09.11.2024

«Саха-диктант» акция

Төрөөбүт тыл, сурук-бичик күнүн чэрчитинэн олунньу 12 күнүгэр Н. Рыкунов аатынан улуустааҕы киин библиотекаҕа үгэскэ кубулуйбут «Саха-диктант» акция буолан ааста. Быйыл хаһааҥҥытааҕар да элбэх киһи бэйэтин билиитин-көрүүтүн тургутан көрдө.

Суруйуу иннинэ ааҕааччыны кытта үлэлиир салаа библиотекара Раиса Дьяконова саха бастакы учуонай-лингвиһэ, саха норуотун үөрэхтээһиҥҥэ сүҥкэн оруоллаах, сахалыы маассабай суругу-бичиги айбыт Семен Андреевич Новгородов олоҕун, айар үлэтин туһунан олус интэриэһинэй иһитиннэрии оҥорбутун кэлбит дьон сэҥээрэ иһиттилэр, элбэх саҥаны биллилэр.

Диктаны И.С. Гаврильев аатынан Намнааҕы 1 №-дээх орто оскуола саха тылын уонна литературатын учуутала Люция Замятина А.И. Софронов – Алампа «Куоратчыт» кэпсээниттэн быһа тардан аахта.

Уопсайа 33 киһи кытынна, онтон 9-һа «туйгун», 21-рэ «үчүгэй» сыанаҕа суруйдулар. Бары кыттааччылар туоһу суругунан бэлиэтэннилэр.

Кэлбит дьон инникитин өссө элбэх киһини хабан, улахан саалаҕа мунньан диктаны суруттарыаххыт этэ диэн баҕа санааларын эттилэр. Акция кыттыылаахтара тэрээһинтэн астынан, үөрэн-көтөн тарҕастылар.

 

Диктант тиэкиһин көрөҥҥүт бэйэҕитин бэрэбиэркэлэниҥ.

Мы используем cookie-файлы для наилучшего представления нашего сайта. Продолжая использовать этот сайт, вы соглашаетесь с использованием cookie-файлов.
Принять