25.11.2024

Кэрэхсэбиллээх сынньалаҥ

Сааскы сылаас, чаҕылхай күннэр үүнэннэр, киһи таһырдьа сибиэһэй салгыҥҥа сылдьыан баҕарар.  Нам улуустааҕы киин библиотекатын профкомун көҕүлээһининэн, коллектив 9 киһилээх бөлөҕө  муус устар  1-2 күннэригэр  Кэбээйи улууһун Сиэгэн-Күөл нэһилиэгэр баар Соловьев Петр Ильич тэрийбит ООО «Чолбон-тур» туристическай базатыгар баран сынньанан кэллибит. Бастакы күн ыраас, дьэҥкир, түгэҕэ курдат көстөр Тумара үрэҕин устун хааман, хаҥкылаан, буранынан хатааһылаан, чэбдик салгынынан тыынан дуоһуйдубут. Иккис күн эрдэ туран, хомунан халлааҥҥа харбаспыт Дьааҥы хайаларыгар дабайдыбыт, 800 м. үрдүктээх Ньамньалба хайатын чыпчаалын дабайдыбыт уонна бука бары тутуспутунан тахсан, санаабытын ситэн, баҕа санаабытын толорон олус үөрдүбүт. Айылҕа кэрэтин үөһэттэн көрөн, киэҥ нэлэмэн Сахабыт сирин биир дьикти көстүүтүн сөҕөн-махтайан, хайа салгыныттан күүс-сэниэ ылан астынан-дуоһуйан кэллибит. Умнуллубат кэрэ-бэлиэ түгэннэри бэлэхтээбит, арыаллаан, сирдээн илдьэ сылдьыбыт Соловьев Петр Ильичка барҕа махталбытын тиэрдэбит. Айаммытын көҕүлээбит, өйөөбүт, көмөлөспүт библиотека профкомун председателигэр Семенова Сардана Николаевнаҕа улахан махтал!

Айаммыт төһө да ыраах буоллар, сылайар диэни билбэккэ, айылҕабыт барахсан маанылаабыт  мүөттээх салгыныттан  күүс-уох ылынан  дууһалыын  ырааһырдыбыт, санаалыын сандаардыбыт.

 

“Тумара” бөлөх аатыттан Раиса Гоголева

Мы используем cookie-файлы для наилучшего представления нашего сайта. Продолжая использовать этот сайт, вы соглашаетесь с использованием cookie-файлов.
Принять