06.12.2024

Таҥха күннэрэ

2024 сыл – Россияҕа Дьиэ кэргэн, Саха сиригэр Оҕо саас, Нам улууһугар Оҕо спордун уонна саха омукка Айыыһыт  сыла үүммүтүнэн бука барыгытын эҕэрдэлиибит! Саҥа сыл хас биирдии дьиэ кэргэҥҥэ дьолу-соргуну, иллээх-эйэлээх, байылыат олоҕу түстээтин!

Тохсунньу – Таҥха ыйа. Былыр-былыргыттан биһиги өбүгэлэрбит таҥха иһиллээн, сэрэбиэй быраҕан, кистэлэҥ эйгэ быыһын сэгэтэн, инникилэрин тымтыктанан көрөллөрө. Ол үгэс күн бүгүҥҥэ диэри сүппэккэ-оспокко, таҥха оонньууларын сэҥээрэр киһи билигин да үгүс.

Тохсунньу ый 12 күнүттэн 19 күнүгэр дылы 1Хомустаахха «Эйгэ» саҥа көлүөнэ библиотекатыгар эргэ саҥа дьыл уонна таҥха кэмигэр аналлаах «Билгэлэн. Арчылан»  тэрээһин ыытыллар. 

Библиотека үлэһиттэрэ Надежда Жиркова, Лариса Сивцева 1970-80 сыллардааҕы  сэбиэскэй кэми санатар киһи кэрэхсиир зонатын тэрийдилэр. Библиотекаҕа сылдьыбыт дьон болҕомтолорун атахха турар «Чайка» телевизор, «Иней-303» ленточнай магнитофон, «Смена» фотоаппарат, «Маяк» чаһы, кыра харыйачаан, Тымныы оҕонньор, Ленин портрета, «Ленин суола», «Эҥсэлиада» Нам оройуонун хаһыаттара, саҥа дьыллааҕы открыткалар, оонньуурдар, сувенирдар  уо.д.а. урукку кэминээҕи санатар маллар тардыахтара.

Бу эрэ күннэргэ 1947 с. тахсыбыт Н.Якутскай «Төлкө», Амма Аччыгыйа «Сааскы кэм” кинигэлэринэн инникини билгэлэнии, хаартынан сэрэбиэйдэнии уонна маастар кылаастар ыытыллыахтара. 

 Ааспыт оҕо саас дьоллоох кэмнэрин санаан, хаартыскаҕа түһэн үйэтитэргэ 1Хомустаах «Эйгэ» саҥа көлүөнэ библиотеката ыҥырар !

Мы используем cookie-файлы для наилучшего представления нашего сайта. Продолжая использовать этот сайт, вы соглашаетесь с использованием cookie-файлов.
Принять