22.11.2024

Түбэ библиотеката – бастыҥ култуура тэрилтэтэ

Саха Өрөспүүбүлүкэтин култуураҕа уонна духуобунай сайдыыга министиэристибэтэ култуура тэрилтэлэрин өйүүр сыаллаах программа чэрчитинэн, куонкурус биллэрэн бастыҥ култуура тэрилтэлэрин сыл түмүгүнэн быһаарар. 2023 сылга республика үрдүнэн 23 бастыҥ култуура үлэһиттэрэ уонна 13 бастыҥ култуура тэрилтэлэрэ ааттаннылар. Кинилэр ортолоругар Түбэ модельнай библиотеката (сэбиэдиссэй Григорьева Людмила Савельевна) 100 тыһ. солк. субсидияны ылары ситистэ.  

Түбэ библиотеката нэһилиэккэ ыытыллар тэрээһиннэргэ көхтөөхтүк кыттар, тэрийэр, иилиир-саҕалыыр. Нэһилиэк бары тэрилтэлэрин кытта биир ситимнээхтик былаан оҥостон үлэлиир. Библиотека иһинэн «Ситим” дьиэ-кэргэнинэн ааҕыы кулууба, оскуола оҕолоругар “Эдэр суруналыыс” куруһуок үлэлииллэр. Кэнчээри ыччакка сахалыы сиэри-туому үөрэтэр, ааҕыыны көҕүлүүр сыаллаах «Өбүгэ үгэhин утумнаан», «Ааҕыы холбуката» бырайыактар үлэ сүрүн тосхоллоро буолаллар. Библиотека саҥа технологиялары туһанан, бу хайысхаҕа күүскэ үлэлиир. Хас биирдии тэрээһиҥҥэ электроннай презентациялары, кинигэ быыстапкаларын, видеороликтары бэлэмниир. Библиотека саайтыгар нэһилиэк историятын туһунан матырыйааллары, ыытыллыбыт тэрээһиннэр тустарынан сонуннар, билиини кэҥэтэр викториналар, куонкурустар тахсаллар.

2023 сыл түмүгүнэн библиотекаҕа 319 ааҕааччы 3000 тахса кинигэни, хаһыаты, сурунаалы уларсан аахпыт.  Людмила Савельевна салайыытынан, Түбэ эдэр ааҕааччылара республиканскай күрэхтэргэ ситиһиилээхтик кыттыбыттар. Ол курдук, Национальнай библиотека тэрийэн ыыппыт «Рисую любимую книжку» күрэххэ 11 кылаас үөрэнээччитэ Попова Надя 2 миэстэ, народнай суруйааччы Николай Лугинов айымньыларынан видеоролик күрэҕэр 6 кылаас үөрэнээччитэ Новиков Савва 1 миэстэ буоллулар.

Саҥа сылга сэбиэдиссэй Людмила Савельевнаҕа, техүлэһит Мария Саввичнаҕа өссө үрдүк ситиһиилээх үлэни, саҥа сонун бырайыактары олоххо киллэрэн иһэргитигэр, чэгиэн доруобуйаны, дьиэ-кэргэҥҥитигэр дьолу-соргуну баҕарабыт!

Мы используем cookie-файлы для наилучшего представления нашего сайта. Продолжая использовать этот сайт, вы соглашаетесь с использованием cookie-файлов.
Принять