Күүс эбинэн,
Эрчимирэн
Эһигинниин туойуом, ыллыам
Дойдум дьоно…
В. Маайыскай
Муус устар 13 күнүгэр, күнүс 14.00 ч. Н.М.Рыкунов аатынан киин библиотекаҕа улуус Ытык киһитэ, суруйааччы, уруһуйдьут, саахыматчыт Василий Васильевич Кривошапкин-Маайыскай төрөөбүтэ 80 сылыгар аналлаах “Маайыскай чаҕыл сааһа” диэн истиҥ-сылаас тылларынан ахтан-санаан ааһар литературнай-музыкальнай көрсүһүүгэ ыҥырабыт.
Кыттыыны ылыахтара:
- Поэт олоҕун аргыһа Александра Васильевна Кривошапкина,
- “Дьүөгэлэр” народнай вокальнай ансаамбыл,
- “Отуу уота” литературнай түмсүү,
- Көбөкөн нэһилиэгиттэн П.П.Ядрихинскай-Бэдьээлэ аатынан сынньалаҥ киин үлэһиттэрэ,
- “Чэлгийэ” вокальнай ансаамбыл уонна нэһилиэк олохтоохторо.
Кэлиҥ, сылдьыҥ, дуоһуйа кэпсэтиҥ!