Саха народнай суруйааччыта, ССРС суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ, СӨ Духуобунас Академиятын академига, Алроса улахан литературнай, СӨ бастакы президенин М.Е.Николаев фондатын бириэмийэлэрин лауреата, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Амма, Хаҥалас улуустарын Бочуоттаах киһитэ, Нам улууһугар кылаатын иһин бочуот знагын кавалера, прозаик, драматург, суруналыыс, Нам улууһун кытта ыкса сибээстээхтик үлэлээбит, биир дойдулаахпыт уһулуччулаах государственнай политическай деятель И.Е.Винокуров үтүө аатын тилиннэрэн, «Тэпсиллибэт үтүө аат» драманы суруйан республикабыт дьонугар-сэргэтигэр сүҥкэн кылаатын киллэрбит
Васильев Василий Егорович — Харысхал
ыарахан ыарыыттан олохтон соһуччу туораабытынан Намнааҕы кииннэммит библиотечнай ситим коллективын аатыттан кэргэнигэр, оҕолоругар, аймахтарыгар дириҥ кутурҕаммытын тиэрдэбит.
Василий Егорович 1950 сыллаахха сэтинньи 6 күнүгэр Амма Соморсунугар күн сирин көрбүтэ. Айар үлэтэ 1975 сыллаахха саҕаламмыт. 1980 сыллаахха «Аммаҕа саас этэ» пьесата Саха Сирин суруйааччыларын Сойууһа уонна Саха АССР култууратын министиэристибэтэ ыыппыт күрэҕэр үһүс бириэмийэни ылбыт. Бу пьесаны 1982 сыллаахха П. А. Ойуунускай аатынан Дьокуускайдааҕы драмтеатр туруорбут. «Далекая, близкая война» драмата биһирэнэн, Саха АССР култууратын министиэристибэтэ Кыайыы 40 сылыгар оҥорбут күрэҕэр бастакы бириэмийэни ылбыт. Драмаларыгар Харысхал тыыл үлэһиттэрин, кинилэр сэрии кэмигэр эр санаалаах үлэлэрин көрдөрөр. Кэпсээннэрэ, сэһэннэрэ, очеркалара өрөспүүбүлүкэ араас хаһыаттарыгар, «Чолбон» сурунаалга бэчээттэнэллэр. 2018 сыллаахха норуодунай суруйааччы буолбута.
Василий Харысхал дойду уонна тас дойдулар архыыптарыгар сыралаахтык үлэлээбитэ. Саха Сирин историятыгар сыһыаннаах матырыйаалы көрдөөн, АХШ, Япония, Кытай, Финляндия архивтарыгар сүүһүнэн докумуоннары чинчийбит, үөрэппит. Москубаҕа, Санкт-Петербурга баар архивтарга, түмэллэргэ уонна библиотекаларга барыларыгар кэриэтэ сылдьан политическай ссылка, ГУЛАГ, репрессия историяларыгар туһааннаах матырыйааллары кичэйэн үөрэппит. Бу сыралаах үлэтин түмүгэр 2002 сыллаахха репрессияҕа түбэспит уонна тас дойдуларга күрээн барбыт саха дьонун дьылҕаларын туһунан «Ааспыт кэм аартыктарынан» кинигэтэ тахсыбыта.
2016 сыллаахха Саха театрыгар Андрей Борисов туруоруутугар Баһылай Харысхал историческай драматынан «Тэпсиллибэтэх үтүө аат» («Три реалиста») испэктээкил туруоруллубута. «Тэпсиллибэт үтүө аат» уһулуччулаах судаарыстыбаннай деятель Илья Егорович Винокуров дьылҕатын кэпсиир ис хоһооннооҕо. Манна даҕатан эттэххэ, быйыл Саха Өрөспүүбүлүкэтигэр Илья Винокуров төрөөбүтэ 125 сыла киэҥник бэлиэтэнэр.
2017 сыллаахха Нам сэлиэнньэтигэр «Эргиллиэм хайаан да» диэн саҥа кинигэтин сүрэхтэниитэ, дьон биһирэбилин ылан, олус көхтөөхтүк буолан ааспыта. Бу кинигэтигэр В. В. Никифоров – Күлүмнүүр, М. А. Алексеев, И. Е. Винокуров курдук улуу дьоммут үтүө ааттарын көмүскүүр, үйэтитэр драмалар киирбиттэрэ. Василий Егорович Нам киин библиотекатын кытта ыкса сэбээстэһэн, доҕордуу сыһыанын ыһыктыбакка ыытыллар тэрээһиннэргэ көхтөөхтүк кыттан, үөрэ-көтө куруутун кэлэ турара. 2015 с. Н. М. Рыкунов аатынан Намнааҕы киин библиотекаҕа Василий Харысхалы кытта көрсүһүүгэ дьон тоҕуоруһа мустан, олус истиҥ, иэйиилээх тэрээһин буолан ааспыта.
Васильев Василий Егорович – Харысхал ыарахан ыарыыттан олохтон соһуччу туораабытынан Намнааҕы кииннэммит библиотечнай ситим коллективын аатыттан кэргэнигэр, оҕолоругар, аймахтарыгар дириҥ кутурҕаммытын тиэрдэбит. Кини сырдык аата, кэрэхсэбиллээх айымньылара үйэ-саас тухары көлүөнэттэн-көлүөнэҕэ бэриллэн өрүүтүн тыыннаах буолуохтара.