22.11.2024

Иван Мигалкин: «Киһи истиҥ сыһыаныттан, киһи сүргэтэ көтөҕүллэр»

Николай Рыкунов аатынан улуустааҕы киин библиотекаҕа кулун тутар 14 күнүгэр поэт, тылбаасчыт, оҕо суруйааччыта, публицист, Саха Өрөспүүбүлүкэтин суруйаааччыларын Сойууһун бэрэссэдээтэлэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуодунай поэта Иван Васильевич Мигалкины кытта көрсүһүү буолла.

Cанааны

Сайа аһан,

Дууһаны

Толору арыйан

Истиҥник сэһэргэһии

Бу буолар –

Сылааны таһаарыы…

Иван Мигалкин «Истиҥ сэһэргэһии» диэн хоһоонуттан  кэпсэтиибит саҕаланна. Көрсүһүүгэ оскуола үөрэнээччилэрэ уонна «Отуу уота» литературнай түмсүү чилиэннэрэ, кини айымньыларын сэргээччилэр кэлэн ирэ-хоро кэпсэтэн, үөрүү-көтүү эҥэрдэнэн, биир кэрэ кэмҥэ үктэнэн бардылар.

            Иван Васильевич, кырачаан Уйбаан  олоххо туох өйдөбүллээҕиттэн саҕалаан, олох улахан суолугар кимниин алтыспытын, хайдах дьылҕатын дьоһуннаах суолун тэлбитин, суруйааччы,  айар киһи быһыытынан саас-сааһынан кэпсээтэ. Хас биирдии кэпсээнин түгэннэригэр Иван Васильевич хоһоонноруттан ааҕан иһитиннэрдэ. Кырдьык да биир киһи олоҕор Иван Васильевич, кыра эрдэҕиттэн олоҕун ыллыга чаҕылхай умнуллубат түгэннэртэн турбут эбит. Ол курдук Артек «Прибрежнэй» диэн лааҕырыгар сынньаммыт дьоллоох түгэннээх. Бу кэмҥэ Артекка дойду экраныгар саҥа тахсан, дьон биһирэбилин ылан эрэр «Неуловимые мстители» киинэҕэ оонньообут уолаттар, кыргыттар баалларын,  дойду киэн туттар дьонун илэ хараҕынан көрүтэлээн бастакы космонавт Юрий Гагарины, «Война и мир» киноэпопеяҕа Наташа Ростова оруолун ооньообут Людмила Савельеваны, Советскай Союз геройун Петр Гавриловы уонна да атын биллиилээх дьону кытта көрсүбүтүн умнубатын кэпсээтэ. Бу маннык кини олоҕор көрсүбүт дьикти, умнуллубат түгэннэри Иван Васильевич оҕо эрдэҕиттэн дневнигэр бэлиэтэнэн иһэр эбит.

Кэпсэтиигэ Иван Васильевич ааҕааччылар   ыйытыктарыгар ирэ- хоро кэҥэтэн ытыска уурбут курдук ойуулаан хардарбыта болҕомтону тарта.

Оҕолорго: «Туох барыта кыраттан саҕаланар, онон кыраттан саҕалаан улаханы, бөдөҥү оҥоруоххутун сөп. 1961сыллаахтан, алын кылааска үөрэнэ сылдьан мунньубут өҥнөөх открыткаларым, значоктарым… күн бүгүн да кур бэйэлэрэ кубулуйбакка сыталларыттан үөрэбин. Наар кэрэни, үчүгэйи санааҥ, киһи мөлтөх санааттан кэбириэн сөп. Оҕо сааска ууруллубут, торумнаммыт үтүө  өй-санаа үрдүккэ эрэ кынаттыыр. Кинигэтэ элбэхтэ ааҕыҥ,  үөрэххитигэр кытаатыҥ»,- диэн баҕа санаатын эттэ. 

Истиҥ, сылаас кэпсэтиибитин чиҥэтэн хаартыскаҕа түһэн бу кэрэ, үтүө көрсүһүүнү үйэтиттибит уонна сахалыы үүттээх чэй иһэ-иһэ өссө да санаа атастаһан ирэ-хоро кэпсэтиини салҕаан сырдык өйдөбүллээх тарҕастыбыт.

Мы используем cookie-файлы для наилучшего представления нашего сайта. Продолжая использовать этот сайт, вы соглашаетесь с использованием cookie-файлов.
Принять