21.12.2024

Нам улууһугар ыалдьыттаата  саха норуодунай суруйааччыта Наталья Михалева-Сайа

Улуустааҕы киин библиотекаҕа муус устар 14 күнүгэр Саха сирин  норуодунай суруйааччытын, РФ Суруналыыстарын, СӨ Суруйааччыларын уонна суруйааччылар  Норуоттар икки ардыларынааҕы сообществоларын чилиэнин, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһититин , ,саха норуота  таптыыр бэйиэтин, прозаигын, хомоҕой тыллаах суруналыыһын, көрөөччүлэр биһирэбиллэрин, сэҥээриилэрин ылбыт “Кэпсиэ”, “Сэһэн сирэ”, “Саха суолунан” биэриилэр ыытааччытын   Наталья Михалева-Сайаны кытта олус истиҥ көрсүһүү буолан ааста. Норуот кутун туппут талааннаах суруйааччыны  кытта көрсүһүүгэ  саалабытыгар толору киһи муһунна. Сайа кэлбит ыалдьыттарга оҕо сааһыттан саҕалаан айар үлэтин, кинигэлэрин, биэриилэрин кытта сиһилии кэпсээн билиһиннэрдэ.

И.Винокуров аатынан педколледж учууталлара  Прасковья Дмитриевна Байанаева уонна Тамара Васильевна Румянцева үөрэнээччилэрин кытта суруйааччы хоһоонноруттан ааҕан иһитиннэрдилэр. Сайа нуучча улуу поэттара Александр Пушкин, Сергей Есенин, Михаил Лермонтов уо.д.а. бырааттыы норуоттар поэттарын хоһооннорун тылбаастаабыта. 2000 сыллаахха тахсыбыт “Бүгүн түүн” кинигэтигэр “Холонуу” диэн төбөлөөн таһаарбыта. Онтон 2018 сыллаахха тылбаастарын хомуурунньуга  “Тыыннаах тылбаас” диэн кинигэтэ тахсыбыта. Тылбаастарыттан А.Пушкин «Я помню чудное мгновенье»,  «Памятник», М.Лермонтов  «Выхожу один я на дорогу» хоһооннору нуучча, саха тылларынан И. Гаврильев аатынан маҥнайгы нүөмэрдээх орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ өрө көтөҕүллүүлээхтик аахтылар, салайааччы Лариса Дмитриевна Данилова. Саха норуодунай суруйааччыта Күннүк Уурастыырап  «Хоһоон тыла үрүҥ көмүс буоллаҕына, ырыа тыла кыһыл көмүс» диэн этэн турар. Сайа хоһоонноругар уопсайа 400-кэ ырыа суруллубут. Ааптар тылларыгар, Аркадий Алексеев мелодиятыгар, “Күһүҥҥү былыттар”  ырыаны «Дьүөгэлэр» вокальнай-народнай ансамбл толордо, салайааччы СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ Елена Кутукова.

Сайа намыын куолаһынан хоһоонноруттан аахпытын ыалдьыттар поэзия киэҥ алыптаах хонуутугар киирэн, чуумпуран олорон астына, дуоһуйа иһиттилэр. Суруйааччы түмүгэр төрөөбүт тылбыт сүппэккэ-оспокко сайдарыгар санаатын сайа эттэ, сүбэлэрин биэрдэ,  сахалыы ааҕар, суруйар эйгэ сонуннарыттан кэпсээтэ.

Суруйааччыга анаан эҕэрдэ тылларын тиэртилэр Нам улууһун култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга управлениетын начальнига Семен Пркопьевич Ядрихинскай, биир дойдулаахпыт Анна Парникова-Сабарай Илгэ төрөөбүт нэһилиэгиттэн нэһилиэк модельнай библиотекатын сэбиэдиссэйэ Снежанна Василькевна Шарапова, улуустааҕы “Отуу уота” литературнай түмсүүлэр, салайааччы Алексей Михайлович Татаринов-Удьурҕай уонна кииннэммит библиотечнай ситим кылаабынай методиһа Раиса Алексеевна Гоголева. Сүгүрүйээччилэрэ сибэкки дьөрбөлөрүн туттардылар.

Ити курдук норуот тапталын, биһирэбилин ылбыт суруйааччыны Наталья Михалева-Сайаны кытта көрсүһүү олус истиҥник буолан ааста. Суруйааччыны кытта көрсүһэ кэлбит дьоммут-сэргэбит астынан, дуоһуйан, үөрэн-көтөн, бу бэлиэ түгэни ахта-саныы сылдьарга хаартыскаҕа түһэн тутатына таһаартаран бэлэх уунан тарҕастылар.

Мы используем cookie-файлы для наилучшего представления нашего сайта. Продолжая использовать этот сайт, вы соглашаетесь с использованием cookie-файлов.
Принять