22.12.2024

Модут нэһилиэгэр тимир көлөннөн сылдьан «Литературнай автоквест» оонньоотулар

Олунньу 21 күнүгэр кэлэн иһэр Аҕа дойдуну көмүскээччилэрин күннэригэр анаан Модут нэһилиэгин олохтоох модельнай библиотеката түөлбэ олохтоохторугар «Литературнай автоквест» ыытта. Бу күн “Саһарҕа”, “Сарыал”, “Эрэл”, “Үчүгэй алаас” хамаандалара тимир көлөннөн сылдьан бэйэ бэйэлэрин кытта күрэхтэстилэр. Автоквест уопсайа алта түһүмэхтээх буолла, тэрээһин саҕаланыытыгар суол быраабылатын кэһии бобулларын туһунан сэрэтии үлэ барда, онтон старт бэриллибитин кэннэ хамаандалар кистэммит өйдөтөн биэрии сорудахтары көрдөөтүлэр. Квест станцияларынан олохтоох дьаһалта дьиэтэ, Е.Е.Гоголев аатынан култуура уонна спорт комплекса, кыайыы пааматынньыга буоллулар, бу тохтобулларга сылдьан хамаандалар А.С Пушкин хоһоонугар саспыт текиһи көрдөөтүлэр, Модут нэһилиэгин историятын туһунан кроссворд таайдылар, араас  сорудахтары толордулар, картаннан үлэлээтилэр, спорт комплекс үлэһиттэрэ эти-сиини сайыннарыыны көҕүлүүллэрин быһыытынан квест биир көрүҥүнэн сүүрүүнү, мээчик быраҕыыны ыыттылар.   Кыайыы пааматынньыгар кэлэн ураты быһыылаах эҕэрдэлэри видеоҕа уһуллулар, олохтоох библиотекаҕа көрдөөх викторина сорудахтарын толодулар.

Кыттааччылар  автоквест оонньуу хамаанда уопсай үлэтэ буоларын өйдөөн, бииргэ түмсэн,  ким да туора туран хаалбакка көхтөөхтүк кытыннылар, харахтара уоттанан, оҕолуу мэниктээн астыннылар, дуоһуйдулар.

Автоквест түмүгүнэн 1 миэстэни «Саһарҕа” түөлбэ ситистэ, 2 миэстэни “Үчүгэй алаас”, 3 миэстэни “Эрэл” түөлбэ, 4 миэстэни “Сарыал” түөлбэ ыллылар. Түмүккэ кыттааччылар оонньуу кэнниттэн хаалбыт санааларын үллэһиннилэр уонна маннык оонньуулар өссө да ыытылла туралларын туһунан баҕа санааларын эттилэр.

Сардана Сивцева
Модут модельнай библиотека сэбиэдиссэйэ
Мы используем cookie-файлы для наилучшего представления нашего сайта. Продолжая использовать этот сайт, вы соглашаетесь с использованием cookie-файлов.
Принять