Сэтинньи 21 күнүгэр биһиги ааҕар саалабытыгар, РСФСР үөрэҕириитин туйгуна, Россия журналистарын союһун чилиэнэ, Россиятааҕы ветераннар түмсүүлэрин бочуоттаах ветерана, Саха АССР культуратын үтүөлээх үлэһитэ, Саха республикатын бочуоттаах ветерана, Гражданскай килбиэн бэлиэ хаһаайына, Саха Республикатын Ытык киһитэ, «Саха» көрдөрөр-иһитиннэрэр хампаанньыйа Сэбиэскэй союз геройа Николай Алексеевич Кондаков аатынан Республикатааҕы телерадиожурналистар уонна «Көмүс бөрүө» Республикатааҕы журналистар бириэмийэлэрин лауреата, Нам улууһун, Таастаах нэһилиэгин Ытык киһитэ, кыраайы үөрэтээччи, Иннокентий Захарович Кривошапкин, төрөөбүт-үөскээбит Намын сиригэр бэйэлэрин суолларын хаалларбыт уһулуччулаах дьоммут уонна бииргэ үлэлээн алтыспыт дьонун – сэргэтин туһунан кэпсиир “Намым дьоно” диэн иккис саҥа тахсыбыт дьоһун кинигэтин сүрэхтиир дьоро күнэ олус истиҥник-иһирэхтик буолан ааста.
Кинигэ 200 экземплярынан, 433 страницалаах, 10 түһүмэхтээх «Көмүөл» кинигэ кыһатыгар бэчээттэнэн таҕыста. Ааптар бииргэ үөрэммит үөлээннээхтэрин, үлэһит буолуоҕуттан, 60-ча сыл устатыгар араас кэмнэргэ алтыспыт, Нам улууһун экономиката, олоҕо-дьаһаҕа, култуурата сайдыытыгар, аата-суола сураҕырыытыгар тус кылааттарын киллэрсибит улуус биллиилээх сорох дьонун туһунан ыстатыйаларын, очеркаларын, бэлиэтээһиннэрин хомуйан кинигэтигэр киллэрбит.
Үөрүүлээх тэрээһиммитигэр эҕэрдэ алгыстаах тылларын уонна саҥа кинигэ туһунан бэйэлэрин санааларын эттилэр «Нам улууһа» МТ баһылыгын бастакы солбуйааччыта Инна Иннокентьевна Сивцева, Нам улууһа МТ культураҕа уонна духуобунаска сайдыыга управлениятын начальнига Елена Александровна Заровняева, «Таастаах нэһилиэгэ» МТ баһылыга Егор Панкратьевич Лиханов, кинигэ тахсыытыгар үлэлэспит саха биллиилээх суруналыыһа, суруйааччы, публицист «Көмүөл» кинигэ кыһатын кылаабынай редактора Борис Иванович Павлов, кинигэҕэ киирбит дьоммут, ыалдьыттарбыт.
Чаҕылҕан аатынан Нам алын сүһүөх оскуолатын үөрэнээччилэрэ “Үйэлэргэ умнуллубат аат” диэн Максим Кирович Аммосовка аналлаах монтаж (салайааччы Ядрихинская А.И.), төрөөбүт Таастааҕын нэһилиэгиттэн Матрена Васильевна Петрова аатынан орто оскуола үөрэнээччилэрэ «Эҕэрдэ» үҥкүүтүн толорон (салайааччы (Атласова Л.И.) кэлбит ыалдьыттары сэргэхситтилэр. Көрөөччүлэргэ бэриллибит боппуруоска сөптөөх хоруйу биэрэн, Емельянова Светлана Георгиевна саҥа тахсыбыт кинигэни бэлэх тутта.
Суруллубут суоруллубат диэн мээнэҕэ эппэттэр.Иннокентий Захарович чинчийиитин түмүгүнэн Нам улууһун, Эҥсиэли Хочотун баай историятын суруйан, дьонун-сэргэтин олоҕун үлэтин көрдөрөн, үйэлэргэ сүппэт дьоһуннаах кылааты кэлэр көлүөнэ ыччакка, улууһун дьонугар, Республикаҕа үтүө бэлэх оҥордо.