09.10.2024

Никольскай кыргыһыытын 100 сылыгар конференция

Сомоҕолоһуу күнүгэр Никольскай кыргыһыыта 100 сылыгар аналлаах «Долгий путь примирению и покаянию: Уроки гражданской войны в Якутии, 100-летие Никольского сражения» диэн республиканскай научнай-практическай конференция үрдүк таһымҥа буолан ааста. «Нам улууһа» МТ Баһылыга Слепцов Ю.И., улуустааҕы культура уонна духуобунас отделын начальнига Заровняева Е.А., Дьокуускай куораттан Россиятааҕы общественнай Федеральнай проект «Историческая память» салайааччыта Неустроева С.А. ыалдьыттаатылар. Конференцияҕа кыттыыны ыллылар: Таатта, Чурапчы, Мэҥэ -Хаҥалас, Уус Алдантан, Нам улуустарыттан уонна Дьокуускай куораттан краеведтар, учуонайдар, саха интеллигенциятыгар ытыктанар дьоммут — Мигалкин Афанасий Васильевич ХИФУ сурукка музейын директора, Шамаев Иван Иванович — Республиканскай лицей директора, Румянцев Петр Васильевич —  СР национальнай архивын директора, Петров Пантелеймон Пантелеймонович — РС  академическай наукатын историятын музейын сэбиэдиссэйэ, Попов Егор Васильевич «Тулагы» МТ баһылыга, сүрүн кыттааччыларынан, повстанецтар командирдара Семенов Гаврил Леонидович хос сиэнэ Колесова Настасья Семеновна уонна Никольскайдааҕы кыргыһыы кыттыылааҕа, фельдшер Слепцова Лидия Гаврильевна олоҕун үөрэппит Таатта Баайаҕатыттан Андросова Татьяна Игнатьевна буолаллар. Ону таһынан Никольскай нэһилиэгэр буолбут кыргыһыыга сыһыаннаах эбии чахчылары дакылааччыттар кэпсээтилэр. Уопсайа 16 киһи кыттыыны ылла. Конференция резолюция ылыытынан түмүктэннэ.

Саха сиригэр элбэх хаан тохтуулаах Гражданскай сэрии биир улахан событиетынан Никольскай кыргыһыытын 100 сылыгар ананан тахсыбыт «Ол дьулаан дьылларга» диэн кинигэ сүрэхтэниитэ буолла. Бу историяны кэрэһэлиир ахтыылартан, ыстатыйалартан тиһиллибит хомуурунньук 2022 сылга, Дьокуускайдааҕы Дани-Алмас кинигэ кыһатыгар таҥыллан, сахалыы уонна нууччалыы тылынан 50 экземлярынан бэчээттэнэн таҕыста. Кинигэ уопсайа 152 страницалаах уонна «Иван Серафимович Шарапов аатынан Никольскайдааҕы сири туһаныы музейын» фондатыттан ылыллыбыт араас элбэх хаартыскаларынан тупсарыллыбыт. Хомуурунньугу хомуйан оҥордулар Прасковья Романовна Протопопова, И.С. Шарапов аатынан Никольскайдааҕы сири туһаныы музейын дириэктэрэ, СР культуратын туйгуна, Светлана Николаевна Протопопова, И.С. Шарапов аатынан Никольскайдааҕы сири туһаныы музейын фонда тэрийээччитэ, СР культуратын туйгуна, Оротоо Сандаара Саха аар кыыһа, Никольскайдааҕы сири туһаныы музейын научнай сотруднига, СР культуратын туйгуна, Изабелла Георгиевна Васильева, Хамаҕатта нэһилиэгин Ытык киһитэ, СР бэчээтин туйгуна.      Хомуурунньук Саха сиригэр Гражданскай сэрии туһунан суруллубут кинигэлэр материалларыттан, архыып докумуоннарыттан, хаһыаттартан ылыллыбыт ыстатыйалартан, Никольскай кыргыһыытын кыттыылаахтарын аймахтарын ахтыыларыттан турар. Кинигэ общественнай-историческай суолталаах. Ааҕааччы киэҥ араҥатыгар ананар.

Ону таһынан, тэрээһин чэрчитинэн Никольскай олохтоох библиотеката «Ол дьалхааннаах кэм…» диэн Никольскай кыргыһыыта 100 сылыгар аналлаах кинигэ быыстапкатын бэлэмнээн туруорда. Манна олохтоох библиотека кинигэлэрин таһынан, Хатырык нэһилиэгин олохтооҕо В.М. Шелковников бэйэтин чааһынай библиотекатын Саха сиригэр буолбут Гражданскай сэрии туһунан кэрэһэлиир кинигэлэрин аҕалан туруорда. Конференцияҕа кэлбит дьон кинигэлэри интэриэһиргээн көрдүлэр-аахтылар, библиотека проегынан оҕолорго ыытыллыбыт конкурс кыттыылаахтарын үлэлэрин сэргээтилэр.

Мы используем cookie-файлы для наилучшего представления нашего сайта. Продолжая использовать этот сайт, вы соглашаетесь с использованием cookie-файлов.
Принять