09.12.2024

ПОТАПОВ ЮРИЙ ВАСИЛЬЕВИЧ-САРГЫН

1941 с. ахсынньы 30 к. Арбынна (Нам улууьа) Кириэстээх диэн сиргэ тереебутэ. Туруппуттэрэ тыа сирин кыра холхуоьун чилиэннэрэ этилэр. Арбын начальнай, Хатырык а5ыс кылаастаах оскуолатын 7 кылааьын бутэрэн баран, Хама5атта а5ыс кылаастаах оскуолатын бутэрээт, Булуутээ5и педучилище5а уерэнэ киирбитэ. Ити сылларга Хатырыкка уонна Хама5атта5а К.П. Яковлева салайбыт литературнай куруьуогар, онтон педучилище5а Н.П. Дмитриевка сылдьан уус-уран тыл кистэлэннэригэр уьуллубута. О5о эрдэ5иттэн иэйиитэ кэйэн, хоьоон суруйа сатыыр дьарыгын ити куруьуоктарга сылдьан бэркэ диэн сайыннарбыта. Саргын билигин 200-кэ хоьооннордоох. Олорго барытыгар кэргэнигэр, о5олоругар, сиэннэригэр, аймах-билэ дьонугар, тереебут терут туелбэтигэр тапталы хоьуйар. Саргын “Кыыс кэрэ — Нам сирэ” диэн хоьооно улуус иккис гимнин курдук ылланар ырыа буолла. Самодеятельнай композитор, мелодист А.Т. Замятины кытта бииргэ субэлэьэн улэлииллэр. Учуутал, совхоз отделениетын управляющайа, ыстаарсай биригэдьиир, комском секретара, госстрах агена энин улэлэргэ салайааччы да, улэьит да быьыытынан сирдэрбэтэ5э.  

2012 сылтан СР суруйааччыларын союьун чилиэнэ.

Кинигэлэрэ:

Кыыс кэрэ – Нам сирэ : [хоьооннор]. – Нам, 2011. – 112 с.

 

 

 

 

 

 

Сырдык куннээх Кириэстээх : [хоьооннор]. – Нам, 2011. – 82 с.

 

 

 

 

 

 

Оло5ун уонна айар улэтин туьунан литература

  1. Иванов, И.Сана кинигэлэрэ сурэхтэннэ : [«Сырдык куннээх Кириэстээх» уонна «Кыыс кэрэ — Нам сирэ» диэн кинигэлэрин сурэхтэниилэрэ] / И. Иванов // Энсиэли. — 2011. — Алтынньы 8 к.
  2. «Оло5у-улэни хоьуйан керуеххэ»: [хоьооннорун ырытыы] // Ленин суола. — 1986. — Муус устар 5 к.
  3. Потапова, Наталья.Эьээбитигэр (а5абар Юрий Потапов-Саргынна) : [хоьоон] / Наталья Потапова // Энсиэли. — 2011. — Кулун тутар 26 к.
  4. Филиппова, Г. Я.Бырааппар Дьууруйга! : [хоьоон] / Г. Я. Филиппова // Энсиэли. — 1997. — Алтынньы 18 к.

НАЗАДлобановский харьковчастотность и конкурентность поисковых запросов

Мы используем cookie-файлы для наилучшего представления нашего сайта. Продолжая использовать этот сайт, вы соглашаетесь с использованием cookie-файлов.
Принять