Биллиилээх государственнай, политическай деятель Илья Егорович Винокуров төрөөбүтэ 125 сылыгар республикаҕа, улууспутугар араас тэрээһиннэр ыытыллан кэллилэр. Биир бэлиэ тэрээһининэн буолар улуустааҕы ветераннар сэбиэттэрин президиума көҕүлээһининэн куйаар ситимин нөҥүө ыытыллыбыт научнай-практическай конференция. Бу конференция түмүгүнэн «Номох буолбут олох» диэн саҥа кинигэ бэчээттэнэн таҕыста. Кинигэ быйыл 50 ахсаанынан 100 сирэйинэн “Эҥсиэли” хаһыат редакционнай-издательскай ситимигэр бэчээттэннэ. Кинигэни хомуйан оҥордо улуус ветераннарын сэбиэтин председателэ, конференция тэрийэр комиссиятын салайааччыта Софья Дмитриевна Кобякова, кинигэни редактордаан таһаартарда Владислав Гаврильевич Касьянов, корректор Анастасия Корякина. Кинигэ киирии тылын суруйда Софья Дмитриевна. Ол курдук, Софья Дмитриевна киирии тылыгар научнай-практическай конференция пленарнай чааһыттан саҕалаан конференция хайдах ыытыллыбытын, хас киһи кыттыбытын, ханнык дакылааттар киирбиттэрин, кимнээх миэстэлэспиттэрин олус толорутук сиһилии суруйан ааҕааччыны кытта билиһиннэрэр. Кинигэбит научнай-практическай конференция түмүгүнэн 10 пуннаах резолюциянан саҕаланар. Кинигэҕэ дакылааттар уонна “И.Е.Винокуров үтүө аатын үйэтитии” диэн түһүмэххэ олохтоох “Эҥсиэли” хаһыакка тахсыбыт 2021 сылга И.Е.Винокуровка ыытыллыбыт тэрээһиннэр тустарынан ыстатыйалар киирбиттэр. Кинигэҕэ уопсайа 29 үлэ киирэн таҥыллыбыт. Кинигэбит тас өртүгэр, обложкатыгар Илья Егорович 125 сылыгар анаммыт логотип ойуута киирбит. Логотип ааптара Н.М.Рыкунов аатынан киин библиотека художнига Роман Заровняев.
Алтынньы 6 күнүгэр куйаар ситимин нөҥүө саҥа тахсыбыт кинигэни сүрэхтээһин ыытылынна. Тэрээһиҥҥэ кыттыыны ыллылар: «Нам улууһа» МТ баһылыгын солбуйааччы Игнатьева Мария Семеновна, СР ветераннарын сэбиэтин председателэ Иванов Вильям Очирович., улуус ветераннарын сэбиэтин председателэ Кобякова Софья Дмитриевна, И.Е.Винокуров аатын сүгэр музей директора Христофоров Афанасий Христофорович, Н.М.Рыкунов аатынан киин библиотека үлэһитэ Дьяконова Раиса Николаевна о.д.а.
Кинигэ сүрэхтэниитин кыттыылаахтара кинигэҕэ киирбит дакылааттар, матырыйааллар биллиилээх государственнай, политическай деятель Илья Егорович олоҕун, үлэтин, норуотун туһугар охсуһуутун сиһилии арыйалларын, саҥа үөрэтиллэ илик үлэлэр ол курдук, Илья Егорович университеты тэрийиигэ, аймахтарын туһунан саҥа чинчийиилэр киирбиттэрин тоһоҕолоон бэлиэтээтилэр. Эбии үп-харчы көрүллэн кинигэ республика таһымыгар сахалыы, нууччалыы тылларынан, кытаанах обложкаланан, элбэх ахсаанынан тахсан Илья Егорович олорбут олоҕун, үлэлээбит үлэтин үөрэтиигэ, чинчийиигэ улахан көмөлөөх буолуо этэ диэн баҕа санааларын тиэрдэн, өссө да улуу дьоннорбутун үйэтитэ туруоҕуҥ диэн биир өйдөбүлүнэн кинигэ сүрэхтэниитин түмүктээтибит.