Н.М. Рыкунов аатынан Намнааҕа киин библиотекаҕа Дмитрий Федотович Алексеев төрөөбүтэ 85 сылыгар анаммыт, олоҕун, үлэтин-хамнаһын кэпсиир «Намыгар туһалаах буолаары» кинигэ сүрэхтэниитигэр истиҥ-иһирэх, сылаас көрсүһүү буолан ааста.
Кинигэ автора Российскай Федерация уопсай үөрэхтээhиҥҥэ Бочуоттаах үлэhитэ, Саха республикатын «Гражданскай килбиэн» бэлиэ хаhаайката Лина Михайловна Полякова. Көрсүһүүгэ кэлбит дьон кинигэ ис тутулун, оҥоһуутун , суруйуу истиилин ырыттылар. Кинигэ бастакы чааһыгар Дмитрий Федотович төрүттэриттэн саҕалаан олоҕун кэрчиктэрин уустаан-ураннаан суруйбут, салайааччы быhыытынан үлэтин, дьоҥҥо сыhыанын уратылара, аймахтарын, бииргэ үөрэммит доҕотторун, алтыhан үлэлээбит дьонун-сэргэтин ахтыыларынан кинигэ иккис чааhа ситэриллэн биэрбит. Кинигэ үhүс чааhыгар
салайбыт улууhа, олорбут нэhилиэгэ, дьиэ кэргэнэ Дмитрий Федотович үтүө аатын үйэтитиигэ ыытар үлэлэрэ сиhилии арыллар.
Автор Лина Михайловна Полякова кинигэни суруйарыгар мунньуллубут тирэх докумуоннары уонна ахтыылары оскуола
саҕаттан баалларын
сөҕөн бэлиэтээтэ. Ону таhынан уолаттара Федот, Георгий Алексеевтар аҕалара бииргэ үөрэммит, үлэлээбит дьоннорун, аймахтарын кытта көрүүһүннэрэн кинигэ суолтата улааппытын этиннэ. Урукку кэмнээх илиинэн суруллубут архыыбынай докумуоннары кэргэнэ Галина Георгиевна Алексеева комментарийдаах ырытыы, үөрэтии
эрэ кэнниттэн
кинигэ силигин сиппитин туһаайда. Ону таһынан, кинигэни таһаартарааччы Георгий Дмитриевич, эдэр киһи диэтэххэ, историяны өйдүүрэ, аҕатын сурукка–бичиккэ хаалларар баҕата баһаамын, ахтыыларынан эрэ муҥурдаммака
литературнай аҥаардаах, атыннык суруйтарыан баҕарарын истэн, эбии соһуйбут.
Көрсүһүүгэ кэлбит ыалдьыттар кинигэ туhунан тус санааларын авторга эттилэр, махтаннылар. Дмитрий Федотович оҕолоро Георгий, Федот аҕаларын үйэтитэн, халыҥ аймахтарын өссө чугастык ситимнээбиттэрин туhаайан эттилэр.
Георгий
Дмитриевич Алексеев, ООО «Вертикаль” тутуу хампаанньатын генеральнай директора: «Мин оскуолаҕа үөрэммит кэмнэрим тухары,
аҕабын
дьиэтигэр-уотугар
аҕа эрэ курдук билэр эбиппин,
онтон кэнники улаатан, дойдубар Хомустаахха кэллэҕим аайы, аҕам туһунан кинилиин алтыспыт дьоно
убаастаан, ытыктаан ахтан кэпсииллэрин истэн, улам аҕабын үйэтитэн, норуокка хаалларар санаам күүһүрдэр
күүһүрэн
испитэ. Биэс сыл устата бу баҕа санаабын бэйэбэр иитиэхтээн, хайдах быһыылаах суруллуохтааҕын сыта-олоро толкуйдаан, Лина Михайловна автордаах күн сирин көрдөрдүбүт. Лина Михайловнаны ыйан–кэрдэн биэрбит киһинэн мин маҥнайгы учууталым Д.Ф. Алексеев аатынан Бастакы Хомустаах орто оскуолатын учуутала,
СӨ үөрэҕириитин туйгуна Марфа Гаврильевна Степанова буолар».
Истиҥ көрсүһүүгэ кэлбит дьон кинигэни эрдэ ааҕан, кинигэ суруллубут истиилин сөбүлээн бэйэлэрин ис санааларын аһаҕастык этиннилэр.
Мария Романовна Колмогорова, СР үөрэҕириитин туйгуна, Учууталлар учууталлара, СР үөрэҕириитин ситимин Бочуоттаах ветерана:
— Кинигэни аахтаҕым аайы Д.Ф. Алексеевы кытта тэбис тэҥҥэ салайсан үлэлээбит курдук сананным. Автор хас биирдии ааҕа олорор киһи оннук турукка киирэрин ситиспит.
Александр Иванович Копырин, П.И. Сивцев аатынан Намнааҕы история уонна этнография музейын директора:
— Бу кинигэҕэ Д.Ф. Алексеев төрүччүтүттэн саҕалаан бииргэ үөрэммит, үлэлээбит үөлээннээхтэрэ киирбиттэрин ааһан, кини үлэлээбит нэһилиэгин эдэр көлүөнэтэ, оскуола оҕолорунан түмүктэммитэ сүрдээх үчүгэй. Кинигэ саамай кыайыыта онно сытар, ол аата кини салҕааччылардаах
диэн киһи биир түмүккэ кэлэр.
Марфа Васильевна Оконешникова, үлэ бэтэрээнэ, культура уонна СӨ Тыатын хаһаайыстыбатын туйгуна.
— Мин Д.Ф. Алексеевы кытта бииргэ үлэлээбит киһи буолабын, кинигэни ааҕан баран ол урукку кэммэр төннөн, эдэр сааспын санаан кэлбитим. Автор кинигэни суруйарыгар
биир да күүркэтиитэ суох, дьиҥ буолбуту, чахчыны суруйбут. Дьиктитэ, барытын хабан
туран ис дууһатыттан суруллубута тута биллэр, хас биирдии дьон
ахтыыта эмиэ оннук.
Жирков Василий Гаврильевич, «Хомустаах Бастакы нэһилиэгэ» МТ баһылыга.
— Мин бэйэм «Нам» совхозка үлэлэспит киһи буоларым быһыытынан
«Намыгар туһалаах буолаары …” кинигэ тахсан силигин толору сиппититтэн астынабын уонна үөрэбин. Автор чахчы баар докумуоннарга тирэҕирэн, бииргэ үлэлэспит дьон ахтыыларын
сөптөөхтүк туһанан, бастакы чааһыгар бэйэтин дьүһүннүүр-ойуулуур суруйуутун быыһыгар, дьон эппит чахчыларын киллэрбитэ, ааҕар киһи болҕомтотун
тардара — бу автор кыайыыта, дии саныыбын.
Мария Николаева Габышева, СР норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ:
— Кинигэни илиибэр ылаат, сылаас сыһыанынан илгийбитэ. Хас биирдии илииһин арыйа баттаан ааҕан истэҕим аайы кинигэ истиилэ, киһиэхэ тиийимтиэтэ, олус борустуойдук, ыарахан тыллара суох суруллубут. Оҕолору хайгыыбын, маннык кинигэни таһаарарга сүүрүүтэ-көтүүтэ туспа үлэлээх киһиэхэ ыарахан буолуон сеп. Аҕалара — Дмитрий Федотович ийэтин уонна аҕатын төрүччүлэрин сөргүппүттэрэ хайҕаллаах суол.
Игнатьева Мария Семеновна, “Нам улууһа” муниципальнай тэриллии дьаһалтатын социальнай боппуруостарга баһылыгы солбуйааччы:
— Кинигэ суруллуутугар сөптөөх авторы уонна составителлэри булуу — дьол дии саныыбын. Хайдахтаах курдук чаҕылхайдык олорон ааспыт киһини автора
сатаммакка, суруллар киһи обраһа арыллымыан сөп. Автор уонна сотавитель
иккиэн тапсан үлэлээбиттэрэ кинигэттэн өтө көстөр, ити
кинигэ структуратыттан, суруллубут стилиттэн биллэр. Дьоһун айымньы, дьоһун кинигэ. Мин кинигэҕэ үрдүк сыанабылы биэрэбин.
Галина Георгиевна Алексеева, РСФСР норуотун үөрэҕириитин туйгуна, СР Учууталлар учууталлара:
— Бүгүн киһи уйадыйар, өрөгөй күнэ буолла. Фундаментальнай кинигэ таҕыста. Маннык кинигэ мээнэ тахсыбат, ол аата кинигэ төрүтчүттэн саҕалаан 4-5 көлүөнэ, былырыыҥҥы уонна быйылгы кыһыл оҕо төрөөбүтүгэр тиийэ оҥоһулунна. Кинигэ бэйэтин сыалын, задачатын ситистэ. Кинигэ ис киирбэх, эйэҕэс буолбут, арыйа баттаатын да хас биирдии суруллубут тыллара, этиилэрэ, абзацтара сылааһынан илгийэллэр, кинигэ тас уруһуйа ону көрдөрөр. Дмитрий Федотович Намын улууһун барытын
көрөн, тутан,
хас биирдии тэрилтэни, хас биирдии үлэ дьонун
хаска, хаһан баар буолуохтаахтарын, тугу гыныахтаахтарын, эндэппэккэ билэрэ уонна ону ситиһэрэ. Бу кинигэттэн аймахтар бэйэ-бэйэлэрин кытта чугастык билистилэр, мустан удьуордарын уустарын
ырыттылар.
Дьэ, бу курдук Наммыт улууһун тумус туттар киһибит Дмитрий Федотович Алексеев “Нам” совхоз директорынан, улуус бастакы баһылыгынан, Саха республикатын норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ, Бочуот знага орден кавалера, “Үлэ бэтэрээнэ”, Саха Республикатын “Гражданскай килбиэн” бэлиэ кавалера, советскай потребительскай кооперация уонна РСФСР норуотун үөрэҕириитин туйгуна
сырдык аата
кэлэр көлүөнэҕэ үйэтитилиннэ.