10.11.2024

Төрөөбүт төрүт тыл күнүгэр, саха литературатын төрүттээччи П.А.Ойуунускай 125 сылыгар аналлаах нэдиэлэ тэрээһиннэрэ

Олунньу 12 күнэ  «Арбыыта уонна саха тыла»

ХИФУ саха тылын, литературатын кафедратын доцена, ф.н.к, арбитовед Елена Афанасьевна Архипова дьикти дьылҕалаах, айдарыылаах талааннаах Арбыыта туһунан, иэйэн-куойан, хааһахтан хостоон эрэр курдук олоҕун, олоҕор баар түгэннэри, сап са5аттан сал5анан, хайдах кини нэһилиэстибэтэ ордон, норуокка тахсыбытын кэпсээн оҕолору да5аны, аҕам саастаах суруйар дьону сөхтөрдө. Биир дойдулаахтарбытын Ча5ыл5аны, Таллан Бүрэни кытта доҕордуулар эбит. Тэрээһиннэ улуустааҕы гимназия оҕолоро, “Отуу уота” литературнай түмсүү суруйааччылара кыттыыны ыллылар.

 

Олунньу 13 күнэ «Саха- дьыктаан»

Сылын аайы ыытыллар, үгэскэ кубулуйбут «Саха –дьыктаан» ааксыйа быйыл эмиэ тэрилиннэ. Библиотека көрүдүөрүгэр толору сахалыы астаах  сандалы, сахалыы намыын ырыа, саха тылыгар анаммыт кинигэ быыстапката, кэлбит дьону уруйдуу тоһуйда.Кэлбит дьону библиотека улэһитэ Н.В.Павлова эҕэрдэлээтэ.Бырааһынньыктыы киэргэммит саала5а ыксаабакка киирэн, ыксалаһан олорон, истэн суруйуу саҕаланна… Суруйууну сылын аайы Нам 1№ОО, саха тылын, литературатын учуутала Люция Григорьевна Замятина ыытта.Быйыл Далан «Олонхоьут» кэпсээниттэн быһа тардыыны суруйдулар. Үлэ күнэ диэбэккэ, араас саастаах 19 киһи кэлэн, 8 киһи «туйгун», 11 киһи «учугэй» сыанаҕа суруйаннар учууталы сөхтөрдүлэр. Люция Григорьевна урукку көлүөнэ суругун- бичигин туруга, билинни көлүөнэтээ5эр лаппа үрдүгүн бэлиэтиир. Сүрүн алҕастара: 1) сурук бэлиэтин сопутуойу көтүтүү, турбат сиргэ туруоруу .2) «н» уонна «ҥ» мурун бүтэй дорҕооннору буккуйуу, сыыһа туттуу. Сылын аайы истэн суруйууну ыытар киһибитигэр Люция Григорьевнаҕа «Ленскэй нэһилиэк» депутаттарын мунньаҕын бэрэссэдээтэлэ А.В.Кириллин махтал сурук  туттарда.

Олунньу 14 кунэ «Аман өс» улуустааҕы күрэх.

Аныгы уйэҕэ, тылбыт араас омук тыла ыйытыыта суох, ааҥнаан киирбит кэмигэр, булугас, тобуллаҕас сахалыы толкуйдаах, сытыы-хотуу тыллаах-өстөөх  ыччат аҕыйаҕын кэриэтэ.Ордук чуолаан, кытыы сиргэ олорор оҕолор «тыыннаах» кэпсэтии, сахалыы иитии баар түөлбэтигэр эрэ сайдыбыт.« Аман өс» күрэх оннук о5олору түмэр, таһаарар сыаллаах оҥоһуллар. «Оҕо-оҕоттон үөрэнэр» диэбиттэрин курдук, көрөн-истэн, күрэстэһэн, биллэн турар сайдар.

Тэрээһиҥҥэ араас нэһилиэктэртэн 20 оҕо, ыччат кэлэн кытынна. «Чаҕылыс” (Хатыҥ –Арыы орто оскуолата, салайааччы А.Винокуров, ДЬКК студена) хоһоон бөлөҕө кэлэн кэргэттэ. Күрэх икки түһүмэхтээх талааны көрүү уонна тута дьүһүйүү. Балаһыанньаннан уу сахалыы, ыраастык саҥарар тыл-өс, тыл баайа, бэйэ санаатын үллэстии, истээччини итэҕэтии, сыанаҕа туттуу-хаптыы, тыл этэрин тэтимэ, куолас эгэлгэтэ, тыл иэйиитэ сыаналанна.

Кыайыылаахтар:

Ыччаттарга:

«Дархан этээччи» анал аат – Ньургун Захаров, Тубэ нэһилиэгэ

“Устар ууну сомоҕолуур”анал аат – Людмила Григорьева, Тубэ нэһилиэгэ

“Уран этээччи” анал аат –Мария Аргунова, Партизан нэһилиэгэ

Оҕолорго:

“Дархан этээччи” анал аат – Валентин Ядреев, Партизан ОО, 11 кылаас.

“Талба талаан” анал аат – Аэлита Лыткина, Хамаҕатта СФЛ, 10 кылаас.

Вилюита Черкашина, Улуустааҕы гимназия, 10 “а” кылаас.

“Устар ууну сомоҕолуур” анал аат  — Михайлов Коля, Нам 1 ОО, 8 кылаас.

“Хомоҕой этээччи” анал аат — Бочкарев Александр, Улуустааҕы гимназия, 9 кылаас.

Мы используем cookie-файлы для наилучшего представления нашего сайта. Продолжая использовать этот сайт, вы соглашаетесь с использованием cookie-файлов.
Принять