Олоҥхо дьыктаанын ыытыы сыала-соруга олоҥхо тылын-өһүн иҥэринии, олоҥхо тылын билиини чиҥэтии, олоҥхо туһунан билиини кэҥэтии, төрөөбүт тылынан таба суруйар таһымы үрдэтии, сахалыы таба суруйуу үөрүйэҕин сайыннарыы.
Дьыктааны сааһыттан, идэтиттэн уонна үөрэҕиттэн тутулуга суох 12 кыттааччы суруйда.
Дьыктааны аахта СР үтүөлээх оһуокай этээччитэ, Нам улууһун Эҥсиэли оһуокайа түмсүү салайааччыта, ыччат муҥха олоҥхотун муҥутуур кыайыылааҕа, 2019с Нам улууһун олоҥхо ыһыаҕын кэскиллээх толорооччу, 2022с Үөһээ Бүлүү олоҥхо ыһыаҕар улахан дьоҥҥо 2 үрдэл хаһаайына, «Олоҥхо-Баттл -2024» 3 үрдэл кыайыылааҕа Вера Цыпандина-Харыстаана. Нам улууһун дьоно-сэргэтэ аахсыйаҕа көхтөөхтүк кытыннылар. П.А. Ойуунускай «Дьулуруйар Ньургун Боотур» олоҥхотуттан быһа тардыыны суруйдулар. Кыттыбыт дьоҥҥо барыларыгар Өрөспүүбүлүкэтээҕи Олоҥхо ассоциациятын туоһу суруктара туттарылынна.
Бу кунунэн сиэттэрэн сахалыы тыыннаах музыкальнай эҕэрдэтин бэлэхтээтэ Григорьева Мария Степановна-Маайа — СӨ ырыа айааччыларын, композитордарын сойууһун чилиэнэ, Нам улууһа култуураҕа кылаатын иһин бэлиэ хаһаайына, улуустааҕы А.Ф.Шестаков аатынан Норуот айымньытын дьиэтин фольклор исписэлииһэ.
Олоҥхо декадатын чэрчитинэн «Нам улууһун олоҥхоһуттарын төһө билэҕин?» куйаар ситим нөҥүө ыытыллыбыт викторинаҕа 136 кыттааччыттан бастакы сөп эппиэттэри ыыппыт кыайыылаахтарбытын эҕэрдэлээтибит:
Кириллина Марфа Николаевна, «Теремок» оҕо уһуйаанын үлэһитэ — I истиэпэннээх добун сурук,
Герасимов Сергей Иванович — II истиэпэннээх добун сурук,
Уйгурова Нина Руслановна, И.Е.Винокуров аатынан Нам педагогическай колледж 3 кууруһун устудьуонката — III истиэпэннээх добун сурук уонна бэлэхтэр туттарылыннылар.
Оскуола оҕолоругар дьыктаан тургутук быһыытынан онлайн ыытыллар. Тургутук дьыктаан СӨ Национальнай бибилэтиэкэтин Олоҥхо сайтыгар анал платформаҕа сыһыарыллыбыта (https://olonkho.nlrs.ru/). Үөрэнээччилэр 5-7, 8-11 кылаастарынан икки бөлөҕүнэн, ахсынньы 5 күнүгэр диэри куйаар ситимин нөҥүө толороллор, онлайн-дьыктаан сыаната уонна туоһу суруга тута платформаҕа тахсар. Туоһу суругу тута бэчээттээн ылыахха сөп.
«5» сыанаҕа суруйдулар:
Михайлова Т.В., Кривошапкина А.С., Федоров Е.Н.
«4» сыанаҕа суруйдулар:
Герасимов С.И., Васильев И.В., Уйгурова Н.Р., Плотникова А.Н.
Бары кыттыбыттарга барҕа махтал, баҕарабыт үлэҕитигэр үрдүктэн үрдүк ситиһиилэри, туруоруммут соруктаргыт туолан истиннэр, тус олоххутугар чэгиэн чэбдик доруобуйаны, уйгу быйаҥы, сэттэ Иэйэхсиккит эҥэрдэстин, аҕыс Айыыһыккыт аргыстастын, аартыккыт арылла турдун!