22.12.2024

«Күөх налыы дойдум иэнэ»

            

     Биһиги биир дойдулаахпыт, саха биллиилээх поэта,  прозаик И.Д.Винокуров-Чаҕылҕан 105 сылыгар аналлаах   «Күөх налыы дойдум иэнэ»  улуустааҕы краеведческай литературнай марафон хаамыытынан Н.С.Охлопков аат. улуустааҕы гимназия 7 кылааһын үөрэнээччилэригэр (улуустааҕы оҕо библиотекатыгар) уонна Д.Ф.Алексеев аат. 1 Хомустаах орто оскуолатын 8 уонна 10 кылааһын үөрэнээччилэригэр «Кыайыы үрдүк өрөгөйө “Хайыһарга”  иһиллэр” диэн  медиауруок ыыттыбыт.

Уруокпут  сыала-соруга:

—   Биир дойдулаахпыт, поэт И.Д.Винокуров-Чаҕылҕан өлбөт-сүппэт үтүө аатын үйэтитии;

— И.Д.Винокуров-Чаҕылҕан хайыһар туһунан суруйбут хоhоонноругар олоҕуран, үөрэнээччилэргэ ааҕар, ырытар, чинчийэр үөрүйэхтэри иҥэрии, ааҕыыга интэриэһи тардыы;

      Сэрии бастакы күннэриттэн саха суруйааччылара норуоту Ийэ дойду көмүскэлигэр ыҥырар хоһооннору суруйбуттара, өстөөххө өһүөнү, кыайыыга эрэли  хоһуйбуттара. Ол курдук сэрии сылларыгар уопсайа 80 кинигэ бэчээттэнэн тахсан, уус уран тылынан күүс-көмө буолан норуоту күүстээх санаалаах буолууга ыҥырбыта, эйэлээх олоххо  сирдээбитэ. Кинилэр ортолоругар биһиги улууспут ча5ылхай уола И.Д.Винокуров-Чаҕылҕан эмиэ баара. Кини үгүс киһи дууһатыгар киирэр күүстээх хоһооннору айбыта.

     Бу уруокка Илья Чаҕылҕан 1972 с. тахсыбыт  “Талыллыбыт айымньылар” диэн хомуурунньугуттан 3 хоһоону билиһиннэрдибит. Кинигэҕэ уопсайа 108 хоһоон киирбититтэн 3 хоһооҥҥ хайыһар туһунан ахтыллар. Балартан  биирэ “Хайыһар ырыата”, онтон 2-тэ бултка сыһыаннаахтар. Илья Чаҕылҕан саха литературатыгар аҥардас бу биир “Хайыһар ырыата”   көмүс буукубунан суруллар, “Катюшаны” кытары сэргэ ылланар ырыанан буолар. Оннук талааннаахтык айыллыбыт, табыллыбыт хоһоон-ырыа буолар. «Хайыһар ырыатын» күн бүгүҥҥэ диэри, ол аата 77 сыл устата, бар дьон уостарыттан түһэрбэккэ ыллыыллар

      Сэрии суостаах сылларыгар байыаннай командование тоҕо хайыһар биригээдэлэрин, батальоннары, этэрээттэри  тэрийбиттэрин туһунан, саха булчуттара  дойду валютнай фондатыгар  харчыны киллэриигэ бастыҥнар ахсааннарыгар сылдьыбыттарын, дойду үрдүнэн 100 бастыҥ булчут оҕолор испииһэктэригэр саха сириттэн 20-чэ кыргыттар уонна уолаттар киирбиттэрин сиһилии билиһиннэрдибит. Уруокпут түмүктүүр чааһыгар оҕолор билиилэрин чиҥэтэр сыалтан  чаастан турар бөлөҕүнэн күрэх  ыыппыппыт. Уруокпутун биир дойдулаахпыт, СР суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, Нам улууһун Арбын, Хатыҥ-Арыы, Ленскэй нэһилиэгин Ытык киһитэ Ю.Потапов-Саргын суруйбут хоһоонунан түмүктээбиппит.

«Кыайыы үрдүк өрөгөйө

Хайыһарга иһиллэр,

Ылдьаа сыыдам хайыһара

Үйэлээҕи уҥуордуур.”

 

Жиркова Н.Д., 1 Хомустаах мождельнай библиотекатын сэбиэдиссэйэ.

Мы используем cookie-файлы для наилучшего представления нашего сайта. Продолжая использовать этот сайт, вы соглашаетесь с использованием cookie-файлов.
Принять