25.12.2024

Мария –Кыайыы саллаата

Нам улууһун Бөтүҥ нэһилиэгэр, кулун тутар 26  күнүгэр, Ньурба государственнай көһө сылдьар театрын коллектива ыалдьыттаата. Театр былырыын 2020 сылга Улуу Кыайыы 75 сылын көрсө биир дойдулаахпыт, Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа Мария Афанасьевна Слепцова туһунан “Мария –кыайыы саллаата” моноспектакль туруоран көрөөччү киэҥ араҥатыгар таһаарбыта. Хомойуох иһин пандемия мэһэйдээн спектакль сценаҕа буолбакка, куйаар ситиминэн көстөн дьон биһирэбилин ылбыта. Пьесаны биир дойдулаахпыт талааннаах эдэр ыччаппыт Саха тыйаатырын литератураҕа уонна драмаҕа салаатын салайааччыта Ангелла Попова уонна Саха театрын артыыската,СР үтүөлээх артыыһа драматург Софья Баранова суруйбуттара.

 Олохтоохтор үөрүүбүтүгэр балаһыанньа арыый тупсан  “Мария — Кыайыы саллаата” моноспектакль премьерата Семен Петрович Оконешников аатынан “Айылгы” культура киинин сценатыгар буолла. Спектакль иннинэ олохтоох модельнай библиотекаҕа  Мария Слепцова кыыьа Саха республикатын доруобуйа харыстабылын бэтэрээнэ Ирина Кирилина, пьеса автордара Ангелла Попова, Софья Баранова, моноспектакль туруорааччы  режиссера, Ньурба театрын режиссера , Саха республикатын культуратын туйгуна Алгыс Макаров, кылаабынай оруолу толорбут Анисья Колесова кыттыылаах нэһилиэк олохтоохторун кытта истиҥ көрсүһүү,ирэ хоро кэпсэтии буолла. Кэпсэтиигэ Мария Слепцова кыыһа Ирина Романовна ийэтин, дьонун сэргэтин туһунан олус иһирэх кэпсээнин долгуйа иһиттибит. Көрсүһүү түмүгэр нэһилиэк баһылыга  Михаил Макаров Махтал суруктары  туттарда уонна  Бөтүҥнэр Ийэ дойду көмүскэлигэр  сана тахсыбыт кинигэни бэлэх уунна.

“Мария — Кыайыы саллаата” спектакль олус дириҥ ис хоһоонноох, киһини уйадытар, дууһатын иһинэн киирэр туруоруу буолан көрөөччү  биһирэбилин ылла. Театр артыыстара кырачаан көрөөччүлэргэ “Кутурук күрэҕэ” диэн саха остуоруйаларын матыыптарынан туруоруллубут айымньыны көрдөрдүлэр. Оҕолор олус сэргээн, сэҥээрэн көрдүлэр.

Валентина Колесова, Бетун библиотекатын сэбиэдиссэйэ

Мы используем cookie-файлы для наилучшего представления нашего сайта. Продолжая использовать этот сайт, вы соглашаетесь с использованием cookie-файлов.
Принять