09.11.2024

Билсиҥ, саҥа кинигэ.

Нам улууһун кинигэ таһаарыытыгар үлэлэһэр анал Сүбэ үбүлээһининэн тахсыбыт,  суруналыыс, суруйааччы Григорий Константинович Эверстов-Тыыппалаах ааҕааччы киэҥ эйгэтигэр ананар сүрдээх үчүгэй, дьоһун  кинигэтэ бэчээттэнэн таҕыста. Нам улууһун бары библиотекаларыгар   уонна улуус оскуолаларын кинигэ фондаларыгар тарҕанна.

Бу   эппиэтинэһи сүктэрбитинэн аҕа табаарыһым, уһуйааччым, ытыктыыр киһим, идэтийбит  суруналыыс- Григорий Константинович Эверстов (таптаан ааттыырым -Киргиэлэй Көстөкүүнэбис)-Тыыппалаах 80 сааһын бэлиэтиир сыл чэрчитинэн 2022 сыл бүтүүтэ,  кини айар талаанын, өйүн-санаатын, толкуйун, таһымын түмэр бу кинигэ тахсыахтааҕын таҕыста.

Григорий Константинович иккис дойдутугар  Нам улууһугар “Ленин суола”, кэлин “Эҥсиэли” хаһыакка  26 сыл устата сурук отделын сэбиэдиссэйинэн, редакторы солбуйааччынан, эппиэттиир сэкэрэтээринэн, уопсайа 50 тахса сыл суруналыыстыка эйгэтигэр бэриниилээхтик  үлэлээн кэллэ.  Мин онтон ыла кинини билэбин.

Аҕыйах кэмҥэ суруналыыстыы сылдьыбыт кэмнэрдээх этим, ити 90-с сыллар бүтүүлэригэр. Оччолорго дьон-сэргэ  тулалыыр эйгэтэ “ыһыллыы” кэннэ отуора, өйө-санаата  дьэ сааһыланан, сахатыйан  эрэр кэмнэрэ этэ. “Эҥсиэли” хаһыат редакциятын оччотооҕу кэллэктиибин кытары Иннокентий Захарович Кривошапкин – Һахаарабыс билиһиннэрбитэ. Ол кэмнэргэ аныгылыы эттэххэ,  “сулустар”, редакция бастыҥнара – Владислав Гаврильевич Касьянов (сана анаммыт кэмэ), Илья Ефремович Сивцев, Григорий Константинович Эверстов, Виталий Васильевич Сыромятников, Афанасий Данилович Васильев, Вера Николаевна Рыкунова, Касьян Афанасьевич Олесов,  Екатерина Николаевна Сивцева-тетя Катя, Валентина Петровна Артемьева – машинистка Валя, Татьяна Васильевна  Былкова  биир тыынынан үлэлииллэрэ. Оччолорго хаһыат бары жанрыгар  ырытыылар буоллун, критическай ыстатыйалар, фельетоннар, интервьюлар, репортажтар, очеркалар, ахтыылар  “эппиэт сэкэрэтээр” ачыкы нөҥүө ирдэбиллээх салалтатынан хото тахсаллара. Общественнай корреспонденнар матырайааллара үгүстүк тахсара. Дьэ, кырдьык,  норуот хаһыата этэ.  Ол курдук Нам ТРКлар уонна хаһыаттар бииргэ суулаһан үчүгэйдик да үлэлээбит эбиппит диэн сылаастык ахтабын  уонна оччоттон-баччаҕа диэри алтыһар эйгэбит биир буолан сүбэлэһэн-амалаһан баччааҥҥа диэри кэллибит диэн астына үөрэбин. 

Григорий Константинович күн баччааҥҥа диэри айар үлэ үөһүгэр сылдьар.  Республикаҕа биллэр “Отуу уота” литературнай түмсүү биир сүрүн чилиэнэ, редактора. Быйыл “Отуулар” тэриллибиттэрэ 55 сылларын көрсө 13 Саха Республикатын суруйааччыларын сойууһун чилиэттэрин иитэн таһаардылар.

Манна Григорий Константинович фельетон, проза, очерк  жанрын баһылаабыт  суруйааччы,  “Чэкэбис саллаат”, нууччалыы тылбааһа “Солдат Чэкэбис”, “Ийэ тыллыын иэхсии”, “Тылга тииспит билэр дьонум” кинигэлэр автордара буолан билиннэ. Идэлээх тыл үөрэхтээҕэ буолан,   саха тылын ирдэбилин барытын тутуһан, сытыы ойуулуур-дьүһүннүүр тыллары  олус бэрткэ туттар,  ааҕааччыга толору тириэрдэр талааннаҕынан ураты.

Киргиэлэй Көстөкүүнэбис барыта 50-ча  уус-уран литература кинигэтин редактордаата. Суруйааччылар В.В.Ушницкай-Сэки, И.А. Бубякин– Чөҥөчөк, М.Н. Жирков – Хара Макаар, Ю.В. Потапов – Саргын, А.Г. Кобяков, М.П. Мохначевская -Марта-Мария, А.М. Татаринов-Удьурхай уо.д.а. кинигэлэрин сааһылаан тупсаран, редактор үлэлэспит айымньылара таһымнаах буолалларыгар  кыһаллар. Кэнники үлэлэспит кинигэбит Т.И. Замятин матырыйаалларыгар олоҕуран тахсыбыт “Куонта Кириэс” кинигэбит буолар. Кини хомуйан, редакциялаан таһаартарбыт кинигэлэриттэн ордук суолталаахтара -«Олохтуун олук уурсан» («Эҥсиэли» хаһыат 70 сыллаах историятыттан), «Буһурук» — суруналыыс И.Е. Сивцев кэриэһигэр, «Кыайыы, дьол туһугар» — «Отуу уота» түмсүү кыайыыга айым-ньыларын альманаҕа, «Нам» -улуус киинин историятын сырдатар кинигэ,  Бөтүҥ, төрөөбүт Кэбээйитин Сииттэ нэһилиэктэрин историяларын сырдатар кинигэлэргэ үлэлэһэн үйэлэргэ хаалларда.

           Бу  кинигэҕэ Григорий Константинович Эверстов төрөөбүт  Чагдатыгар , Лүҥкэ  сиригэр сэрии кэмин оҕото буолан улааппыт сылларын, соҕотох ийэҕэ да буоллар, үчүгэй эйэлээх ыалга иитиллэн, чугас дьоннорун эбэлээх эһэтин тапталларын билбит,  эгил-тэгил сэндэлиһэн улааппыт балтын Татьянаны,  сэрииттэн бааһыран кэлбит кииринньэҥ аҕатын, оҕо саас  сырдык кэмнэрин олус истиҥник ахтан ааһар. Бу суруйуулары ааҕа олорон автор  куруутун өйөбүллээх, көмүскэллээх дурдалаах-хаххалаах сананан улааппыт киһи буоларын итэҕэйэҕин, бэйэтин суолун-ииһин хорутуулаахтык , кимэн киириилээхтик үлэлээбитин , олоҕун оҥостубутун бэлиэтиигин, таба көрөҕүн.

Кинигэ ис торумун сүбэлэһэр кэммитигэр хайаан даҕаны бу сыллар тухары хаһыаттарга киллэрбит бастыҥ ыстатыйалар киириэхтээхтэр диэн буолбута.  Онно олоҕуран, тыл күүһүгэр абылаппыт үтүө доҕотторун, кэрэ эйгэ талааннаахтарын  туһунан ахтыылар киирдилэр.  Төрөөбүт-үөскээбит дойдутун  курдук сананан, оҕолоро улааппыт, үлэһит көмүс күннэрин анаабыт кэрэ   Намын дьонун-сэргэтин туһунан матырыйааллар, очеркалар бу кинигэни олус үрдүк таһымныыллар.

Киргиэлэй үс оҕолоох, сиэн ыччаттардаах баай оҕонньор. Биэс уонтан тахса сыл тапталлаах кэргэнэ, кэрэ киһи Анна Яковлевна Левина –Эверстова бу өй-санаа ыарахан үлэтин истиҥник өйөөччү, көмөлөһөөччү бу кинигэ тахсарыгар саамай сүрүн оруолу кини ылыаҕын ылар.

Григорий Константинович  Эверстов –Тыыппалаах түөрт уонтан тахса сыллаах айымньылаах үлэтэ сөптөөхтүк бэлиэтэннэ. Нам , Кэбээйи улуустарын Ытык киһитэ

Саха республикатын Бэчээтин туйгуна, «Кыһыл көмүс бөрүө»,«Журналистикаҕа кылаатын иһин», үгүс журналистика эйгэтин бириэмийэлэрин  лауреаттара, поэт Н.М.Рыкунов аатынан литературнай  бириэмийэ хаһаайына.

 Киригиэлэй Көстөкүүнэбис миэхэ маннык диэн эппиттээх: “Миигин кытары куруук дьон үчүгэйэ, өйдөөҕө, талааннааҕа арыаллыыра, күүс-көмө, өйөбүл буолара,  киһи үчүгэйгэ, кэрэҕэ тардыһарын тухары – киһи! Үтүө дьон кэккэтигэр этэҥҥэ сылдьарбыттан, санаам хоту сирдэрэбэккэ олорон кэлбиппиттэн астынабын, дьоллооҕунан сананабын!”

Түгэнинэн туһанан, кулун тутар 1күнүгэр Н.М. Рыкунов аатынан улуустааҕы Киин библиотека ааҕар саалатыгар “Григорий Эверстов-Тыыппалаах” кинигэ сүрэхтэниитигэр ыҥырабын!

Майя Романовна Софронова, Нам улууһун кииннэммит библиотекалар ситимнэрин салайааччыта, СР культуратын туйгуна.

Мы используем cookie-файлы для наилучшего представления нашего сайта. Продолжая использовать этот сайт, вы соглашаетесь с использованием cookie-файлов.
Принять