06.12.2024

Күндү Нам нэһилиэгин олохтоохторо, ыалдьыттара!

Эмиэ кэлэн,

Күүс эбинэн,

Эрчимирэн

Эһигинниин туойуом, ыллыам

 Дойдум дьоно…

                                                 В. Маайыскай    

                                                           

Муус устар 13 күнүгэр, күнүс 14.00 ч. Н.М.Рыкунов аатынан киин библиотекаҕа улуус Ытык киһитэ, суруйааччы, уруһуйдьут, саахыматчыт Василий Васильевич Кривошапкин-Маайыскай төрөөбүтэ 80 сылыгар аналлаах “Маайыскай чаҕыл сааһа” диэн истиҥ-сылаас тылларынан ахтан-санаан ааһар  литературнай-музыкальнай көрсүһүүгэ ыҥырабыт.

Кыттыыны ылыахтара:

  • Поэт олоҕун аргыһа Александра Васильевна Кривошапкина,
  • “Дьүөгэлэр” народнай вокальнай ансаамбыл,
  • “Отуу уота” литературнай түмсүү,
  • Көбөкөн нэһилиэгиттэн П.П.Ядрихинскай-Бэдьээлэ аатынан сынньалаҥ киин үлэһиттэрэ,
  • “Чэлгийэ” вокальнай ансаамбыл уонна нэһилиэк олохтоохторо.

Кэлиҥ, сылдьыҥ, дуоһуйа кэпсэтиҥ!

Мы используем cookie-файлы для наилучшего представления нашего сайта. Продолжая использовать этот сайт, вы соглашаетесь с использованием cookie-файлов.
Принять