22.11.2024

Мэлдьи тыыннаах…

«Мэлдьи тыыннаах…» : [ Николай Михайлович Рыкунов ] / хомуйан онгордо Е. И. Рыкунова . — Нам, 2017.- 146 с.

 

 

 

 

Билсиҥ, саҥа Кинигэ!

«Дойду сурахтаах, алаас ааттаах” диэн өбүгэлэрбит бэргэн этиилэрэ  баар. Эҥсиэли хочото айар талааннаах дьоннордооҕунан киэн туттар. Ол курдук Нам улууһун суруйар-бичийэр айар дьоннорун түмпүт, «Отуу уотун» литературнай түмсүүтүн сириэдиччи умаппыт, элбэх суруйааччыга кыах биэрбит суруналыыс, поэт Н.М. Рыкунов туһунан «Мэлдьи тыыннаах» диэн дьоһун кинигэ тахсан  аймахтарыгар, чугас доҕотторугар, бииргэ алтыспыт үлэһит дьонноругар, Нам улууһун дьонугар-сэргэтигэр бэлэх оҥоһулунна.

Бу кинигэҕэ Н.М. Рыкунов туһунан суруйуулар, ахтыылар, хоһооннор хомуллан, сааһыланан  түмүллэн киирбиттэрин туһунан олунньу 8 күннээҕи,  улуус «Эҥсиэли» хаһыатыгар суруналыыс Лена Ноговицына сиһилии суруйан таһаарбыт ыстатыйатыгар билсиэххитин сөп.

Дьоһун кинигэ, Н.М. Рыкунов аатынан киин библиотекаҕа ааҕааччыларбытын күүтэр. Билсиҥ,  сэргээҥ, ааҕыҥ!

Ноговицина, Лена. Мэлдьи тыыннаах… : Билсиҥ саҥа кинигэ / Лена Ноговицина. // Эҥсиэли. — Олунньу 8 к. — С. 2.

 

Мы используем cookie-файлы для наилучшего представления нашего сайта. Продолжая использовать этот сайт, вы соглашаетесь с использованием cookie-файлов.
Принять