«Саха-дьыктаан” акция 2014 сылтан СР Национальнай библиотеката уонна ХИФУ тэрийиилэринэн Ийэ тыл уонна сурук-бичик күнүн чэрчитинэн республика бары муннуктарыгар ыытыллар.
Быйылгы Сахалыы дьыктаан классик суруйааччы Н.Д. Неустроев 125 сылыгар ананна, «Балыксыт» кэпсээниттэн быһа тардыы тиэкис буолла.
Нам улууһугар кииннэммит библиотечнай ситим тэрийиитинэн бары нэһилиэктэри хабан туран диктант акцията ыытылынна. Уопсайа 239 улахан дьон дьыктааны суруйдулар. Ордук актыыбынайдык кыра нэһилиэктэр: Арбын, Көбөкөн, Фрунзе дьоно-сэргэтэ кытыннылар уонна сахалыы таба суруйууга үгүс киһи «туйгун», “үчүгэй” сыаналары ыллылар. Маны таһынан, 1Хомустаахха, Модукка, Бөтүҥҥэ дьон көхтөөхтүк кытыннылар.
Н.М. Рыкунов аатынан Намнааҕы киин библиотекаҕа олунньу 15 күнүгэр сахалыы дьыктаан суруйуута ыытылынна. Дьыктааны №1-дээх И.С. Гаврильев аатынан орто оскуола саха тылын уонна литературатын учуутала Говорова Марфа Николаевна аахта.
Тэрээһини улуустааҕы «Төрүт дорҕоон түһүлгэтэ” күрэх хас да төгүллээх лауреата, улуустааҕы олоҥхо күрэхтэрин муҥутуур кыайыылааҕа, 2018 с. Уус-Алдаҥҥа ыытыллыбыт республиканскай Муҥха олоҥхотун Муҥутуур кыайыылааҕа Вера Цыпандина алгыстаах тойугунан арыйда.
Дьыктаан түмүгүнэн Дария Егорова уонна Анисия Трофимова «туйгун» сыанаҕа, 14 кыттааччы «үчүгэй», 2 кыттааччы “орто” сыанаҕа суруйдулар. Кыттааччылар үксэ сурук бэлиэтигэр алҕас таһаарбыттар.
Республиканскай акцияҕа хас сылын аайы суруйар ааҕааччыларбыт, астына үөрэ-көтө тэрээһиннэргэ кэлэн кытталларыттан биһиги махтал тылларын этэбит.
Оскуола оҕолоругар карантинынан сибээстээн, сахалыы дьыктааны суруйуу аныгыскы нэдиэлэҕэ көстө.
Раиса Гоголева, методист.