04.12.2024

«И.Д.Винокуров-Чаҕылҕан” биобиблиографическай ыйынньык сүрэхтэниитэ.

 

2024 сылга Эҥсиэли хочотун  талааннаах суруйааччылара, доҕордуу поэттар Ефрем Степанович Сивцев-Таллан Бурэ төрөөбүтэ 115, Илья Дорофеевич Винокуров – Чаҕылҕан 110, Анна Парникова-Сабарай Илгэ 65 сыллара киэҥник бэлиэтэннилэр.  Сыл устата дьоһун дьоммут ааттарын ааттатар, айар үлэлэрин үйэтитэр үгүс тэрээһиннэр ыытылыннылар.

Сэтинньи 27 күнүгэр, ССРС Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, биллиилээх бэйиэт, тылбаасчыт Илья Дорофеевич Винокуров – Чаҕылҕан түмүктүүр тэрээһиннэрин чэрчитинэн Н.М.Рыкунов аатынан киин библиотека оҥорон таһаарбыт «И.Д.Винокуров-Чаҕылҕан” биобиблиографическай ыйынньык сүрэхтэниитэ буолла.

Ыйынньыгы Н.М. Рыкунов аат. Намнааҕы кииннэммит библиотека библиограба Анастасия Колпашникова хомуйан таһаартарда. Ыйынньык 200 ахсаанынан, 104 сирэйинэн Дьокуускайга, «Айанда» кинигэ кыһатыгар, бэчээттэнэн күн сирин көрдө.

Ыйынньык икки түһүмэхтэн турар. Бастакы түһүмэххэ И.Д. Винокуров-Чаҕылҕан уус-уран айымньылара, публицистиката — бэчээккэ киирбит ыстатыйалара, тылбаастара, редактордаабыт үлэлэрэ, ырыа буолбут хоһоонноро уонна грампластинкаҕа уһуллубут ырыа буолбут хоһоонноро киирбиттэр. 

Иккис түһүмэххэ суруйааччы олоҕун уонна айар үлэтин туһунан литература киирбит: кинигэлэр, ыстатыйалар, ону сэргэ кинигэлэргэ киирбит кини туһунан ыстатыйалар, ахтыылар.  Уопсайа 648 бэлиэтээһин баар. Бүтүүтүгэр көмө ыйынньыктар, сыһыарыыларга — И.Д. Винокуров-Чаҕылҕан олоҕун уонна үлэтин хрониката, урут биллибэтэх сэдэх хаартыскалар, поэт бэйэтин уруһуйдара киирдилэр. Ыйынньык биир уратытынан куар-кодунан аһыллар Чаҕылҕан 18 кинигэтэ киирбитэ буолар. Онон ааҕааччы ыйынньыгы туһана олорон, куар-кодунан поэт айымньыларын эмиэ ааҕар кыахтанна.

Бүгүҥҥү тэрээһиҥҥэ кыттыыны ыллылар:

Нам улууһа муниципальнай тэриллии баһылыгын солбуйааччыта, Чаҕылҕан сылын тэрийэр улуустааҕы комиссия председателэ Дьяконов Юрий Вячеславович;

Нам улууһун культураҕа уонна духуобунай сайдыыга салалтатын салайааччыта Ядрихинскай Семен Прокопьевич;

Нам улууһун үөрэҕириитин салалтатын салайааччыта Мария Семеновна Игнатьева;

Гуманитарнай чинчийии уонна хотугу аҕыйах ахсааннаах омуктар проблемаларын институтун научнай сотрудниктара Попова Наталья Иннокентьевна, Романова Лидия Николаевна, Ефремова Екатерина Михайловна, Посельская Виктория Дмитриевна;

П.А.Ойуунускай аатынан Литературнай музей научнай сотруднига Ноговицына Ефросинья Семеновна;

«Хатыҥ-Арыы нэһилиэгэ» муниципальнай тэриллии  баһылыга  Иван Дмитриевич Ноговицын;

Чаҕылҕан аймахтара, «Отуу уота” литературнай түмсүү чилиэннэрэ, улуус общественноһа.

Прасковья Байанаева “Чаҕыл уоттаах Чаҕылҕан” анабыл хоһоонунан кэлбит ыалдьыттары көрүстэ.

Хатыҥ-Арыы нэһилиэгин «Чороон» норуот айымньытын киинин «Дуорай» эр дьон ырыа ансаамбыла (салайааччы Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын туйгуна Саргылана Пономарева, баяҥҥа доҕуһуоллуур Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын туйгуна Ариан Васильев) Кыайыыга кынаттаабыт «Хайыһар» ырыатын бэлэхтээтилэр.

Чаҕылҕан аатынан Нам алын сүһүөх оскуолатын үөрэнээччилэрин толоруутугар уус-уран ааҕыы “Ийэ дойдуга таптал” Салайааччылар Эльвира Робертовна Гаврильева, Любовь Петровна Сорокоумова.

 И.Д.Винокуров-Чаҕылҕан биобиблиографическай ыйынньык ис тутулун, ис хоһоонун билиһиннэрдэ Киин библиотека краеведческай салаатын библиотекара Дьяконова Раиса Николаевна. 

Нам дьоно-сэргэтэ улаханнык махтанабыт Гуманитарнай чинчийии уонна хотугу аҕыйах ахсааннаах омуктар проблемаларын институтун фольклор уонна литература салаатын коллективыгар, научнай үлэһиттэригэр Попова Наталья Иннокентьевнаҕа, Романова Лидия Николаевнаҕа, Ефремова Екатерина Михайловнаҕа, Посельская Виктория Дмитриевнаҕа, Карманова Саргылана Еремеевнаҕа. Кинилэр кыһамньыларынан, күргүөмнээх үлэлэринэн Чаҕылҕаммыт аата салгыы үйэтитиллэр. Быйылгы юбилейдаах сылга дьоһун бэлэх оҥордулар.

Эҕэрдэ тылы эттилэр Дьокуускай куораттан кэлбит ыҥырыылаах ыалдьыттарбыт Наталья Попова, Лидия Романова, Чаҕылҕан үс томнаах хомуурунньугун таһаарыытын эппиэттиир редактора уонна хомуйан оҥорооччута.

Бүгүҥҥү кэпсэтиигэ санаатын үллэһиннэ П.А.Ойуунускай аатынан Литературнай музей научнай сотруднига Ноговицына Ефросинья Семеновна.

Үлэлии сылдьар биир идэлээхтэриттэн эҕэрдэ тылы эттилэр  Петрова Альбина Петровна, ветеран-библиотекарь, Колесова Валентина Спиридоновна, Бөтүҥ модельнай библиотекатын сэбиэдиссэйэ.

Үөһээ Бүлүү  уонна Горнай киин  библиотекатын  библиографтара  Саввинова Галина Афанасьевна,  Анастасия Ивановна Заровняева ыйынньык туһунан видеоннан санааларын үллэһиннилэр эҕэрдэлэрин тиэртилэр.

Видео 

Видео

И.Д.Винокуров-Чаҕылҕан үбүлүөйдээх сылын чэрчитинэн ыытыллыбыт  тэрээһиннэр тустарынан кэпсээтилэр «Хатыҥ-Арыы нэһилиэгэ» муниципальнай тэриллии  баһылыга  Иван Дмитриевич Ноговицын, Нам улууһун үөрэх салаатын салайааччытыгар Мария Семеновна Игнатьева,  Петр Сивцев аатынан Намнааҕы история уонна этнография түмэлин директора Александр Иванович Копырин, Илья Дорофеевич Винокуров-Чаҕылган аатынан Нам алын сүһүөх оскуолатын директорын иитэр үлэҕэ солбуйааччы Саргылана Владимировна Юшкова, Петр Сивцев аатынан Намнааҕы история уонна этнография түмэлин Чаҕылҕан аатынан литературнай салаа сэбиэдиссэйэ Анна Семеновна Николаева, Чагылган аймахтара, “Отуу уота” литературнай түмсүү, Намнааҕы кииннэммит библиотечнай ситим директора Майя Романовна Софронова.

Киэн туттар биир дойдулаахпыт, бэртээхэй поэт, сэргэх музыкант, талааннаах уруьуйдьут И.Д.Винокуров – Чаҕылҕан төһө да кылгастык олордор, саха  литературатыгар, культура сайдыытыгар улахан суолу-ииһи хаалларбыта. Кини айар үлэтэ, олорбут олоҕо өссө да үгүс сылларга үөрэтиллэ, сыаналана, үйэтитиллэ турдун диэн баҕарабыт. Туругурдун Чаҕылҕан поэзията диэн туран бүгүҥҥү тэрээһиммитин түмүктээтибит. Бука барыгытыгар кыттыыны ылбыккытыгар махтал буолуохтун!

Мы используем cookie-файлы для наилучшего представления нашего сайта. Продолжая использовать этот сайт, вы соглашаетесь с использованием cookie-файлов.
Принять