Бастакы Хомустаах олохтоох модельнай библиотекатыгар төрөөбүт тыл, сурук-бичик күнүгэр аналлаах «Мин ийэтылым – саха тыла» нэдиэлэ олунньуый 12 күнүттэн 17 күнүгэр диэри ыытылынна. Нэдиэлэбит оскуола оҕолоругар аналлаах “Сахалыы тыл, тыын, толкуй” диэн ааттаах интеллектуальнай оонньуунан арылынна. 6 түһүмэхтэн турар ѳркѳн ѳй күрэҕэр 6 кылаастан — «Кустук», 7 кылаастан- «Дьүкээбил» уонна 8 кылаастан – «Тыас-уус» хамаандалар күѳн кѳрүстүлэр. Бэрт эрийсиилээх оонньуу кэнниттэн «Тыас-уус» хамаанда эрэллээхтик бастаата.
Олунньу 13 күнүгэр, тѳрѳѳбүт төрүт ийэ тылбыт күнүн нэhилиэкпит дьоно бүттүүн уруйдуу кѳрүстэ. Ол курдук, сарсыарда 9 чаастан олохтоох модельнай библиотекаҕа нэhилиэк тэрилтэлэрин салайааччылара мустан нэдиэлэтээҕи үлэлэрин билсиhиннэрдилэр, үбүлүѳйдээх суруйааччы А.А.Иванов-Күндэ «Тѳрѳѳбүт тыл» диэн хоhоонун күргүѳмүнэн аахтылар. Бу кун нэhилиэккэ баар бары үѳрэх кыhаларыгар, култуура кииннэригэр, тэрилтэлэргэ тѳрѳѳбүт тылга аналлаах араас тэрээhиннэр ыытылыннылар. Күндэ хоhоонун кыратыттан ытык кырдьаҕаска тиийэ дорҕоонноохтук аахтылар.
Сылын аайы ыытыллар «SAKHA-DIKTANT» акцияҕа быйыл барыта 15 киhи сахалыы таба суруйарга кыахтарын холоннулар. Бу акция сыала-соруга- саха тылын культуратын сайыннарыы, харыстааhын, үрдүк таhымҥа таhаарыы уонна бэйэ күүhүн-кыаҕын тургутуу буолар. Диктаҥҥа, быйыл 125 сыллаах үбүлүѳйдээх улуу суруйааччыбыт П.А. Ойуунускай «Улуу Кудаҥса» айымньытыттан быhа тардыы сурулунна. Кыайыылаахтарынан Атласова У.П., Ермолаева Т.Д.,Новгородова А.Н., Оконешникова В.А., Табунанова Е.М.буоллулар.
Нэhилиэкпит айар-тутар «Тѳлѳн» уонна «Мэскэйдэр» түмсүүлэргэ аналлаах «Таптал – олох аргыhа» литературнай биэчэрбэрт истиҥник ааста. Букиэһэ биэчэр кыттыылаахтара саха суруйааччылара таптал туһунан хоһуйбут айымньыларын билсистилэр, Д.Ф.Алексеев аат. орто оскуола үѳрэнээччилэрэ А.И.Софронов-Алампа «Таптал» драматыттан быhа тардан оонньоон кѳрдѳрдүлэр, олохтоох поэттарбыт, СР суруйаачыларын союhун чилиэнэ Н.К.Федотов, А.М.Софронов-Онтуон уонна А.М.Татаринов-Удьурҕай бэйэлэрин хоhооннорун аахтылар. Бу сырдык иэйии киэһэтигэр куйаар ситимин хоhоонньуттарын «Тапталтан тыллыбыт иэйиилэр», «Тѳрѳѳбүт түѳлбэбэр иэйиибин уунабын» хомуурунньуктар сүрэхтэниилэрэ буолла. Хомуурунньукка араас улуустарынан тарҕанан олорор «Кэрэ эйгэ»диэн бѳлѳх хоhоонньуттарын таптал туhунан хоhоонноро киирбиттэр. Биһиги түѳлбэбит айар куттаах поэттара А.М. Софронов – Онтуон, А.М. Татаринов – Удьурҕай хоhоонноро бу кинигэҕэ эмиэ тиhиллибиттэр. Ону таһынан Елена Руфова, Сардаана Тумусова, Анастасия Баишева саха поэттарын лирическэй хоhооннорун уус-ураннык аахтылар. Ити курдук литературнай биэчэрбит кыттыылаахтара хото хоһоон ааҕан,саҥа хоһооннору айан, таптал туһунан ырыалары ыллаан, санааларын сайаҕастык этэн, инники үлэ былаанын торумнаһан дуоhуйа тарҕастылар.
Нэдиэлэ устата библиотекаҕа «Саха тыла үйэттэн үйэҕэ”, “Олоҥхо- көлүөнэ утума” диэн кинигэ быыстапкалара ааҕааччылар болҕомтолорун тартылар.Соцситим нөҥүө ыытыллыбыт онлайн-викторинаҕа нэhилиэкпит дьонуттан ураты Намтан, Модуттан, Хатырыктан, Партизантан, бэл диэтэр Таатта, Ньурба улуустарыттан кыттыыны ылбыттара кэрэхсэбиллээх. Күрэх түмүгүнэн Петрова Иванна уонна Мылаханова А.Г. чопчу уонна толору эппиэттэри биэрэн кыайыылаах үрдүк аатын сүктүлэр. Кыайыылаахтарга Добун сурук, бары кыттыылаахтарга туоhу сурук туттарылынна. Оскуола оҕолоругар “Тѳрѳѳбүт тылым аптаах дорҕооно» диэн сахалыы хаһыат оҥоруутун күрэҕэ ыытыллан, 10-с, 5-с, 6-с кылаас үөрэнээччилэрин хаһыаттара биһирэнэн нэһилиэкпит далбар хотуттара астаабыт минньигэс тортарынан бэлиэтэннилэр. Быйыл биһиги нэһилиэкпитигэр “Үтүө санаа, бигэ турук”сыла биллэриллэн “Кинигэ-дьоһун бэлэх” акция ыыттыбыт. Ааҕааччыларбыт библиотекабытыгар кинигэ бэлэх ууннулар, оттон биһиги, библиотека үлэһиттэрэ олохтоох участковай балыыһаҕа баар сынньанар хос кинигэтин фондатыгар бэлэх оҥордубут.
Төрөөбүт Ийэ тылбытын өрө тутуохха, сахалыы саҥарыахха, суруйуохха, ааҕыахха!
Жиркова Н.Д., Сивцева Л.П.