22.12.2024

Сабарай Илгэ саҥа кинигэтэ сүрэхтэннэ

Олунньу 28 күнүгэр Н.М. Рыкунов аатынан киин библиотекаҕа дьоро күн ааста. Ол курдук  дьоллоох Дьокуускай куораттан дьоһун-мааны Далбар хотуттар ыалдьыттаан бардылар.

Томская Галина Егоровна -Айыына— СР  суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ, поэт, литературнай критик, сценарист, Поликарпова Евдокия Михайловна – педагогическай наука доктора, профессор, Николаева Евдокия Егоровна – РФ суруналыыстарын Сойууһун чилиэнэ, Көмүс бөрүө бириэмийэ лауреата, СР бэчээтин туйгуна.

Ол курдук соһуччу көрсүһүүбүт биир суруктан саҕаламмыта.  Соторутааҕыта библиотека электроннай почтатыгар сурук кэлбитэ. Ис хоһооно маннык “Мин Анна Парникова-Сабарай Илгэ саҥа кинигэтин Москваҕа бэчээттэттим, биир дойдулаахтарыгар кинигэ сүрэхтэниитин оҥоруохпун баҕарабын” — диэн. Сурук автора – Галина Томская. Биһиги соһуйдубут даҕаны, үөрдүбүт даҕаны.

 Онно тута сөбүлэһэн киэн туттар биир дойдулаахпыт, СР суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ, поэт Анна Парникова-Сабарай Илгэ “Мин күһүнүм ыһыаҕа” диэн төрдүс кинигэтэ Намын улууһун дьонугар-сэргэтигэр сүрэхтэннэ.

Саҥа кинигэ сүрэхтэниитигэр Анна Парникова бииргэ төрөөбүттэрэ, чугас аймахтара, төрөөбүт Бартыһаанын дьоно –сэргэтэ, “Отуу уота” литературнай түмсүүттэн  уонна Сабарай Илгэ поэзиятыгар сүгүрүйэээччилэр кэлэн ыалдьыттаатылар.  

Бу иннинэ Сабарай Илгэ 1992 с. “Куйаас сайын”, 2003 с. “Күн баҕам” 2015 с. “Күһүҥҥү ыһыаҕым” диэн кинигэлэрэ кини тыыннааҕар бэчээттэммиттэрэ. Былырыын 2019 сыллаахха Анна Алексеевна 60 сылын бэлиэтээн, Ойуунускай аатынан литературнай түмэлгэ уонна библиотекаҕа ахтыы киэһэлэрэ  ыытыллыбыттара. Бу тэрээһиннэргэ Сабарай Илгэ хоһоонноро хото ааҕыллыбыттара, айымньылара ырытыллыбыттара, санаа атастаһыыта, ахтыылар оҥоһуллубуттара.

Манна сыһыаран эттэххэ, Галина Томская Сабарай Илгэ “Күһүҥҥү ыһыаҕым” кинигэтин бэрийэн, бэчээккэ бэлэмнээн таһаартарбыта. Кинигэ 1500 ахсаанынан тахсыбыта, хомойуох иһин, билигин атыыга суох. Аны билигин Анна Парникова-Сабарай Илгэ  өссө биир саҥа кинигэтин бэлэх уунна.

Көрсүһүүбүт олус истиҥник саҕаланна.  Галина Егоровна Сабарай Илгэлиин доҕордоһууларын, кини чөмчүүк таас курдук ыраас санаалаах поэтын эттэ. Быстыспат сибээстэрин, тыл аҥарыттан өйдөһөллөрүн, биир ситимнээхтэрин көрсүһүүгэ кэлбит дьон бары да уйадыйыах курдук сэһэргээтэ. Сабарай Илгэ бу иннинэ тахсыбыт кинигэтигэр үгүс хоһоонноро киирбэтэхтэр диэн эппит эбит. «Онон дьүөгэм 60 сааһын баттаһа кини баҕатын учуоттаан, саҥа кинигэни пенсиям харчытынан баара-суоҕа 100 экземпляры таһаартардым. Эһиги, Нам дьоно-сэргэтэ, киэн туттуоххутун наада Сабарай Илгэ курдук сүдү поэт эһиэхэ, Намҥа төрөөбүтүттэн  уонна айымньыларын мунньан улахан дьоһун кинигэтэ таһаартарыҥ, улуус дьаһалтата өйүөн наада»-  диэн Галина Егоровна санаатын уонна эрэнэрин эттэ.

Галина Егоровнаны кытта кэлбит ыалдьыттарбыт Поликарпова Евдокия Михайловна, Николаева Евдокия Егоровна эмиэ Сабарай Илгэни кытта алтыспыт, кини айымньытын билэр дьон буолан, кэпсэтиибит кэҥээн, сэргэхтик ааста. Евдокия Михайловна Нам улууһун Партизан уонна Үөдэй нэһилиэгэр үлэтин маҥнайгы оҥкулун үлэлээбит, уурбут буолан, өссө үөрэнээччилэрэ кэлэннэр, үөрэн-көтөн, олус истиҥник ахтыы оҥордо.     

Көрсүһүүбүтүгэр Сабарай Илгэ хоһоонноро ааҕылыннылар уонна  Сабарай Илгэ  тылыгар Татьяна Гаврильева матыыбыгар “Сааскыга”, Зинаида  Нератова-Тупсууна матыыбыгар «Таптал- сылаас тыын» ырыалар сүрэхтэннилэр.

Саҥа кинигэбит тула кэпсэтиибит, кэлбит дьон санааларын сайа этэн, ыалдьыттарбытыгар ыйытыктары биэрэн истиҥник, иһирэхтик ааста.

Онон ыалдьыттарбытыгар өссө төгүл махтаныахпытын баҕарабыт, биир кэрэ күнү бэлэхтээбиттэригэр уонна киэн туттар поэппыт, биир дойдулаахпыт Анна Парникова-Сабарай Илгэ саҥа кинигэтин библиотекаттан уларсыҥ, ааҕыҥ диэн ыҥырабыт.

 Анна Парникова-Сабарай Илгэ суруйан хаалларбыт хоһоонноро хайаан да бэйэтин ааҕааччыларын булуоҕа  уонна биһиги көрсүһүүбүт ону туоһулаата диэн түмүктүүбүн.

 

Наталья Павлова,
ааҕааччыны кытта үлэлиир салаа сэбиэдиссэйэ

Мы используем cookie-файлы для наилучшего представления нашего сайта. Продолжая использовать этот сайт, вы соглашаетесь с использованием cookie-файлов.
Принять