08.12.2024

П.А.Слепцов-Ойуунускай төрөөбүтэ 125 сылыгар анаммыт тэрээһиннэр

Бу күннэргэ П.А. Слепцов-Ойуунускай төрөөбүтэ 125 сылын  Саха сирэ бүттүүнэ күргүөмнээхтик, өрө көтөҕүллэн туран ыллыбыт. Платон Ойуунускай тыыннааҕар уос номоҕор киирбит уһулуччу талааннаах, уустук олохтоох общественнай деятель баара-суоҕа айар үлэнэн 22 сыл үлэлээбитэ, ол да буоллар ити кылгас кэм иһигэр 11 кинигэни таһаартарбыта.  Кини айар үлэтэ общественнай-политическай үлэтин салҕааһын курдук көстөр. Дэлэҕэ да Ойуунускай бэйэтин туһунан этиэ дуо “аҥаар илиитигэр кырыылаах ыстыыктаах, аҥаарыгар суруйар”.

Нам улууһа сүдү киһибитигэр  Платон Ойуунускайга аналлаах  араас ис хоһоонноох тэрээһиннэри ыытта. Хас нэһилиэктэр аайы Ойуунускай айымньыларынан литературнай биэчэрдэр, көрсүһүүлэр ыытылыннылар, драмалар турдулар.

Биһиги библиотекабыт иһинэн ааҕааччыны кытта үлэлиир салаа абонемент саалатыгар суруйааччы, чинчийээччи, учуонай, революционер, общественнай-политическай, государственнай деятель П.Ойуунускай олоҕун, айар үлэтин көрдөрөр “Мин норуот уолабын” диэн киэҥ ис хоһоонноох кинигэ быыстапката тэрилиннэ. Ону сэргэ быыстапка иһинэн «Мин Ойуунускайым» онлайн-викторина ыытыллан дьоммут-сэргэбит көхтөөхтүк кыттан билиилэрин-көрүүлэрин тургутан көрдүлэр. Викторина  хоруйдарын быыстапкаттан көрдөөн-булан, хасыһан  өссө дуоһуйууну, астыныыны ыллылар. Нэһилиэк оскуолаларын хабан Ойуунускай олоҕун, айар үлэтин кэпсиир кылаас чаастар «Ойуунускай айымньылара билиҥҥи кэми кытта ситимнэһиилэрэ», «Улуу убайбыт Ойуунускай», «Сүүс сыллаах улуу былаан» буолуталаатылар.

Платон Ойуунускайга 125 сылыгар аналлаах тэрээһиммит түмүгүнэн “Көҥүл олох тойуксута» диэн  литературнай дьоро  күн  буолан ааста.

Литературнай  күммүтүн Ойуунускай “Сүүс сыллаах Улуу былаан” (оҥоһуллан эрэр олоҥхо)  айымньытынан аһан бэрт сонун, сэргэх көстүү буолла.     «Толоруулаах Доропууну” ааҕааччыбыт Софронов Николай Степанович оонньоон-көрдөрөн, сүүс сыл иһигэр туох уларыйыы буолуохтааҕын кэпсээн дьону сөхтөрдө. Маны сэргэ нэһилиэк дьоно туора турбакка Платон Ойуунускай айар үлэтигэр сүгэрийэллэрин, кэрэхсииллэрин туоһулаан хоһоон ааҕан, ырыа ыллаан, кэпсээннэриттэн кыра кэрчик оонньуулары көрдөрөн астынан тарҕастыбыт.

Платон оҕо сааһа сүрдээх ыарахан, кыһалҕалаах этэ. Дьэ, бу кыһалҕалаах олоҕун ойуулаан көрдөрбүтүн С.Гаврильев аатынан №1-дээх оскуола  4 кылаас үөрэнээччитэ Айсен Данилов киһи уйадыйыах курдук,   «Оҕо куйуурдуу турара» диэн  кэпсээнтэн ааҕан көрдөрдө.

И.Д. Винокуров-Чаҕылҕан аатынан алын сүһүөх оскуола, 4 кылаас үөрэнээччилэрин толорууларыгар «Өйдөөх оҕо»,  «Үгэспитинэн буоллаҕа дии» көрөн күллүбүт да сонньуйдубут да, Егорова Сайыына «Муора» диэн хоһоону олус иэйиилээхтик ааҕан долгутта, муораҕа баар курдук сананныбыт.

Партизан нэһилиэгин орто оскуолатын үөрэнээччилэрэ Максим Бережнев, Дьулустаан Марков «Мин бэккэ ытабын» диэн хоһоону абаран-сатаран туран ааҕаннар дьону итэҕэттилэр.

Таллан Бүрэ аатынан орто оскуола 2-с кылааһын үөрэнээччитэ Зарина Яковлева суруйааччы улахан кыыһыгар Саргыланаҕа анаабыт «Татыйык ыллыыра» диэн хоһоону киһи эрэ сэргиэх курдук туттан ааҕан көрөөччүлэр, кыттааччылар куттарын тутта.

Платон Ойуунускай ийэтин туһунан олус истиҥник “Ийэм Дьэбдьэкиэй уҥуоҕар” диэн айымньытыгар суруйбутун ааҕааччыбыт Ольга Николаевна Ядрихинская, “кылбаҕаркаан кынаттаах кыталыктыыр кыылтан ордук Кынтайар мөндөйөр, кынтайаана ньыркын доҕорун, Тырымныыр чыычааҕын, Лаллайаана далбарын”, бастакы тапталын Фекла Сокольникованы хоһоонугар холбообутун «Доҕорбор Сүөкүччэҕэ» диэн хоһоонун Татьяна Никифоровна Москвитина олус истиҥник, уйулҕаны хамсатар гына аахтылар.

И.Е. Винокуров аатынан Намнааҕы педагогическай колледж студеннара, учууталлара Платон Ойуунускай айар үлэтин, олоҕун сиһилии литературнай дьүһүйүү көрдөрөн дьон сэҥээриитин ыллылар. Литературнай куруһуок салайааччыта  Прасковья Дмитриевна Байанаева «Өрүөл кэриэһэ» баллада-хоһоонун  дьиҥ-чахчы ол кэминээҕи сыллары “Аргыардаах Амманы” «уот будулҕаны» ойуулаан ааҕан бу күммүтүн ураты тыыннаата.

Биир кэрэхсиир түгэнинэн буолла викторина түмүгэ. Кыайыылаах  бастакы миэстэ Марина Григорьевна Винокурова Хамаҕатта нэһилиэгин олохтооҕо буолла, иккис миэстэ Мэҥэ-Хаҥалас улууһун Хорообут нэһилиэгиттэн Антонина Иннокентьевна Тихонова, үһүс миэстэ М.К. Аммосов аатынан Хатырык орто оскуолатын 8 кылааһын үөрэнээччитэ Айта Петрова буолан инники хардыылаатылар. Кыайыылаахтарбытыгар диплом, кинигэ бэлэх ууннубут, викторина кыттыылаахтарыгар сертификат, кинигэ туттарылынна.

Үлэлиирбитигэр ааҕааччыларбыт Мэҥэ Хаҥаластан кыттыбыт Антонина Иннокентьевна Тихонова  истиҥ махтал тылларын этэн:  “Наһаа үчүгэй ис хоһоонноох элбэҕи толкуйдатар боппуруостаах  викторина ыыппыккыт. Мин бу викторинаны таайарбар олус элбэх литератураны аахтым, хаһыстым. Ол иһин улахан махталбын этэбин… Инники үлэҕитигэр ситиһиини, маннык дьон-сэргэ ортотугар, дьоннуун бииргэ үлэлээн” диэн биһиэхэ өссө үлэлиирбитигэр кыах биэрэллэр.

Улуу суруйааччы, биллиилээх общественнай-политическай деятель П.А.Ойуунускай төрөөбүтэ 125 сыла… хас да көлүөнэ бэйэ-бэйэтин солбуспут кэмэ. Уһун олох эрийэ-буруйа суола, сороҕор кыараҕас ыыр буолан, сороҕор муҥурданан сүтэн-оһон иһэн, эмиэ көнөн, киэҥ аартык буолан тыргыллар… Ол курдук киһи өйө-санаата, олох суолун ухханыгар охсуллан, арыт самнан кэхтэр, арыт өрөгөйдөөн сайдар.

Онтон Б.Ойуунускай эйэргии мичилийэн этэргэ дылы гынар: “Сурт унаарыйар буруолаах, өтөх хаалар төҥүргэстээх, тыыннаах ситим утахтар быстыбакка салҕаналлар…»

«Мин Ойуунускайым» викторина хоруйдарын кытта билсиҥ:

 

 

БОЛҔОЙУҤ, ЛИТЕРАТУРНАЙ ВИКТОРИНА!

Биллиилээх государственнай деятель, саха советскай литературатын төрүттээччи, поэт, прозаик, драматург, публицист, учуонай П.А.Ойуунускай төрөөбүтэ 125 сылыгар аналлаах «Мин Ойуунускайым” литературнай викторина хоруйдара:

 

  1. Ким кэлэн, кэтит кэпсээн киэргэлин

Кэпсээн киэбирэн, киһиргээн эрэҕин

Диэтэргит – хороҕор куорсуннаах,

Куораҕай куолайдаах, холуоһа этэрбэстээх,

Холоҥсолоох хотонноох,

Хоппуруос харахтаах хотун ийэлээх,

Хойутаан турар хотун ойохтоох,

Кулукуоскай суруксут ыччат ыалабын…

Бу П.А.Ойуунускай бэйэтин туһунан билиһиннэриитин ханнык хоһоонугар суруйбутай, хас сыллаахха?

Таатта оҕото Дьаралыктыйа Былатыан, 1917 с.

 

  1. «Мин аҕам, тыа быстар дьадаҥыта, тойоттор ытарча хабаларыгар хаптарбыт, сир уонна сүөһү кулута этэ…» диэн суруйбута Ойуунускай. Аҕатын толору аата?

Алексей Петрович Слепцов-Хоочугур

 

  1. Эһэтэ Уйбаан Унаарап бэйэтин түөлбэтигэр элбэх кэпсээннээх-ипсээннээх киһинэн биллэрэ. Эһэтин туһунан ханнык кэпсээнигэр киллэрбитэй?

“Соломуон муударай” кэпсээнигэр киллэрбит. “Эһэм Уйбаан Унаарап оҕонньор туутун, тиргэтин кэрийэ сылдьан: «Хайа, доҕоор, сынньаныахпыт дуу? – диэн тымтайын сиргэ уурбута, күн уотугар көхсүнэн олорбута» уонна Соломуон туһунан сэһэргээбитэ диэн суруйар.

 

  1. 1914 сыллаахха түөрт кылаастаах училищеҕа үөрэнэ сылдьан, нууччалыы тылынан суруйбут хоһооннорун уонна кыра пьесаларын «Жехсорусцов» диэн кистэлэҥ аатынан илиинэн суруллар сурунаалга таһаарбыта.

 Ол сурунаал аата?

“Юность” сурунаал

 

  1. «Кыһыл Ойуун» саха литературатын бөдөҥ, уустук уонна дьикти айымньытын маҥнай торумнаммыт аата?

Добун Ойуун

 

  1. “Дьулуруйар Ньургун Боотур” олоҥхо-опера либреттотын уонна музыкатын кимнээх оҥорбуттарай?

Саха народнай суруйааччыта Дмитрий Кононович Сивцев-Суорун Омоллоон-либретто, Марк Николаевич Жирков-музыка, оркестр партиятын Генрих Ильич Литинский.

 

7 “…Кэмнэрдээх аналбыт

Кэхтиилээх кирбиитэ

Кэлэрин көрөммүн

Иккистээн эргийбэт

Илэ кэрэ сааскар

Хоһуйан ыллаатым”.

Хас сыллаахха кимиэхэ анаабыт хоһооной?

1922 с. алтынньы 30 күнэ. «Доҕорбор Сүөкүччэҕэ» хоһоонунан улуу Ойуунускай таптыыр доҕорун үйэлэргэ үйэтиппитэ.

 

  1. 1966 сылтан ыла П.А. Ойуунускай аатынан Судаарыстыбаннай бириэмийэтэ туттарыллар. Бу кэм устата Саха сирин биир ураты суолталаах уонна үрдүктүк сыаналанар бириэмийэтин 70-тан тахса киһи ылла.

2013 сыллаахха П.А. Ойуунускай төрөөбүтэ 120 сылыгар ханнык суруйааччы бу бириэмийэни ылбытай?

Лугинов Николай Алексеевич – СР Духуобунаһын академиятын вице-бэрэсидьиэнэ, РФ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, СР народнай суруйааччыта, СР бочуоттаах олохтооҕо – “Чыҥыс Хаан ыйааҕынан” уонна “Хун сэһэннэрэ” айымньыларын, өр кэмнээх уопсастыбаннай-бэлитиичэскэй үлэтин иһин.

 

  1. Хас сыллаахха ханнык худуоһунньук Ойуунускайы тыыннааҕар уруһуйдаан үйэтиппитэй?

1926 сыллаахха худуоһунньук Петр Романов.  Билигин художественнай училище кини аатын сүгэр. Бу хартыына Ойуунускай дьиэ кэргэнигэр хараллан сыппыта.

 

  1. 10. «Ойуунускай бэйэтин ис санаатын, дууһатын кичимэллээх кистэлэҥин иккигэ эрэ эрэнэн-итэҕэйэн туттарара: биирдэрэ-доҕоро Максим Аммосовка, иккиһэ-бэйэтин поэзиятыгар». «И вся его жизнь – до конца не спетая поэма, не оконченная драма и не полностью раскрытая трагедия»

Ким эппит тылларай?

Саха народнай суруйааччыта Суорун Омоллоон.

 

  1. П.А.Ойуунускай үйэтин тухары төрөөбүт тылбыт сайдарын туһугар турууласпыта. Кини аспирантураны бүтэрэн, филологическай наука кандидата буолан, сахалартан аан маҥнай тыл наукатын кандидата, бөдөҥ учуонай буолбута.

Аспирантураны бүтэрэригэр диссертациятын тематын аата

«Саха тыла уонна кини сайдар суоллара», “Якутский язык и пути его развития”.

 

  1. “Дьэбэрэттэн тахсыы” кэпсээҥҥэ дьону алдьархайга тэбэ оонньуур, оҕуруктаах оҕонньор аата?

(Өндөрөй оҕонньор)

 

  1. Ханнык улууска, олорор сирдэрэ ыйыллыбакка үлэҺит дьон-аймах мунньустан олорон, ханнык сүдү  үлэни ылыммыттарай?

(Сүүс сыллаах Улуу былаан)

 

  1. “Ханна да хайыс – орто туруу дойду олоҕо икки улуу мөккүөр күүһүнэн, икки улуу былдьаһык уотунан үктэллэнэн сайдан испит эбит. Күүстээх өйдөөх, модун санаалаах, биир-биир туран, олоҕу уларытаары улуу мөккүөрү мөккүһэн – сорох өлбүт, сорох кыайбыт… Ол курдук улуу мөккүөр олохсуйбут, иитиллибит эбит».

Бу ханнык айымньытыттан быһа тардыыный?

«Улуу Кудаҥса»

 

  1. Нам сэлиэнньэтигэр Платон Оййунускай аатынан уулусса 60-70-с сс. Имре Ковач диэн ааттанара, 80-с сыллардаахха Парковай диэн буолбута.

Хас сыллаахха Платон Ойуунускай аатын иҥэрбиттэрэй?

1989 с.

Мы используем cookie-файлы для наилучшего представления нашего сайта. Продолжая использовать этот сайт, вы соглашаетесь с использованием cookie-файлов.
Принять