21.12.2024

Кылыһах сахалыы дорҕоон

Муус устар 19 күнүгэр библиотекабытыгар Хамаҕатта саха-француз лицейын 6-с кылааһын үөрэнээччилэрэ, салайааччы английскай тылын учуутала Алена Захаровна Герасимова ыалдьыттаатылар. Оҕолор сөҕө-махтайа  саҥа библиотекабытын көрдүлэр, библиотекабыт историятыттан билистилэр. Онтон кыраайы үөрэтэр саалабытыгар  дэгэрэҥ, дьиэрэтии ырыалары айар ааптары, толорооччуну, “Нам кылыһах” төрүт дорҕоон бөлөҕүн салайааччытын, улуустааҕы “Туллук хаара” мелодистар түмсүүлэрин чилиэнин, А.Шестаков аатынан улуустааҕы норуот айымньытын дьиэтин фольклорга специалиһын Мария Степановна Григорьева-Маайаны кытта олус интириэһинэй көрсүһүү буолла. Мария Степановна кылыһах дорҕоон туһунан “кылы-һах” диэн тылтан саҕалаан төрүт дорҕоон туһунан сиһилии кэпсээбитин оҕолор болҕойон олорон иһиттилэр. Мария Степановна кылыһах сахалыы инструмеҥҥа норуот ырыатын матыыптарын тыаһатан, “Саас буолаҕа”, “Һыт-тыа”, “Эрэкэ-дьэрэкэ оҕолор” уонна Егор Бугаев тылларыгар, бэйэтин матыыбыгар “Муҥхаҕа ыҥырыы” ыллаабытын оҕолор тыыммакка да олорон иһиттилэр. Түмүгэр норуот ырыаларын тыаһатан оҕолорго ханнык ырыа буоларын таайтаран, оҕолор сүрдээҕин билэллэрин бэлиэтээтэ.

 Маны таһынан оҕолорго Нам улууһун олоҥхоһуттарын, кимнээх чинчийэн үөрэппиттэрин билиһиннэрдибит. Биһиги улууспутугар көскө кэлэн олорбут сахалар олохторун-дьаһахтарын үөрэппит В.Серошевскай “Якуты” кинигэтигэр  Хамаҕатта нэһилиэгэр Артамон диэн дьикти куоластаах ырыаһыты суруйбутун туһунан кэпсээтибит. Түмүгэр оҕолор элбэх боппурурһу биэрэн аны Хамаҕаттаҕа олорор кылыһах сахалыы интсрумены оҥорор ууһу Руслан Афанасьевич Захаровы кытта көрсүһүөх буолан тарҕастылар.

Ити курдук кэнчээри ыччаппыт саха төрүт культуратын интириэһиргииллэрэ киһини үөрдэр.

Раиса Дьяконова

Мы используем cookie-файлы для наилучшего представления нашего сайта. Продолжая использовать этот сайт, вы соглашаетесь с использованием cookie-файлов.
Принять