15.10.2024

Ефрем Степанович Сивцев-Таллан Бүрэ 1909 сыл тохсунньу 25 күнүгэр Нам улууһун Хатыҥ Арыы нэһилиэгэр төрөөбүтэ. Ефрем Степанович эрдэ тулаайах хаалан, эбэтигэр иитиллибитэ. Эбэтэ сотору өлбүтэ, онон кырачаан Ефрем хараҕа суох умнаһыт оҕонньорго сирдьит буолбута. Элбэх нэһилиэги, ыалы кэрийэ сылдьан олоҥхоһут Микиис олоҥхолорун, ырыаларын элбэхтик истэн, өйүгэр-сүрэҕэр иҥэриммитэ. Советскай былаас туругурбутун эрэ кэннэ начальнай оскуоланы бүтэрэр кыахтаммыта. 1922 с. Ефрем пионер кэккэтигэр киирэр, 1925 с. комсомолец буолар. 1926 сыл күһүнүгэр Якутскайдааҕы советскай-партийнай оскуолаҕа киирэр. Онно гражданскай сэрии геройа Кеша Алексеев төлөннөөх лекцияларын истэрэ. Бу оскуолаҕа үөрэнэ сылдьан, 1929 сыллаахха Булуҥ уокуругар Советскай былааһы чөлүгэр түһэрэргэ күүрээннээхтик үлэлэспитэ. Онон Ефрем Степанович Саха сирин бастакы комсомолецтарыттан биирдэстэрэ, гражданскай сэрии кыттыылааҕа.

Советскай-партийнай оскуоланы Ефрем Степанович 1932 сыллаахха бүтэрбитэ. РОНО сэбиэдиссэйинэн, инспекторынан үлэлээбитэ, үүнэр ыччакка саха тылын уонна литературатын өр сылларга үөрэппитэ.

1929 с. бастакы хоһоонноро бэчээттэммиттэрэ, 1937 с. “Хоһооннор” диэн бастакы хоһооннорун хомуурунньуга тахсыбыта.

Е. С. Сивцев өр сыллаах үлэтэ үрдүктүк сыаналаммыта. Кини «Бочуот Знага» орденынан, медалларынан уонна РСФСР, Саха АССР Верховнай Сэбиэттэрин Президиумнарын Бочуотунай грамоталарынан наҕараадаламмыта, Саха АССР культуратын үтүөлээх үлэһитэ. 1944 сылтан ССРС Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, 1943 сылтан ССКП чилиэнэ.

Е.С.Сивцев 1984 сыллаахха кулун тутар 1 күнүгэр өлбүтэ.

Ефрем Степанович өр сылларга сыратын биэрэн үлэлээбит Бөтүҥ орто оскуолатыгар 1994 сыллаахха  кини аатын иҥэрбиттэрэ  уонна бу сылтан олоҕун, айар үлэтин көрдөрөр музей дьиэ арыллан үлэлиир.как найти человек по номеру телефонаseo company

Мы используем cookie-файлы для наилучшего представления нашего сайта. Продолжая использовать этот сайт, вы соглашаетесь с использованием cookie-файлов.
Принять