26.12.2024

Нам улууһа  «Улахан этнографическай диктант”  аахсыйаҕа кытынна

«Норуот элбэх — дойду биир» диэн бэргэн этиинэн, Сомоҕолоһуу күнүн чэрчитинэн, «Улахан этнографическай диктант» Норуоттар икки ардыларынааҕы аахсыйа быйыл сэттис төгүлүн сэтинньи 3-8 күннэригэр ыытылынна. Аахсыйаҕа республика библиотекалара көхтөөх кыттыыны ыллылар. Уопсайа 126 площадка тэриллэн 3000 кэриҥэ киһи Россия норуоттарын култуураларын, үгэстэрин, олохторун-дьаһахтарын төһө билэллэрин бэрэбиэркэлээн 30 ыйытыкка  билиилэрин тургуттулар.

Нам улууһугар Үөдэй, 1 Хомустаах, Партизан, Бөтүҥ, Хатыҥ Арыы, Хатырык, 2 Хомустаах, Түбэ, Таастаах, Никольскай библиотекалара 13 площадканы тэрийдилэр, уопсайа 186 киһи хабылынна.

Бу суолталаах аахсыйаҕа үрдүк баалы 1Хомустаахтан Евдокия Софронова (97б), Никольскайтан  Прасковья Протопопова (95б), Түбэттэн Ольга Емельянова (91б) ыллылар. Саамай аҕа саастаах кыттааччынан 84 саастаах Түбэ олохтооҕо Гуляев Петр Иванович буолла.

Бары аахсыйаҕа көхтөөхтүк кыттыбыт бар дьоммутугар махталбытын биллэрэбит.

Раиса Гоголева

Мы используем cookie-файлы для наилучшего представления нашего сайта. Продолжая использовать этот сайт, вы соглашаетесь с использованием cookie-файлов.
Принять