Муус устар 27 күнэ биһиги республикабыт историятыгар биир сүрүн, сайдыы-үүнүү саҕаланыытын сүдү бэлиэтин быһыытынан букатыннаахтык киирдэ.
100 сыл анараа өттүгэр бу күн саха ньургун уолаттара Максим Аммосов,Платон Ойуунускай,Исидор Барахов уонна кинилэр доҕотторо Саха сиригэр Автономия олохтонуутугар, норуоттарын олоҕо тускулаах буоларын туһугар күндү кылааттарын киллэрбиттэрэ.
Быйыл Саха сирэ бүттүүн бөдөҥ общественнай, политическай деятель Максим Кирович Аммосов төрөөбүтэ 125 сылын туолар өрөгөйдөөх сылын бэлиэтиир.
Бу историческай улахан суолталаах дааталар Ийэ дойдуну таптыырга, төрөөбүт дойду туһугар бэриниилээх буоларга, Максим Аммосов чаҕылхай олоҕун холобурунан үүнэр көлүөнэни иитиигэ-үөрэтиигэ улахан олук буолаллара саарбаҕа суох.
Максим Кирович Аммосов олорбут олоҕо, төрөөбүт дойдутун туһугар оҥорбут үтүөтэ биһиги кэнчээри ыччаттарбытыгар суолдьут сулус, өлбөөдүйбэт өйдөбүл буолан ситиһиигэ, сайдыыга сирдии турдун!
Бу бэлиэ сыл чэрчитинэн Н. М. Рыкунов аатынан Нам улуустааҕы библиотекатын көҕүлээһининэн уонна өрөспүүбүлүкэтээҕи Аҕа түмсүүтүн тэрийиитинэн «Хас кыайыы, хас үүнүү хардыытын ахсын харахпар күлүмнүүр Аммосов Максим” диэн өрөспүүбүлүкэтээҕи аҕалар хоһоон ааҕыыларын биир ситим хамсааһыннара буолла. Тэрээһиҥҥэ уопсайа 18 улуустан уонна Дьокуускай куораттан 19 аҕа түмсүүтүн салайааччылара кыттыыны ыллылар. Кыттааччылар Юрий Потапов-Саргын «Төлөннөөх чаҕылхай Максиммыт», «Биһи Максим дьонноро» хоһооннорун өйтөн аахтылар. Биир ситим хамсааһын түмүгүнэн видеоролик оҥоһуллан Республика күнүнэн анал биэриигэ көстүөҕэ. Кыттыыны ылбыт аҕаларга, чуолаан өрөспүүбүлүкэтээҕи Аҕа түмсүүтүн салайааччытыгар Айхал Иванович Габышевка, Нам улууһун Аҕа түмсүүтүн салайааччытыгар Михаил Алексеевич Макаровка өйөбүллэрин, көмөлөрүн иһин улахан барҕа махталбытын тиэрдэбит.
Кунду ааҕааччылар! Бу үөрүүлээх, сүдү суолталаах күҥҥэ баҕарабыт Эһиэхэ эр санааны, тулалыыр эйгэбитигэр ил-эйэ букатыннаахтык олохсуйуутун, кытаанах доруобуйаны, бу уустук кэмҥэ бары биир сомоҕо буолан, түмсүүлээхтик дойдубут туһугар айыахха-тутуохха!