, Нам улууһун Ытык киһитэ, үгүс научнай үлэ, уус-уран кинигэ ааптара  Лина Михайловна Сабарайкина-Алтааны ыалдьыттаата.

Ханна да сырыттаххына төрөөбүт дойду сылааһа, ахтылҕана киһини кууһар. Лина Михайловна үөрэн-көтөн туран Намын улууһун дьонун кытта көрүстэ. 

Үөрүүлээх тэрээһиҥҥэ улуус баһылыгын солбуйааччыта Петр Абрамов, Хатыҥ-Арыы дьаһалтатын сүрүннүүр специалиһа Надежда Сивцева, улуустааҕы культура уонна духуобунай сайдыы управлениетын начальнига Елена Заровняева, улуустааҕы үөрэх управлениетын начальнига  Екатерина Ядреева, Ленскэй нэһилиэк депутаттарын сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Александр Кириллин, социальнай боппуруостарга кылаабынай специалист Дария Егорова, Хамаҕатта нэһилиэгин саха-французскай лицей, И. Д. Винокуров-Чаҕылҕан аатынан Намнааҕы алын сүһүөх оскуола коллективтара, бииргэ алтыспыт үөлээннээхтэрэ, дьүөгэлэрэ, аймахтара эҕэрдэ тылларын анаатылар.

Лина Михайловна Сабарайкина 1939 сыллаахха Намҥа учууталлар дьиэ-кэргэҥҥэ аам-даам тымныылаах ахсынньы ыйга күн сирин көрбүтэ. Ийэтэ Евдокия Дорофеевна саха тылын уонна литературатын учууталынан, аҕата Михаил Кириллович Сабарайкин – Тааттаттан төрүттээх, Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, математика уонна биология учууталынан, оскуола директорынан үлэлээбиттэр. Лина Михайловна оҕо эрдэҕиттэн литература, искусство эйгэтигэр алтыһан улааппыта, кыра сааһыттан хоһоон суруйар буолбута. Орто оскуоланы бүтэрэн Иркутскайдааҕы педагогическай институт омук тылын факультетыгар үөрэнэн, французскай-немецкэй омук тылларын учууталын идэтин ылбыта. Үөрэҕин бүтэрэн французскай тыл учууталынан Нам орто оскуолатыгар үлэлээбит. 1967 сылтан Саха Государственнай университетыгар омук тыла факультета аһыллыбытыгар французскай тыл преподавателинэн 2015 сылга дылы үлэлээн кэлбитэ.

Лина Михайловна  университекка омук тылын факультетын төрүттэспит дьоннортон биирдэстэрэ. 1966 сылтан элбэх киһи Лина Михайловна көмөтүнэн француз  омук тылын олохтоохтук үөрэтэн, республика араас салааларыгар ситиһиилээхтик үлэлииллэр.

Лина Михайловна саха норуотун Улуу айымньытын “Улуу Кудаҥса” олоҥхону сахалыыттан француз тылыгар тылбаастаабыт улахан өҥөлөөх. Ол үлэтигэр этнограф, этнолог Жак Карро ыкса үлэлэспитэ, эрэдээктэр буолбута. 

Лина Михайловна  учуутал, уһуйааччы эрэ буолбатах, талааннаах киһи эргиччи талааннаах диэн буолар. Лина Михайловна өссө айымньылаах суруйааччы буолар.  Оҕо-аймах сөбүлээн ааҕар умсугутуулаах кэпсээннэрин, «Кыыл-сүөл эйгэтигэр»,  «Ааныкчаан сибэкки-Күн кыыһа»,  оскуолаҕа киириэн иннинээҕи саастаах оҕолор таптаан ааҕар хоһоонноро «Куобах-куобах барахсан»,  «Сарыал” онтон да атыттары суруйан оҕо-ааҕааччы болҕомтотун ылбыта. Маны таһынан саха прозатыгар «Көрбүтүм күн олорор этэ» (2010),  «Хаарыан күн хааллаҕа» (2014),  «Чээ Кээчэ барахсан» (2019) диэн кэпсээннэр, сэһэннэр кинигэлэрин бэчээттэппитэ. Бу кинигэлэригэр саха дьахтарын дьылҕата, кини түбүгэ, ис эйгэтэ, таптала, анала, мунчаарыыта, эрэлэ истиҥник ойууланар. 

Лина Михайловна уһун сыралаах үлэтин түмүгүнэн, таайа Илья Дорофеевич Винокуров-Чаҕылҕан 100 сааһыгар анаан “Бичик” кинигэ кыһатыгар “Илья Дорофеевич Винокуров-Чаҕылҕан” «Саха киэн туттар дьоно” серияҕа ахтыылары хомуйан,  Винокуров Артур Ильичтиин оҥорбута. 2004 сыллаахха “Саха суруйааччылара оҕолорго” сериянан Чаҕылҕан хоһооннорун, остуоруйаларын, кэпсээннэрин, тылбаастарын  кинигэ оҥорон, хомуйан таһааттарбыта. 2014  сыллаахха Чаҕылҕан «Ньургустай Куо” романтическай поэматын бэчээккэ бэлэмнээн киирии тылын суруйан таһааттарбыта. Күн күбэй ийэтин Евдокия Дорофеевна Винокурова олоҕун, үлэтин кэпсиир кинигэни 2009 сыллаахха “Истиҥ иһирэх тылынан”,  2019 сыллаахха “Сүрэхтэн сүппэт иһирэх тылынан” кинигэлэри таһаарбыта.

Оҕо эрдэхтэн  дьүөгэлээх, табаарыстаах буоллахха, ол киһи дьоллоох буолар диэн этэн эрдэхтэрэ.  Көрсүһүү түмүгэр Лина Михайловна бииргэ үөрэммит оскуолатааҕы дьүөгэлэрэ  Варвара Куприяновна Попова уонна Анна Егоровна Гуляева оҕо, эдэр cаастарын санаан ыланнар атын эйгэҕэ киирэн ыллыбыт.

Лина Михайловна айар үлэтинэн үгүстүк Николай Михайлович Рыкуновтуун ыкса сибээстээхтик үлэлииллэрэ, ол кэмҥэ Николай Михайлович кэргэнин Евдокия Ивановна Рыкунованы кытта билиһиннэрэн, ол күнтэн ыла Лина Михайловналаах доҕордуулар. Бу тэрээһиҥҥэ Евдокия Ивановна  оччотооҕу умнуллубат түгэннэринэн ахтыы оҥордо. 

Истиҥ кэпсэтиибит сэлэһии-кэпсэтии, ырыалаах-тойуктаах буолан  сэргэхтик барда.   ХСФЛ учууталлара Елизавета Аммосова, Ольга Новгородова, Вероника Лукина уонна Францияттан сылдьар Арольд Можеры «Хайыһар» ырыаны үс тылынан –сахалыы, нууччалыы уонна французстуу тылбаастаан,  ыллаан сэҥээриини ыллылар,  Францияттан сылдьар Арольд Можер сахалыы эҕэрдэтэ дьон ураты болҕомтотун тарта. Манна даҕатан эттэххэ,  1994-96 сылларга Хамаҕатта нэһилиэгин саха-французкай лицейа  университет филиала буолбут эбит.

Илья Дорофеевич Винокуров-Чаҕылҕан аатынан  алын сүһүөх оскуола коллектива (директор Слепцова Надежда Гаврильевна) «Ветераннар» (В.Ушницкай тыллара, В. Егоров мелодията) ырыаны ыллаан иһийэн ыллыбыт.

Ити курдук Лина Михайловна Сабарайкина-Алтааны дьоһун сааһын бэлиэтээн дьоро күммүт бэрт интэриэһинэйдик, сэргэхтик ааста.

 

Наталья Павлова

Н.М.Рыкунов аатынан Нам киин библиотекатын

 ааҕааччыны кытта үлэлиир салаа сэбиэдиссэйэ.

Мы используем cookie-файлы для наилучшего представления нашего сайта. Продолжая использовать этот сайт, вы соглашаетесь с использованием cookie-файлов.
Принять