24.11.2024

Эр киһи эрэлбит-уол оҕо кэскилбит

Алтынньы 27 күнүгэр Н. Рыкунов аат. киин библиотекаҕа Ленскэй нэһилиэккэ Аҕа сылын уонна Аҕа күннэрин декадатын чэрчитинэн «Эр киһи эрэлбит-уол оҕо кэскилбит» диэн тэрээһин буолла. Көрсүһүүгэ кыттыыны ыллылар: Нам улууһун Аҕалар түмсүүлэрин салайааччыта Михаил Макаров, Нам улууһун военнай комиссариатын психологическай, профессиональнай сүүмэрдээһин уонна армияҕа сулууспалыы барааччылары кытта үлэҕэ көмөлөһөөччүтэ, прапорщик Вячеслав Сивцев, улуустааҕы “Буойун” түмсүү салайааччыта Павел Оконешников, байыаннай сулууспаны барар оҕолорго аналлаах хас да көмө кинигэ ааптара Роман Обутов, Нам нэһилиэгин Аҕа түмсүү салайааччыта Владимир Сыромятников, Никольскай нэһилиэгин баһылыга Алексей Кривогорницын уонна бастакы нүөмэрдээх орто оскуола 10-11 кылааһын уолаттара.
Бу тэрээһиҥҥэ аҕа түмсүүтэ улууска туох үлэ ыытылларын, былааннанарын кэпсээтилэр. Профессиональнай сүүмэрдээһин уонна армияҕа сулууспалыы барааччылары кытта үлэҕэ көмөлөһөөччүтэ, прапорщик Вячеслав Сивцев уолаттарга сүбэ-ама биэрдэ, улуустааҕы “Буойун” түмсүү салайааччыта Павел Оконешников экраҥҥа көрдөрөн туран түмсүү ис үлэтин билиһиннэрдэ, байыаннай сулууспаны барар оҕолорго аналлаах хас да көмө кинигэ ааптара Роман Обутов таһаарбыт кинигэлэрин билиһиннэрэн кэпсээтэ. СӨ культуратын туйгуна, мелодист, ырыаһыт Афанасий Татаринов Максим Аммосов туһунан бэлэх уунна. Нам 1 нүөмэрдээх оскуола улахан кылааһын уолаттара көрсүһүүгэ кэлэн бэйэлэрин интириэһиргиир боппуруостарын ыйыталаһан эппиэт истэн астынан, дуоһуйан, санаа атастаһан бардылар. Ити курдук эркин курдук эрэнэр Эр дьоммут, саргылаах санааларын атастаһан, өйдөрүн-санааларын түмэн кэнчээри кэлэр ыччаппытын Ийэ дойдуга бэриниилээх, хорсун санаалаах үтүө дьон буола улааталларыгар бэйэлэрин үтүө тылларын тиэртилэр.

Мы используем cookie-файлы для наилучшего представления нашего сайта. Продолжая использовать этот сайт, вы соглашаетесь с использованием cookie-файлов.
Принять