09.11.2024

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Судаарыстыбаннаһын күнэ

Балаҕан ыйын 27 күнүгэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин Судаарыстыбаннаһын күнүн бэлиэтиир тэрээһиннэргэ улууспут библиотекалара көхтөөх кыттыыны ыллылар. Ол курдук, Нам кииниттэн саҕалаан ыраах нэһилиэктэри хабан үгүс тэрээһиннэр ыытылыннылар. Уһуйааннарга, оскуолаларга, библиотекаларга  төрөөбүт дойдунан, чулуу дьоммутунан киэн туттуу, дойдуга бэриниилээх буолууга анаммыт патриотизм уруоктара, краеведческай чаастар, кинигэ быыстапкаларын билиһиннэрии, төрөөбүт дойду туһунан хоһооннору дорҕоонноохтук ааҕыы буоллулар. Нэһилиэктэр  тэрилтэлэрин, түөлбэлэрин икки ардыларыгар интеллектуальнай оонньуулар бэрт сэргэхтик ыытылыннылар. Тэрээһиннэр бу нэдиэлэ устата салҕанан бараллар.

 

Мы используем cookie-файлы для наилучшего представления нашего сайта. Продолжая использовать этот сайт, вы соглашаетесь с использованием cookie-файлов.
Принять