27.12.2024

Мин дойдум, мин Өрөспүүбүлүкэм!

Саамай киэҥ сирдээх-уоттаах, сиртэн хостонор баайдаах, туспа култууралаах, төрүт тыллаах-өстөөх Сахабыт сиригэр 1990 сыл балаҕан ыйын 27 күнүгэр суверенитет декларациятын ылыммыт биир историческай суолталаах күммүт буолар. Онон бу күн Саха Республикатын государственноһын күнүнэн бэлиэтэнэр.

Балаҕан ыйын 26 күнүгэр Н.Рыкунов аатынан киин библиотекаҕа Республика государственноһын күнүн көрсө «Мин дойдум, мин Өрөспүүбүлүкэм» диэн тэрээһин буолан ааста. Тэрээһиҥҥэ кыттыыны ыллылар иккис нүөмэрдээх орто оскуола, Н.С.Охлопков аатынан гимназия онус кылааһын үөрэнээччилэрэ. Бэлиэ күммүт ыалдьыта Нам улууһун мунньаҕын депутата, урбаанньыт, төрөөбүт Наммыт улууһа сайдарын, төрөөбүт төрүт тылбыт сүппэтин туһугар үлэлэһэ, кылаатын киллэрсэ сылдьар патриот, государственнай, политическай деятель Максим Кирович Аммосов сиэн балта Кира Кировна Аммосова.

Тэрээһиммит иннинэ оскуола үөрэнээччилэрэ бу күҥҥэ аналлаах тэттик ыйытыыларга эппиэттэрин экран нөҥүө көрөн иһиттибит. Кэлбит оҕолорго Саха сувереннай республиката буолбут историятыттан сэгэтэн, бастакы президеммит Михаил Ефимович Николаев туһунан кэпсээн билиһиннэрдибит. Кэлбит ыалдьыппыт Кира Кировна бэйэтин туһунан билиһиннэрэн туран Нам улууһун депуттарын кинилэр туох соруктаах үлэни-хамнаһы ыыталларын уонна Саха автономнай республикатын төрүттээбит Максим Аммосов дьиэ кэргэнин кини улахан кыыһа Аэлита Максимовна быйыл алтынньы ыйга төрөөбүтэ 100 сыла туоларын билиһиннэрдэ. Тэрээһиммит түмүгэр «Моя Якутия» диэн викторинаҕа кыттан оҕолор элбэҕи билэллэрин көрдөрдүлэр. Ити курдук оҕолор бу тэрээһинтэн элбэҕи билэн-көрөн тарҕастылар.

 

Мы используем cookie-файлы для наилучшего представления нашего сайта. Продолжая использовать этот сайт, вы соглашаетесь с использованием cookie-файлов.
Принять