08.12.2024

Саха тылын уонна сурук-бичик күнүн чэрчитинэн «Ааҕыы толооно » литературнай- интеллектуальнай оонньуу.

Олунньу 13 күнүгэр, Нам нэһилиэгэр Н.М.Рыкунов аатынан киин библиотекаҕа, Саха тылын уонна сурук-бичик күнүн чэрчитинэн, нэһилиэк общественниктарын уонна түөлбэлэрин ортолоругар «Ааҕыы толооно » литературнай- интеллектуальнай оонньуу ыытылынна.

 Манна үстүү киһилээх тоҕус команда кыттыыны ылла: «СИТИМ» Ленскэй нэһилиэк  ыччата, » МИЧЭЭР » Ипподром, «Көччү», «Набережнай», «Ржевскай» түөлбэлэр олохтоохторо, «ТҮМСЭР КЭМ» улуус администрациятын ыччатын түмсүүтэ,  «И.С.Гаврильев аатынан Нам 1  нүөмэрдээх оскуолатын» эдэр үлэһиттэрэ уонна «Женсовет», «Аҕа сэбиэтэ» түмсүүтүн хамаандалара.
            Оонньуу 6 түһүмэхтээх буолла:

I түһүмэх: «Төрөөбүт тыл сөрүүн сүөгэй курдук…» (ыйытыыларга тутатына хоруйдааһын)

II түһүмэх: «Умнуллубут тыллары быһаарыы» 

III түһүмэх: «Тыл оонньуута» 

IV түһүмэх: «Куех экран  сынньалаҥа» 

V түһүмэх: «Тылбаасчыт» 

VI түһүмэх: «Саха сирин улуустара»

«Аа5ыы толооно» литературнай оонньуубутун үс киһилээх Дьууллуур Субэ  сыанабыл туруорда:

  1. Сахаяна Афанасьевна Орлова – Нам улууьун Култууратын уонна духуобунай сайдыытын управлениятын специалиһэ.

2.Татьяна Васильевна Михайлова – Н.М. Рыкунов аатынан киин библиотека аа5ааччылары кытта улэлиир отдел специалиһэ.

  1. 3. Гликерья Романовна Николаева – А.Ф. Шестаков аатынан Норуот айымньытын льиэтин специалиһэ

Умсугутуулаах, олус сэргэх туруктаах, мэйии үлэлиир, сымса буолуу күүһүрэр  оонньуутун түмүгүнэн:
— Саамай элбэх очкону ылан » “ТҮМЭР КЭМ» Нам улууһун ыччат”  түмсүүтүн хамаандата- Муҥуутуур кыайыылааҕынан  таҕыста,
— Тоҕус очконан хаалан, “И.С.Гаврильев аат.Нам 1 орто оскуолатын эдэр үлэһиттэрин” хамаандата иккис миэстэ буолла,
— Үһүс миэстэҕэ  «Ржевскэй түөлбэ хамаандата” таҕыста.

Саха саргылаах тыла сандаарар бэйэбит норуоппут кэскиллээх күнүгэр, сылтан сыл ахсын төрүт сахалыы саҥалаах ахсаана үксээтин диэн туран, кыттааччылар бары Күндэ «Төрөөбүт тыл» уонна Семен Данилов «Саха саҥата» хоһооннорун доргуччу биир киһи курдук ааҕан, «ААҔЫЫ ТОЛООНО» литературнай-интеллектуальнай  оонньуу тэрээһинин түмүктээтибит.
Кыттааччылар бары олус сэҥээрдилэр, истибэтэхтэрин, көрбөтөхтөрүн билэн, астыннылар, бу проект салҕыы өссө да кэҥии турарыгар баҕардылар.

Мы используем cookie-файлы для наилучшего представления нашего сайта. Продолжая использовать этот сайт, вы соглашаетесь с использованием cookie-файлов.
Принять