22.11.2024

Талыы- талба Таатта дьонугар Көбөкөнтөн эҕэрдэ

Сэтинньи 13 күнүгэр П.П.Ядрихинскай- Бэдьээлэ аатынан сынньалаҥ киин үлэһиттэрэ Пестерев Илларион Илларионович, Тютрина Мария Семеновна, Федотова Светлана Семеновна,  Осипов Ким Алексеевич  уонна мин олохтоох библиотекарь                               Бочкарева Февронья Юрьевна элбэх улууһу уҥуордаан, уһун айаны айаннаан Таатта улууһугар баран кэллибит. Биһиги барбыт сыалбыт – сорукпут диэн, саха советскай литературатын төрүттээбит суруйааччы, Саха судаарыстыбаннаһын тэрийсибит, сүүрбэһис үйэ саҥатыгар олох- дьаһах чыҥха уларыйыытын оҥорсубут уһулуччулаах политическай деятель, лингвист- учуонай, наука салайааччыта Платон Алексеевич Ойуунускай төрөөбүтэ 125 сылынан, төрөөбүт дойдутун дьонун- сэргэтин, талыы- талба Таатта олохтоохторун, Эҥсиэли хочолоох Нам улууһун сэбиэскэй государственнай- партийнай деятель Максим Кирович Аммосов биир дойдулаахтарын ааттарыттан истиҥник эҕэрдэлээн, улуу киһибит аатын ааттатан , ытыктаан, сүгүрүйэн кэллибит.

Бастаан Таатта Чөркөөҕөр Суорун Омоллоон тэрийбит Чөркөөхтөөҕү мемориальнай музейыгар сырыттыбыт. Онтон Былатыан Ойуунускай үөрэммит оскуолатыгар уонна төрөөбүт балаҕаныгар сылдьаммыт олус астынныбыт. Киһи сөҕүөн курдук, балаҕан иһэ ис- иһиттэн хайдах эрэ сылаас тыыннаах, субу дьон билигин да олороллорун курдук этэ. Ол кэннэ Халамнаайы Эбэҕэ тохтоон, Былатыан Ойуунускай автобиографическай айымньытынан оҥоһуллубут  “Оҕо куйуурдуу турара” памятникка тохтоон, сүгүрүйэн аастыбыт. Онтон Ытык –Күөл театрыгар кэлэн , ис сүрэхтэн долгуйан туран Эҕэрдэ сурукпутун ааҕан, сэмэй бэлэхпитин улуу олоҥхоһуппут П.П.Ядрихинскай-Бэдьээлэ “Дьырыбына Дьырылыатта” кинигэтин уонна Нам улууһун туһунан кинигэни туттардыбыт. Бу кэннэ Ким Осипов эҕэрдэ ырыатын ыллаан дьон- сэргэ биһирэбилин ылыан ылла. Маны таһынан,  Таатта улууһун библиотекаларын кииннэммит ситимэ туруорбут олус дириҥ ис хоһоонноох кинигэтин быыстапкатын көрдүбүт уонна       Евгения Ивановна Шестакова хомуйан оҥорбут,  саҥа тахсыбыт, буруолуу сылдьар    “Дорҕоонноох тылым хоһооно долгутар алгыстаах…”  П.А. Ойуунускай айымньыларыттан, ахтыыларыттан, этиилэриттэн, ыстатыйаларыттан бэргэн этиилэр кинигэтин илиибэр тутаммын олус долгуйдум, үлэбэр- хамнаспар бу кинигэ көмөлөөх буолара саарбаҕа суох.

Былатыан Ойуунускай ыкса доҕоро Максим Аммосов буоларын бары  билэбит. Ол курдук,  1932 сыллаахха Ойуунускай тус бэйэтинэн биһиги дойдубутугар, Нам Көбөкөнүгэр кэлэн, Буоратай, Бочоох, Бэдьээлэ олоҥхолорун сурунан, истэн барбыта. М.К.Аммосов ийэтинэн аймахтара Көбөкөҥҥө олорор буоланнар, Ойуунускай кинилэргэ сылдьан, хонон- өрөөн  ааспыта диэн уостан түспэккэ, киэн туттулла ахтыллар номох баар.

Улуу убайбыт, саханы саха дэппит Былатыан Ойуунускай, биир дойдулаахпыт Максим Аммосов доҕордоһууларын туоһулаан, биһиги Көбөкөн нэһилиэгэ бу Улуу өрөгөйдөөх күҥҥэ,  Былатыан Ойуунускай сылын түмүктүүр тэрээһиҥҥэ сылдьан кэлбиппититтэн олус дьоллоохпут , киэн туттабыт, сүгүрүйэбит.

 

Олохтоох библиотекарьФевронья Бочкарева

Көбөкөн, Нам улууһа

  Сэтинньи 27 күнэ

Мы используем cookie-файлы для наилучшего представления нашего сайта. Продолжая использовать этот сайт, вы соглашаетесь с использованием cookie-файлов.
Принять