05.10.2024

«Тобуруокап көмүс күһүнэ»

Көмүс күһүн мөһүүрэтэ-
Күлүмүрдэс күн үҥкүүтэ,
Күлүм-чаҕыл кырааската
Көбүөрүн тэлгиир арааската.
Аар айылҕа барахсан көмүс өҥүнэн дуйданан, сири-дойдуну солотуунан суулаан, киэргэнэн аҕай турар кэмигэр Үөһээ Бүлүү улууһун Нам нэһилиэгэр, балаҕан ыйын 6-7 күннэригэр Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, ССРС суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ, Саха сирин норуодунай поэта Пётр Николаевич Тобуруокапка аналлаах «Тобуруокап көмүс күһүнэ» диэн VIII-ыс төгүлүн ыытыллар үтүө-мааны тэрээһинэ өрөспүүбүлүкэ араас муннугуттан айар куттаах дьону биир түһүлгэҕэ түмтэ. Дьон-сэргэ сүргэтэ өрө көтөҕүллэн, үөрэ-көтө муһунна, икки күн устата хоһоон киэҥ хонуута тардылынна.

Кустук өҥнөөх дьылым кэмэ-
Кутум -сүрүм аптаах эмэ
Кутулунна уйулҕабар,
Кууһан ылла айылҕабар.
Мин бу тэрээһиҥҥэ иккис сырыым, «Отуу уота» литературнай түмсүү делегациятыгар киирсэн баран кэллим. Уон хоһооммунан «Офсет» типография тэрийэр күрэҕэр кытынным. Нам үтүө дьонун далбарыгар тиксэн, айылҕа көмүс дуйугар сууланан, Бүлүү эбэ үрдүгэр турар Сэмэнээс Даркылааҕар дуоһуйа сынньанан, сирэйдиин сырдаатым, дууһалыын манньыйдым, айар үлэбэр алгыстанным.
Намнар икки күнү быһа барыбытын сибиэһэй сүөгэйинэн, саҥа буһан тахсыбыт сылаас, минньигэс алаадьынан, Бүлүү эбэ сыа балыгынан, улахан хочуолларга ыргыччы буһарыллыбыт ис миининэн, собонон күндүлээтилэр.

Айар аартыгым үтүө аргыстара-
Айар куттаах эйгэм атастара,
Айар-тутар айымньым алгыстара,
Айар түһүлгэм киэҥ алаастара.
Өбүгэ саҕаттан «Кырдьаҕастан алгыһын, эдэртэн эйэтин ыл» диэн өс хоһооно баар. Ол сиэринэн мин аҕа саастаах айар куттаах доҕотторбун кытта уһун айаны да билбэккэ күлэн-үөрэн, кэпсэтэн-ипсэтэн, кыратык хаадьылаһан даҕаны, ыллаан-туойан, оонньоон-көрүлээн, Нам ыалдьытымсах сиригэр-уотугар далбарданан, наһаа да үчүгэйдик сырыттыбыт, биир эйгэлээх дьоннуун алтыһар дьол буоллаҕа эбээт. Түгэнинэн туһанан, биһигини иилээн-саҕалаан илдьэ сылдьыбыт салайааччыбытыгар Марта-Мария Петровна Мохначевскаяҕа, «Отуу уота» литературнай түмсүүгэ бииргэ алтыһар айар куттаах доҕотторбор Одуҥҥа, Онтуоҥҥа, Куола Уолугар, Сардаҥаҕа, Айталыга, Өркөн Дьолго, Н.М.Рыкунов аатынан Намнааҕы модельнай киин библиотека үлэһиттэригэр Наталья Васильевна Павловаҕа, Анастасия Степановна Колпашниковаҕа, Бөтүҥ нэһилиэгин модельнай библиотекатын сэбиэдиссэйигэр Валентина Спиридоновна Колесоваҕа, биһиги хас хаппырыыспытын толорбут үтүө санаалаах суоппарбытыгар Борис Николаевич Петровка, ис сүрэҕиттэн кыһаллар түмсүүбүт салайааччытыгар Алексей Михайлович Татаринов-Удьурҕайга, «Тобуруокап көмүс күһүнэ» бырайыак ааптара Дмитрий Федосеевич Наумовка, Пётр Николаевич оҕолоругар, ыччаттарыгар, икки күн оскуолаҕа хонор усулуобуйабытын тэрийбит Нам орто оскуолатын директорыгар Максим Иванович Вороновка,
Үөһээ Бүлүү улууһун кииннэммит библиотека директорыгар Тамара Герасимовна Саввиноваҕа, Нам нэһилиэгин Аҕа баһылыгар Александр Иннокентьевич Кардашевскайга, Үөһээ Бүлүү улууһун дьаһалтатын пресс-сулууспатыгар Арыйаана Михайловаҕа, иилээн-саҕалаан ыыппыт култуура үлэһиттэригэр, биир дойдулаахтарынан киэн туттар Нам бары олохтоохторугар, истиҥник, сылаастык көрсүбүт, халыҥ таҥаһынан хааччыйбыт дьүөгэбэр Тамара Степановаҕа, куйаар ситиминэн алтыһар айар куттаах атын түмсүүлэргэ баар доҕотторбор, Бүлүү эбэбэр, аар айылҕабар, суолбут иччитигэр, Ороһу, Хампа, Маҕарас нэһилиэктэригэр баар аһатар сир үлэһиттэригэр, тэрээһин бары кыттыылаахтарыгар долгуйан туран ис сүрэхпиттэн махталым маанытын, баһыыбам бастыҥын тиэрдэбин.
Поэзия киэҥ байҕалыгар умсуҥ, хоһоон хонуутунан хаамыҥ, этэҥҥэ сылдьыаҕыҥ, доруобай, дьоллоох буолуоҕуҥ!

Махталы кытта Саргын кыыһа Күннэй

Мы используем cookie-файлы для наилучшего представления нашего сайта. Продолжая использовать этот сайт, вы соглашаетесь с использованием cookie-файлов.
Принять